«Абыйдар дуо?» — дэтэр гына
Былыргы былдьаһыктаах дьыллар быралыйар быраман мындааларыттан, урукку охсуһуулаах дьыллар уларыйар уорҕаларыттан, ааспыт араллааннаах дьыллар анараа таһааларыттан саха норуотун мындыр өйүн, аан дойдуну, олоҕу анаарыытын түмэн көрдөрөр, киһи кыаҕын уруйдуур, ийэ тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэриммит сүдү айымньыбыт олоҥхо буолар.
Олоҥхо — норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала, бухатыырдар хорсун сырыыларын хоһуйар эпическэй айымньы. Олоҥхо дириҥ суолтатын өйдөөн, 2005 сыллаахха ЮНЕСКО тэрилтэтигэр Париж куоракка киһи аймах чулуу айымньытын быһыытынан билинэн, төһөлөөх элбэх тэрээһин ыытыллыбытын ааҕан сиппэккин. Ол тэрээһиннэртэн биир бастыҥнара Олоҥхо ыһыаҕа буолар.
Оттон быйылгы ыһыах аан бастакытын хоту улууска, Өймөкөөн сиригэр, ыытыллар буолан, уратылаах буолара эрдэттэн сэрэйиллэр этэ. Ол курдук, бу дойду айылҕата кэрэтинэн, дириҥ историятынан, аан дойдуга тымныы полюһун быһыытынан биллэр.
Абыйдар быйыл киэҥ далааһыннаахтык уонна тэрээһиннээхтик кытыннылар. Култуура салалтатын сүрүн сыалынан ыһыахха, төһө кыалларынан, араас күрэххэ элбэх киһини көхтөөхтүк кытыннаран, олохтоох фольклорбут айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһааран, «Абыйдар бааллар», — дэтэр гына улууспут чиэһин көмүскээһин этэ. Ол курдук, быйыл Абый улууһуттан 50 киһи кытынна. Делегацияны баһылык Владимир Новиков салайда.
Өймөкөөн ыһыаҕар барар туһунан боппуруоһу олунньуга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата оччуоттуур мунньаҕар кэлэ сырыттаҕына туруорсубуттара. Инньэ гынан, биһиги эрэ улууспутугар чартернай рейсы биэрэн, Белай Гора — Теплай Ключ — Белай Гора хайысхаҕа самолетунан 30 киһи буор-босхо кэлэ-бара сырытта. Итиниэхэ улууспут салалтата быһаччы кыттыһан, кэпсэтэн, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата өйөөн, төлөөн, сүҥкэн көмөнү оҥордулар. Ону таһынан 20 киһи Дьокуускайтан массыынанан, оптуобуһунан босхо айаннаатылар. Айан суолун сорох өттүн уонна аһылыгы Абый улууһа уйуммута хайҕаллаах, махталлаах уонна атын улуустарга холобур да буолуон сөп. Ол курдук, атын улуус кыттааччылара бачча ыраах хоту сиртэн наһаа элбэх киһи кыттыбытыттан сөхтүлэр да, ымсыырдылар да.
Бэлэмнэнии үлэтэ Ыһыах балаһыанньатын тутаат дасаҕаламмыта. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбит биир улахан тэрээһинин бигэргэммит балаһыанньатын балайда кэтэһэ түспүппүтүн кэннэ кэлбитэ.
Култуура салалтатын үлэһиттэрэ (салайааччы Айталина Унарова) сүүрэн-көтөн, кыһыҥҥы суолунан түһүлгэни киэргэтэргэ туттуллар малы-салы эрдэ ыытан, үчүгэйдик тэриннилэр диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Оттон Екатерина Соломова барар дьону кытта сибээһи быспакка, кэпсэтэ, барытын наһаа үчүгэйдик быһаара олорбута хайҕаллаах. Эмиэ управление үлэһитэ Аркадий Егоров кыттааччыларга репертуар таларга, бэлэмнэнэргэ күүс-көмө буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох, итиэннэ Абый фольклорун олохтоохторуттан да үчүгэйдик билэрэ сөхтөрдө уонна үөртэ.
