“Тойон Дьаҕарыма” олоҥхону аммалар күргүөмүнэн аахтылар
Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыах күн араас эгэлгэ күрэхтэр ыытыллыннылар.
Ким сатаан тойуктуур, оһуохайдаан дьиэрэтэр, уран да тарбахтаахтар кинилэргэ анаммыт күрэхтэргэ көхтөөхтүк кытыннылар
Биир саамай сэргэх тэрээһин – Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотун күргүөмнээхтик ааҕыы. Бэрт интэриэһинэй буолла. Манна ананан оҥоһуллубут түһүлгэҕэ 44 киһи кэлэн кыттыыны ылла.
Бу түһүлгэҕэ 2024 сылга Амма улууһугар ыытыллыахтаах ыһыах эмблеметин күрэҕин түмүгүн таһаардылар. Манна кыайыылааҕынан Амматтан Юлия Голикова таҕыста.
«Амма олоҕо» хаһыат
Поделитесь этой страницей