Таатталар Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылаахтарын чиэстээтилэр
«Таатта улууһа» МО дьаһалтатыгар Өймөкөөн Томторун «Көмүс күрүө» этнокультурнай комплексыгар ыытыллыбыт «АЙЫЫ САНАА АЙАНА» Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи XVI ыһыаҕын кыайыылаахтарын чиэстиир тэрээһин ыытылынна.
Киэн тутта ааттыыр, биир дойдулаахтарбытын чиэстиир долгутуулаах түгэн сомоҕолуур күүстээх өрөгөй ырыатыттан саҕаланна.
Үөрүүлээх тэрээһини улууһун баһылыгын солбуйааччы Егор Ноенохов Олоҥхо ыһыаҕар Тааттаттан уопсайа 120 кыттааччы, сүрүннүүр тэрийээччи тиийэн, ытык Таатталарын ааттатан, үһүс төгүлүн «Кылаан Чыпчаал» үрдүк аатын сүгэн (2021 с. Александр Багардынов, 2022 с. Афанасий Попов), быйыл 2023 с. Алексей Николаев Саха өрөспүүбүлүкэтэ туруорбут анал бирииһин — 700 тыһ. солк граны ылбыттарын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахха ыытыллыбыт «Эр Бэрдэ» многоборье күрэһин муҥутуур кыайыылааҕа Владимир Михайлов Олоҥхо ыһыаҕын историятыгар тааһы быраҕыы түһүмэҕэр муҥутуур үрдүк көрдөрүүнү (рекорд) олохтообутун сырдатта.
Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар, сэттэ көрүҥҥэ кылаан кыайыылаахтар ааттанан, Таатта улууһун чиэстээхтик көмүскээбит биир дойдулаахтарыгар салалта аатыттан барҕа махталын биллэрдэ.
Таатта улууһугар 10-ча сыл «Олоҥхо ассоциацията» тэриллэн таһаарыылаахтык үлэлиирин, салайааччынан А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэрэ Изабелла Сивцева уонна улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир фольклор салаатын сүрүннүүр исписэлиис Майя Егорова көҕүлээһиннэринэн, сыл ахсын анал былаанынан туһааннаах үлэ-хамнас ыытылларын билиһиннэрдэ. Улуус дьаһалтата фольклор көрүҥнэригэр ыытыллыбыт күрэстэргэ харчынан бириэмийэ олохтоон, үрдүк ситииһиилэр кэлбиттэрин иһитиннэрэн туран, улуус салалтатыгар барҕа махталын тиэртэ.
Гаврил Вырдылин Таатта улууһа улуу убайдарбыт Өксөкүлээх Өлөксөйтөн саҕалаан, киэн туттар суруйааччыларбыт биир өйүнэн-сананан салайтаран, саха омуга тыыннаах хааларын туһугар, төрүт өбүгэбит култуурата муҥутуу сайдарыгар үлэлэспиттэрин этэн туран, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо: «Таатталар, эһиги, күн ууһун дьоноҕут, орто дойдуну көмүскүүр Айыы бухатыырдарынаҕыт» диэн өйдөбүл баарын сырдатта.
Ол туоһутунан улуустааҕы олоҥхо күөн күрэһэ тэриллэн, үһүс төгүлүн олоҥхону толорууга «Кылаан Чыпчаал» үрдүк аат кэлбитэ үөрдэрин бэлиэтээтэ. Олоҥхо күрэһин сүүмэрдиир түһүмэҕэр өрөспүүбүлүкэ бастыҥ 60 олоҥхоһутуттан 10 олоҥхону толорооччу түмүктүүр түһүмэххэ талыллыбытыттан үһэ Таатталар: Людмила Цой, Розалия Докторова, Алексей Николаев киирбитэ ураты суолталаах, долгутуулаах түгэнинэн буолбутун билиһиннэрдэ. Олоҥхону өрө тутар, бөлөхтөр сүбэһиттэрэ, салайааччылара, төрүттээччилэрэ, уһуйааччылара Алексей Николаев Кылаан бирииһи ылан, «Таатталар үс төгүл өрөгөйдөөтүбүт» диэн санаатын үллэһиннэ.
Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин уонна улуус баһылыгын солбуйааччы Егор Ноенохов Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылаахтарыгар Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров аатыттан Бочуотунай грамоталары, Өймөкөөн улууһуттан анаммыт өйдөбүнньүк бэлэхтэри уонна Б.Ф. Неустроев – Мандар Уус алгыһынан арчыламмыт биэс харахтаах харысхалы туттардылар: олоҥхо күрэһин муҥутуур кыайыылааҕа Алексей Николаевка, Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа хомус бэлэхтээбит «Дархан Уус», хомуска тута хоһуйуу түһүмэҕин кыайыылааҕа Эдуард Тарабукиҥҥа, многоборье күрэһин кыайыылааҕа Владимир Михайловка, уран тарбахтаах норуот маастара, «Байаҕантай таҥаһын» киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт Изабелла Элякова — Илгийээнэҕэ, «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» бөлөх (сал. Афанасий Поповка), «Кылыһах» фольклор бөлөҕүн (сал. Марина Говороваҕа), Валентина Харайданова – Эбээ Валяҕа, олоҥхону толорооччу, Ийэ олоҥхоһут — Көһөҥө Бүөтүр кыыһа Розалия Доктороваҕа, оһуохайы таһаарааччы Иван Потаповка, 2021 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕар «Кылаан Чыпчаал» аартыгын арыйбыт, олоҥхону толорооччу, чабырҕах күрэһин кыайыылааҕа Александр Багардыновка, Татьяна Слепцоваҕа, кэскиллээх олоҥхоһукка Альберт Шестаковка, норуот маастара, уран уус Алексей Харайдановка о.д.а.
Уһун айаҥҥа көмө-өйөбүл буолбут «ТОУ» аптаныамынай тэрилтэ дириэктэрэ Айсен Ивановка, сымнаҕас олбохтоох массыына суоппардара Архип Петровичка, Семен Николаевичка, Терентий Валерьевичка, Андриан Егоровичка, үөскээбит кыһалҕалары быһаарыыга көмөтүн иһин, суоппар Василий Александровичка о.д.а. махтал сурук бэрилиннэ.
Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Прокопий Турнин Олоҥхо Ыһыаҕар улуус чиэһин көмүскээбит биир дойдулаахтарын ситиһиилэрэ — нэһилиэк олохтоохторун бүттүүн үөрүүтэ буолбутун бэлиэтээн туран, «Кылыһах» норуодунай фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта Марина Говороваҕа уонна «Татыйык» бөлөх салайааччыта Алена Сабарайкинаҕа барҕа махтал тылларын эттэ. Тыараһа нэһилиэгинээҕи норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Алена Сабарайкинаҕа сэртипикээт, махтал сурук туттарылынна.
Эһиил Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕар Ытык Таатта аатын үрдүктүк тутан ааттатар туһугар баҕа санаа бастыҥа этилиннэ.
Мария Павлова
«Таатта» хаһыат