Улууспут делегацията бэс ыйын 29 күнүгэр айаннаан, Өймөкөөҥҥө барар суолга, чуолаан, Теплай Ключтан саҕалаан, киһи эрэ хараҕа кэрэхсиэх үрдүк хайалардаах кэрэ айылҕатын көрө-көрө, тохтоон, хайа быыһынан сүүрэр ыраас уутун ыймахтаан, ирбэт муустаах тарыҥҥа сөҕө-махтайа хаартыскаҕа түһэ-түһэ айаннаата. Дьэ, кырдьык, Сахабыт сирин айылҕата соҕуруу дойдуттан итэҕэһэ суох кэрэтин өссө төгүл итэҕэйдибит. Ол курдук, Өймөкөөн сирэ айылҕатын кэрэтинэн, уратытынан үгүс киһини ыҥыра-угуйа турдаҕа.
Ыһыах хоту улууска буоларын быһыытынан, биир сүрүн уратытытынан икки түһүлгэ тэриллиитэ буолла. Ол курдук, сүрүн түһүлгэни таһынан хотугу норуоттарга эмиэ ураһа туруорулунна. Манна урбаанньыт Алексей Слепцов култуура салалтатын көрдөһүүтүн ылынан, эбээн малын-салын тиэйэн, улаханнык көмөлөспүтэ.
Сүрүн түһүлгэҕэ Далбар Хотуттарбыт тикпит паннолара, киэргэллэрэ ыалдьыттар болҕомтолорун тартылар. Улууспут олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр стендэлэр, планшеттар, тарбахтарыгар талааннаах биир дойдулаахтарбыт оҥоһуктара турдулар. Итини сэргэ, төрөөбүт дойдубут аһа-үөлэ дэлэгэйэ сылдьыбыт киһини барытын сөхтөрдө. Ким туох астааҕынан астаан аҕалан, хотулардыы ыалдьытымсах майгыбытынан ас эгэлгэтин дэри-дэлэччи тардан кэбистибит. Маныаха урбаанньыт Анатолий Чирков, кэргэнэ Екатерина Михайловналыын ордук элбэх саха мааны аһынан күндүлээтилэр. Култуура үлэһиттэрэ кыһыннары кэпсэтии ыытан, булан-талан, ас эгэлгэтин хаһааммыттарын этэр тоҕоостоох. Онон түһүлгэлэрбит дьон болҕомтотун тартылар.
Ыһыах тэрээһиннэрэ бэс ыйын 30 күнүттэн саҕаламмыттара. Ол курдук, Абый улууһун делегацията Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэтин баран көрдө, норуот бөлүһүөктэрэ, наука дьоно кыттыылаах «Үүнэр үйэ үрдэлэ» сэһэн-сэппэн түһүлгэтигэр сырыттылар. Меценат, бастакы гильдиялаах атыыһыт Николай Осипович Кривошапкиҥҥа анаммыт «Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ» сэһэн-сэппэн түһүлгэтигэр урбаанньыттар, наука дьонун көрүүлэрин иһиттилэр.
Киэһэ бочуоттаах олоҥхоһуттар, олоҥхоҕо саҥа холонор дьону саха балаҕаныгар мунньан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Өймөкөөн улууһун салалтатын кытта көрүһүннэрдилэр, минньигэс астаах сандалы тула олордон маанылаатылар.
От ыйын 1 күнүгэр сарсыарда Ыһыах арыллыытын сиэрин-туомун кэннэ олохтоох олоҥхоһут М.Ф.Аммосов «Дугуйа Бөҕө» олоҥхотунан туруоруллубут дьүһүйүү (реж. Андрей Борисов, сценарист – Майя Власьева) көрөөччү кутун тутта. Дьүһүйүү декорацията, массовката, кыттааччылар таҥастара-саптара, музыката, тыаһа-ууһа барыта олус үчүгэйдик толкуйданан туруоруллубут. Көрөөччүлэр кытта айымньы сөллүүтүгэр кыттыыны ыллыларр. Ол курдук, кинилэргэ эриэн ситиигэ салама баайалларыгар көрдөстүлэр, ону ылан, айыы бухатыыра кыыһын хараҥа хаайыыттан быыһаабыта олоҥхо сүрүн санаатын наһаа үчүгэйдик арыйда: айыы санаа, алгыс тыла хара санааны кыайда. Үтүө санаа өрөгөйдүүрүн, сырдык хараҥаны кыайыытын көрдөрөргө алгыстаах саламаны туһаныыта — режиссер булумньута. Андрей Борисов туруорууларыгар бэлиэлэри (символлары) үгүстүк туттааччы. Онон Олоҥхо Ыһыаҕын уус-уран туруоруутун бары да астына көрдүбүт.
