Олоҥхо сомоҕолуур
Таатта Чөркөөҕөр балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан «Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата” диэн «Иис-Уус-Ас ФЕСТ» диэн тэрилиннэ.
Билэргит курдук, улуу убайбыт Ойуунускай отут үс суол олоҥхоттон талан-таҥан, чочуйан, наардаан-сааһылаан, эбэн-сабан, киэргэтэн, олоҥхо канона буолар “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” сурукка түһэрэн үйэтиппит үтүөлээх. Ону холобур гынан, сахалар олоҥхолоро маннык сиппит-хоппут сүдү айымньы диэн туоһулаан, ЮНЕСКО олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан билиммитэ.
Дьэ, онон Ойуунускайга анаммыт тэрээһиҥҥэ төрүт култуурабыт аан дойдуга биллэригэр улахан суолталаммыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону сэттэ олоҥхоһут куолаан толордо: Тааттаттан Олоҥхо ыһыахтарыгар кылаан чыпчаал аатын сүкпүт Афанасий Попов, Алексей Николаев, Александр Багардынов, Намтан дьүһүннүүн, куоластыын, кэпсиирдиин кэрэ Яна Ньургусова, Мэҥэ Хаҥаластан ыччакка бастаабыт Виталий Никифоров, Чурапчыттан чулуулар Сусанна Лазарева, Анатолий Христофоров.
Хомуур олоҥхону истэ кэлбит дьону СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина, Оһуохай үтүөлээх этээччитэ, Саха сирин Бочуотун кинигэтигэр киирбит дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, Арассыыйатааҕы “Төрөппүт Албан аата” уордьан мэтээлин хаһаайына, 2022 с Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын муҥутуур кыайыылааҕа Афанасий Николаевич Попов аман тыллаах алгыһынан арчылаата, аал уоту аһатта.
Онтон бу бырайыагы көҕүлээн тэрийбит Майя Егорова уонна СӨ Олоҥхо ассоциациятын Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Изабелла Сивцева хас биирдии олоҥхоһукка Таатта талаҕыттан олоппостору бэлэх ууннулар. Дьэ, онно оллоонноон олорон, үс чаас устата олоҥхолоотулар.
Кинилэри СӨ Олоҥхо ассоциациятын Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Изабелла Сивцева:
— Бастакытын маннык хомуур олоҥхо тэриллэр. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” бэйэтэ да 33 араас олоҥхоттон түмүллүбүт сүдү эпическэй айымньы буолар. Бүгүн 4 улуус олоҥхону толорооччута кэллэ. Кэлин хаа биирдии улуустан бэрэстэбиитэл баар буолуон наада. Тоҕо диэтэххэ, олоҥхо биһигини биир санааланыыга, сомоҕолууга, түмсүүгэ ыҥырар. Улуустаһыы суох буолуохтаах. Олоҥхо айыы сиэрдээх киһи буоларга туһаайар. Ол модела ойууланар. 2015 сыллаахха биһиги култуурунай-үөрэтэр кластер диэни тэрийбиппит. Кластер диэн туох эрэ биир кэлим, биир эйгэ, биир ситим буоларын кэрэһилиир өйдөбүл. Онон бары сомоҕо күүспүтүнэн бу мусуой эбийиэктэрэ саҥардыллалларын ситиһиэхтээхпит. Маныаха өрөспүүбүлүкэ пааматынньыктары харыстыыр уопсастыбата биир бастакынан ылсан, меценаттар кыттыһаннар, чөлүгэр түһэрии үлэтэ баран эрэр. Түмсүүбүт ити курдук дойдубутугар үлэнэн, туһанан көстө туруохтаах.