Ситиһии сиэтэллээх - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах / Ситиһии сиэтэллээх

Ситиһии сиэтэллээх

«Айыы санаа айана» Олоҥхо XVI ыһыаҕа өрөгөйдөөх Өймөкөөн сиригэр Томтор сэлиэнньэтин “Көмүс күрүө” этнокультурнай комплекска икки күннээх түүн киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.

Уус Алдан улууһа 70-тан тахса киһилээх кэлэн, Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөх кыттыыны ыллыбыт. Дэлэгээссийэни улуус баһылыгын солбуйааччы Семен Бурнашев, улуус култуураҕа управлениетын начальнига Иннокентий Аммосов салайдылар.

Икки күннээх Олоҥхо ыһыаҕар биир дойдулаахтарбыт ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук үс күн устата ыытыллыбыт «Уруйдан, улуу Олоҥхобут” өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн-күрэскэ оҕолорго: «Кулуһун» бөлөх — 1 миэстэ, Иван Колодезников «Олоҥхо этиитин тэтимэ» анал аат, Кэскилээнэ Троева «Дорҕоон тойуктаах» анал аат хаһаайыннарынан буоллулар. Ыччаттарга: Диана Петухова анал бирииһи, Антонина Артамонова «Олоҥхо ырыатын дэгэтэ» анал ааты, улахан дьоҥҥо Кыыдаана Петухова «Олоҥхо ырыатын дэгэтэ» анал ааты, тута хоһуйуу түһүлгэтигэр Семен Черноградскай 3 миэстэни, улахан дьоҥҥо бөлөҕүнэн толорууга «Түһүлгэлээх олоҥхоһуттар» анал ааты ыллылар.

Маны сэргэ «Хоҥкунуур хомуспут охсулунна» өрөспүүбүлүкэтээҕи хомус уустарын күрэҕэр I үрдэли Спиридон Иванов, II үрдэли Петр Куличкин-Быйаман Уус ылары ситистилэр

«Үлэнэн чэлгийэр Сахам Сирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран оҥоһуктар быыстапкаларын күөн күрэстэригэр барыта 29 маастар 10 көрүҥҥэ кытынна. Кыайыылаахтар: «Кылтан кынаттанан, сиэлтэн ситимнэнэн» кылтан сэлээппэ өрүүтүн күрэҕэр Марфа Васильева – анал аат, кыл сиэл оҥоһуктарга Мария Петрова – I Үрдэл, анал аат, Ольга Томская – анал аат, тирииттэн оҥоһукка Ольга Колодезникова – анал аат.

Ат уостуганын, туйах ыраастыыр иэт оҥорууга тимир уустар күөн күрэстэригэр Афанасий Шепелев – I үрдэл, Илья Готовцев – II үрдэл, саха ох саатын оҥорууга уонна удьурхайтан оҥоһукка Семен Петров – анал аат, мас оҥоһукка Мичил Бурцев – II үрдэл. Саха сирин төрүт олохтоохторун таҥаһын көрүүтүгэр Алдана Егорова, Матрена Москвитина – анал ааттар.

Оттон ат толору симэҕин көрүүтүгэр Уус Алдан улууһун маастардарын үлэтэ Кылаан Чыпчаал уонна «Өбүгэ сэлэтэ» анал ааты ылан, 100 тыһ. солк. сэртипикээтинэн бэлиэтэннэ.

«Дэгэйэ дьиэрэй, дэгэрэҥ ырыам» дэгэрэҥ ырыа күрэҕэр Андрей Никитин – анал аат, Ньургуйаана Никитина – анал аат уонна Василий Новоприезжай Гран При үрдүк аатынан наҕараадаланна.

«Чэ эрэ, чабырҕахтаан чаҕаарыах!» куонкуруска Ньургуйаана Никитина – 3 үрдэл, «Дуорай мин тойугум» Сайдам Айар Кыыдаана – анал аат, Василий Новоприезжай – анал аат, Василий Местников – анал аат, «Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ – барыбыт түмсүүтэ» оҕолорго Ваня Колодезников – анал аат, Диана Петухова — I үрдэл, ыччаттарга Василий Местников – анал аат. «Хоҥкунуур хомуспут охсулунна» хомус күрэҕэр Чэмэлиинэ Атласова I үрдэли ылла.

Бу курдук өрүү дойдубут дьоно ситиһии көтөллөөх буола туруҥ!

Елизавета Данилова

“Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин уус-уран салайааччыта

Поделитесь этой страницей