Салгыы биирдиилээн күрэстэр тустарынан
Абыйтан «Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ» быыстапкаҕа хас да киһи кытынна. Мастан оҥоһукка Спиридонов В.И., Эверстова А.Д., тимир уустарга Климовскай А.И., туоска Ефимов Н.Л., иискэ Черемкина К.М., Никулина М.А., Макарова Т.И., Шкулёва А.А., Тимофеева С.С., Скрябина А.Ф.,
Слепцова Л.Е., Атласова И.Н., Голикова А.Ф., Тайлакова Бахтыгуль, Соломова Е.М., Сутуруоха Далбар Хотуттара, «Айылгы» түмсүү (сал. Габышева Г.С.) уран тарбахтарынан, сылаас илиилэринэн оҥорбут үлэлэрэ дьон-сэргэ хараҕын сымнаттылар, сүрэхтэрин сылаанньыттылар.
Сорох үлэлэри балаһыанньаҕа барсыбат диэн көрбөтүлэр. Инникитин, иистэнньэҥнэр, уустар норуот үгэс буолбут оҥоһуктарынан кыттарга эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ ирдэнэр. Аныгылыы моһуоннаах оҥоһуктары дьүүллүүр сүбэ көрө да барбата.
«Кыраһа» ансаамбыл «Ытык сиргэ эҕэрдэбин аҕаллым» ыһыах ыалдьыттарын кэнсиэригэр кыттан, дьон сэҥээриитин ылла.
Олоҥхоҕо хайаан да кыттыах тустаахпыт, абыйдар олохтоох олоҥхолорун иһитиннэриэхтээхпит диэн бастакыбытын «Уруйдан, улуу Олоҥхобут!» күөн-күрэскэ холоннубут. Онон 7-17 саастаах оҕолорго Долгуйаана Слепцова Айыы Ойууна И.А.Суздалов — Сапалай «Үчүгэй Үөтүлээн бухатыыр» (салайааччы – Аркадий Егоров, Белай Гора), Слепцов Марат Г.Ф.Никулин — Чаахча Хабыыттата «Эрис Халлаан уола Эр Соҕотох» (салайааччы Туйара Никулина, Кэбэргэнэ нэһ.), улахаттарга 36 үөһэ сааска мин Айыы Ойууна К.И.Чирков «Тура төрөөбүт Туллук тураҕас аттаах Дьураа Бөкө» (Муҥурдаах нэһ.) олоҥхолорун толордубут.
Олоҥхоһуттар күрэстэрин туһунан тохтоон эттэххэ маннык. Бу — ыһыах сүрүн көрүҥэ. Дьон олоҥхоҕо наһаа баҕалаах эбит диэн бэлиэтии көрдүм. Кыттааччыта да элбэҕэ ону туоһулуур. Оҕолор, ыччат, улахан дьон, биирдиилээн, бөлөҕүнэн, ону таһынан тута хоһуйууга эмиэ туспа күрэх. Холобур, 36+ сааска биирдиилээн толорууга 71 киһи кытынна. Дьүүллүүр сүбэ бириэмэ тиийиэ суоҕа диэн сорохтору 29 чыыһылаттан саҕалаан истибит, кэнники икки бөлөххө араардылар, 20 мүнүүтэҕэ диэн хааччахтаан кэбистилэр. Аны бу сааска уопуттаах кырдьаҕас олоҥхоһут элбэх. Инньэ гынан НВК фондатыгар киирэҕит диэн моҕол ураһа иһигэр икки камеранан уһуллулар. Кыттааччылар саҥаран-иҥэрэн, этэн-тыынан, куоластарын араастаан уларытан, ыллаан-туойан доллоһуталлара истиэххэ кэрэтиэн. Аны туос ураһа иһэ киэһэ хабыс-хараҥа, холумтаҥҥа уот отуннулар, акустиката бэртээхэй, киһи эрэ истэ-истэ олоруох курдук. Истээчилэр «Ноо!» — диэн тэптэрэн иһэллэр. Сорох-сорохтор наара ороҥҥо сытан иһиттилэр. Хайдах эрэ оччотооҕу быһылааннаах үйэлэргэ баран кэлбит саҕа сананаҕын. Ону биһиги саҥа кыттар буолан, долгуйуу бөҕө. Аттыбар түбэһэ олорбут кыргыттарбыттан ыйыппыппар, биһиги уопуттаахпыт дэстилэр. Биир кыыс улууһугар олоҥхолоон, УАЗ патриот ылан турардаах эбит.
