Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын бэлиэтэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын бэлиэтэ

Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын бэлиэтэ

Олоҥхо дэкээдэтин түмүктүүр күҥҥэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев: “Биһиэхэ бу сайын буолар Олоҥхо ыһыаҕар табаларбытын, саха сылгыларын көрдөрүөхпүт. Айылҕабыт бэйэтэ да ураты. Онон кэлээриҥ”, — диэн ыҥырбыта. Тымныы оройунан аатырар Өймөкөөҥҥө билигин төһө да тоһуттар тымныы буоллар, сылаас сайыҥҥа ыһыллыахтаах ыһыахха күүскэ бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ол курдук, Олоҥхо ыһыаҕын логотибын оҥорон бигэргэтттилэр.

Олох эргиирин, айылҕа уларыйыыларын көрдөрөр ис хоһооннооҕун култуура улуустааҕы управлениетын салайааччытын солбуйааччы Мария Максимова кэпсээбитин “Саха Сирэ” хаһыат бэчээттээбит этэ:
— Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа сэттэ идиэйэттэн турар. Онтон сүрүннэрэ — экология тиэмэтэ. Бу логотип ону толору арыйар.

Айылҕаны харыстыырга ыҥырар логотип ааптара — Уус Ньаратааҕы Култуура дьиэтин худуоһунньуга Юлия Попова. Айылҕа түөрт кэмин олбоххо ойуулааһын ааптара — Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх, СӨ ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын маастара, Горнай улууһун норуотун маастара Татьяна Константинова-Аммосова.

Поделитесь этой страницей