Олоҥхоҕо улахан дьоҥҥо кылаан кыайыылаах 700 тыһ. солк., ыччакка 300 тыһ. солк. ыллылар. Ону таһынан I, II, III үрдэллэр уонна анал ааттар. Анал ааттарга урукку сылларга барыларыгар бириис биэрэллэрэ үһү, быйыл суох. Тута хоһуйууга тиэмэтин тардан ылаллар да, олоҥхолообутунан бараллар. Олус көхтөөхтөр, киһи эрэ хайҕыах. Онон олоҥхо түһүлгэтигэр ураты салгын, ийэ тыл этигэнэ, хомоҕойо, куйаханы күүрдэр, куту-сүрү долгутар ураты эйгэтэ манна баар диэн эккинэн-хааҥҥынан билэргэ дылыгын.
Хотугу норуоттар олоҥхолорун (нимкан) эмиэ иһиттибит. Инникитин эбээннии да, сахалыы да олоҥхоҕо бары сааска дьону кытыннарарбыт буоллар, бэрт буолуо этэ. Оттон быйыл кыттан, абыйдар да олоҥхолоохтор эбит дэттэхпит.
«Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ — барыбыт түмсүүтэ!» оһуохай таһаарааччыларын күөн күрэһигэр 86 киһи кытынна. Биһиги улууспутуттан Аркадий Егоров, Аксинья Жиркова бастакытын кытыннылар, түүннэри күн тахсара чугаһаабытын кэннэ оһуохайдаан ойдулар, дьон-сэргэ биһирэбили ыллылар.
«Дуорай, миэнэ тойугум!» күөн күрэскэ Татьяна Иванова, Светлана Слепцова кытыннылар. «Дэгэйэ дьиэрэй, дэгэрэҥ ырыам!» күөн-күрэскэ Татьяна Иванова, Алексей Слепцов балаһыанньанан иккилии ырыанан кыттан, улуустарын чиэһин көмүскээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу көрүҥнэргэ ааттаах-суоллаах ыллааччы-туойааччы хара баһаам, онуоха биһиги да дьоммут эрдэттэн үчүгэй бэлэмнээх, турукка киирэн кытыннахтарына, араа-бараа киирсииһилэр диэн санааҕа кэлэҕин.
«Чэй эрэ, чабырҕахтаан чаҕаарыах!» күрэскэ Татьяна Иванова айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй «Билбит-көрбүт» чабырҕаҕын толорбута кэрэхсэбиллээх.
Хотугу норуоттар түһүлгэлэригэр Кэбэргэнэ нэһилиэгиттэн кэлбит кыттааччыларга эбээн култууратын фольклорун тута сылдьар ытыктыыр киһибит Акулина Слепцова дьиэ кэргэнинээн бэйэлэрин омуктарын култууратын, олоҕун-дьаһаҕын сырдаппыттара хайҕаллаах. Эбээн култууратын удьуорунан утумнаахтык бэриллэн иһэриттэн киһи үөрэр. Акулина Дмитриевна кыыһа Евдокия Алексеевна, сиэнэ Дмитрий Слепцов, хос сиэннэрэ Сережа Степанов, Марат Слепцов бары һээдьэҕэ кытыннылар. Бу буоллаҕа, утумнааһын диэн! Өбүгэ ситимэ быстыбат.
Быйылгы ыһыах биир уратытынан успуорт көрүҥнэрэ киирбиттэрэ буолар. Абыйтан ох саанан ытыыга эдэр ыччаппытыттан Вероника Унарова, Марк Оконешников кытыннылар. Бу спортсменнарбытын тренердэр эдэр кэскиллээх оҕолор, үчүгэйдик дьарыктаныҥ диэн сүбэлээбиттэр.
«Эр бэрдэ» күрэххэ өрөспүүбүлүкэбит ааттаах-суоллаах спортсменнар ортолоругар эдэр кэскиллээх ыччаппыт Альберт Слепцов VI көрдөрүүнү ситистэ. Бу үчүгэй саҕалааһын. Хапсаҕайга ДЮСШ дириэктэрэ Александр Новиков кытынна.
Ыһыах кэмигэр аҕыйах сыл иһигэр туоһунан дьарыктананан, өрөспүүбүлүкэҕэ аата-суола номнуо биллэр Николай Ефимовка «Абый улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ туттарылынна. Оттон улуус култууратын олоҕун көхтөөх кыттааччыта, иистэнньэҥ Изольда Атласоваҕа «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр илиинэн оҥоһук сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ туттарылынна.
Олоҥхо ыһыаҕын ситиһиилэрэ
- Акулина Слепцова – «Һээдьэ» күрэҕэр ГРАН-ПРИ хаһаайката. 50 тыһ. солк.
- «Алтан күрүө» түһүлгэ күрэҕэр I миэстэ. Бирииһэ – 40 тыһ. солк.
- «Туостан оҥоһуктар» көрүҥҥэ Ефимов Николай Леонидович I үрдэл. 30 тыһ. солк.
- Степанова Евдокия Алексеевна 36+ «Һээдьэ» күрэҕэр — II үрдэл. 30 тыһ. солк.
- Аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылынан уус-уран айымньыларын толорууга «Кыраһа» ансаамбыл III үрдэл, (салайааччы Аграфена Глушак), 20 тыһ. солк.
- Слепцов Дмитрий Семенович «Һээдьэ» күрэҕэр (18-35 диэри саастаах эдэр дьоҥҥо) III үрдэл. 10 тыһ. солк.
- «Үлэнэн чэлгийэр Сахам Сирэ» уус-уран оҥоһуктар быыстапкаларын күөн-күрэһигэр «Өбүгэ үгэстэринэн иистэнии» көрүҥҥэ «Айылгы» холбоһук (салайааччы Галина Габышева) — III үрдэл, 10 тыһ. солк.
- «Удьуор утума» анал ааты Кэбэргэнэттэн сылдьар саамай кыра кыттааччыбыт, 11 саастаах Сережа Степанов «Һээдьэ» күрэҕэр ылла.
- «Дьүрүскэн» хомус ансаамбыл — «Эгэлгэлээх айымньы» анал аат (салайааччы Елена Слепцова), 5 тыһ. солк.
- «Кылтан-сиэлтэн» оҥоһуктар көрүҥҥэ Татьяна Макарова — анал аат, 5 тыһ. солк.
- Олохтоох автор И.А.Суздалов — Сапалай «Үчүгэй Үөтүлээн бухатыыр» олоҥхону Долгуйаана Слепцова (Белай Горатааҕы оҕо искусствотын оскуолата, салайааччы Аркадий Егоров) — махтал сурук.
- «Нёчэ» оҕо фольклорнай ансаамбыла (салайааччы Албина Соломова, Майыар орто оскуолата) — махтал сурук.
- «Уруйдан, улуу Олоҥхобут!» күөн-күрэскэ Анджела Рязанская — махтал сурук.
- Һээдьэ аксакала, биһиги бары ытыктыыр-убаастыыр киһибит, кырдьаҕас учуутал, эбээн култууратын тарҕатааччы Слепцова Акулина Дмитриевна — махтал сурук.
- «Мастан кыһан оҥоһуктар» көрүҥҥэ Спиридонов Василий Ивановичка – Барҕа Баһылайга анал аат.
- Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын таҥаһын көрүүгэ Никулина Мария Афанасьевна — «Дьүкээбил оһуора» анал аат.
- «Дуорай, миэнэ тойугум!» күөн-күрэскэ Светлана Слепцова — махтал сурук.
- «Дэгэйэ дьиэрэй, дэгэрэҥ ырыам!» күөн- күрэскэ Алексей Слепцов — махтал сурук.
- «Дьырылата дьүрүһүйэр Олоҥхо дойдутун хомуһа» күөн-күрэскэ кыттыбыт «Дьүрүскэн» хомус ансаамбыл (салайааччыта Елена Слепцова) — махтал сурук.
- «Һээдьэ» күрэҕин кыра кыттыылааҕа, удьуор утуму салҕааччы, Марат Слепцов — махтал сурук.
Онон өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар абыйдар улууспутун бэйэбит кыахпытынан үчүгэйдик көмүскээтибит.
Быйылгы уопсай тэрээһин чахчы да өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Барыта 14 улуус, 3000 киһи кыттынна. Тэрийээччилэр бэйэлэрэ да этэллэринэн, хоту, сырыыта ыраах сиргэ аҕыйах киһи кэлиэ дии санаабыттара сүрдээх элбэх киһи кэлбититтэн сөхпүттэр. Олоҥхо ыһыаҕар норуот өрө көтөҕүллүүтэ, айымньылаах үлэ, үтүө санаа, үөрүү-көтүү тыына олохсуйбут дьиҥ норуот бырааһынньыгар кыттыспыппытыттан олус үөрдүбүт.
Өймөкөөҥҥө, ыһыахха киһи көрөрө элбэх. Николай Ефимов кэпсэтэн, биир киэһэ хайа анныгар баар Чысхаан резиденциятыгар — ирбэт тоҥҥо буор босхо экскурсиялаатыбыт. Чочур Мыраан анныгар баар булуустан быдан улахан киэҥ эбит, муус оҥоһуга да элбэх. Абыйтан Владимир Малашкин сэлии төбөтүн бэлэхтээбит эбит. Онон абыйдары үөрэ көрүстүлэр. Хайалаах Өймөкөөн сиригэр баҕа санаалар туолаллар дииллэр, онон хас биирдии киһи баҕа санаатын этэн баран таҕыста. Ол гынан баран кыттар буоламмыт, өссө да элбэҕи көрбөтүбүт дии санаатым.
Абый улууһун дьаһалтата (баһылык Владимир Новиков) уонна култуура салалтата (салайааччы Айталина Унарова) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, бырабыытылыстыбатыгар, Өймөкөөн улууһун дьонугар-сэргэтигэр, тэрийээччилэргэ,
кыттааччыларбытыгар, күүс-көмө буолбут бука бары биир дойдулаахтарбытыгар махталларын биллэрэллэр уонна ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлииллэр, инникитин да көхтөөх түмсүүлээх буоларгытыгар ыҥыраллар.
Бу ыһыах түмүгүнэн туохха болҕомтону ууруохха сөбүн, итэҕэстэри-быһаҕастары туоратан, Абый улууһа инникитин өссө үчүгэйдик уонна ситиһиилээхтик кытта туруо диэн эрэниэҕиҥ.
ЫҺЫАХ КЫТТААЧЧЫЛАРЫН САНААЛАРА
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Абый улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Акулина Слепцова:
- Этэллэрин курдук, Айылҕа ытык эргиирэ, айыы-санаа айана. Олоҥхо ыһыаҕар сылдьан, олус диэн үөрэн-көтөн дойдубар Абыйга Кэбэргэнэбэр кэлэн саныы-ахта олоробун… Биһиэхэ даҕаны, соҕуруу аатырдар дойдуларын курдук, дьон сынньанар миэстэлэрэ бааллар эбит: бу кыраһыабай үрдүк субурҕа сис хайалар быыстарынан, үрдүлэринэн уонтан тахса чаас устата айаннаан иһэн, сылайыахтааҕар, хата, наһаа үчүгэйдик сынньаммыт курдук сананным. Өссө даҕаны айанныахпын, тиийиэхтээх сирбит Өймөкөөн улууһа Томтор бөһүөлэгэ кэлэ охсубут эбит… Оҕо сааспын санаан ыллым… бу маннык хайалар быыстарынан табанан көһө сылдьан улаатан, ып-ыраас салгынынан тыынан, дойдубут биэрэр сибиэһэй аһын аһаан улааппыт кэмнэрбин. Төрөппүттэрбэр олус диэн махтана саныыбын!
Оттон билигин, биһиги төрөөбүт дойдубут хайдахтаах курдук сайдыбытын, сайдан иһэрин илэ харахпытынан көрөн-истэн эр санаабыт өссө күүһүрэр буоллаҕа! Суола үчүгэйэ! Трасса олус үчүгэйдик оҥоһуллубут эбит!
Бу барыта Сахабыт сирин үрдүкү салалтата инники сайдар суолбутун, программатын сатабыллаахтык тыыран оҥороллоруттан тутулуктааҕа саарбаҕа суох! Олоҥхо ыһыаҕа-2023. Бу — улахан үлэ!
Бу боростуой ыһыах буолбатах – республиканскай. Өссө хотугу Арктика улууһугар. Доҕордоһуу ыһыаҕа буолан ааста. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыттан, эбээн, Саха ураһалара кэккэлэһэ тураллара, кыраһыабайдара. Бииргэ үлэлиири сомоҕолоһууну көрдөрдө! Быыстапкаларбыт, ырыабыт, тойукпут, үнкүүбүт, оһуохайбыт, һээдьэбит, чабырҕахпыт, олоҥхобут. Бу барыта ой дуораанын курдук иһиллэрэ кэрэтиэн! Олус сиэдэрэй! Наһаа дуоһуйан сынньанан кэллим!
Бу маннык үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырытыннарбыт, кытыннарбыт Абыйым улууһун баһылыгар Владимир Новиковка, улуустааҕы култуура салаатын үлэһиттэригэр (сал. АйталинаУнарова) тэрээһин саамай көхтөөх кыттыылаахтарыгар Екатерина Соломоваҕа, Надежда Поповаҕа, Кэбэргэнэм баһылыгар Иван Атласовка барҕа махталбын тиэрдэбин. Бу сылдьан элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Билэр-билбэт дьоннорбутун көрсөн санаа атастаһан үөрдүбүт-көттүбүт!
Инникитин даҕаны күүрүүлээх үлэни, дьоллох олоҕу баҕарабыт.
Василиса, Николай Ефимовтар:
- Индигир өрүспүт саҕаланар сиригэр кэрэ ураты айылҕалаах Өймөкөөн Томторугар буолбут Олоҥхо ыһыаҕар Абый улууһун улахан делегациятыгар киирсэн, олус ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. Ол курдук, илии оҥоһуктарыгар туоска маҥнайгы миэстэ ылан үөрдүбүт. Төрөөбүт улууһум аатыттан араас хабааннаах быыстапкаларга кыттыбыппын, ситиһиилэммиппин сыаналаан «Абый улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни туттарда.
Бу сылаалаах, түбүктээх 4 күҥҥэ бары биир сомоҕо, оҕо, кырдьаҕас, тойон, хотун диэн арахсыбакка иллээх, эйэлээх, түмсүүлээх хамаанда буолан сырыттыбыт. Бу хас биирдии кыттааччы ситиһиитин төрдө буолар. Маннык тэрээһиннэргэ сылдьан, элбэх дьоҕурдаах дьону көрсөн санаа атастаһар, туһалаах сүбэлэри ылар, элбэх уопут, билбэтэҕин билэр, саҥа көрүүлэри көрөр, үгүс билсиһиилэри олохтуур.
Маны барытын тэрийбит, туруорсан ситиспит улууспут дьаһалтатыгар, култуура салалтатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Өссө даҕаны улууспутун ааттата туруохпут.
Альбина Соломова, «Нёчэ» оҕо фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта:
- Бөлөх оҕолорун, төрөппүттэрин, салайааччыларын аатыттан олохпутугар биир умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэни бэлэхтээбит улууспут баһылыгар Владимир Новиковка, нэһилиэкпит баһылыгар Иван Атласовка, култуура салалтатын салайааччытыгар Айталина Унароваҕа, Екатерина Соломоваҕа, оскуолабыт дириэктэригэр Сардана Чероваҕа, бары күүс-көмө буолбут дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Барыгытыгар доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу-соргуну, бары үчүгэйи!
Анджела Рязанская
А.А.Дохунаева аатынан төрүт култуура киинин уус-уран салайааччыта