Мииринэй олоҥхото
Мииринэй куорат суруйааччыта Петр Игнатьев нарыламмыт дьүрүскэннээх тойуксут, кыладыйар тыллаах сэhэнньит, айымньылаахтык аhыллан амалыйар алгысчыт быhыытынан биллэрэ.
Кини 1998 сыллаахха айбыт “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхото билигин саха норуотун уус-уран дьүhүйүүтүн “сүмэтинэн”, биир дойдулаахтарын киэн туттуутунан буолар. Бэл, оҕо уhуйааннарыгар, оскуолаларга “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхону туруорар буолбуттар.
2019 сыллаахха “Алмаас” култуура дыбарыаһын үктэлигэр олохтоох сахалар “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхотун туруорбуттара. Мииринэйдээҕи сахалар “Сардаҥа” түмсүүлэрин 25 сылыгар ананааннар. Олоҥхо биир тыынынан сиэдэрэйдик, киһи уйулҕатын таарыйардыы туруоруллубута.
Сүрүн оруоллары толорбут Федор Петров (Кулан Кыыртай бухатыыр), Василиса Колесова (Кэрэ Куо), Надежда Кан (Удаҕан) көрөөччүлэргэ уобарастарын итэҕэтиилээхтик, дьүһүмэрдик тиэрдибиттэрэ. Маны сэргэ “Кустук” норуот ансаамбыла, “Иэйии” ырыа-тойук бөлөҕө, эбии үөрэхтээһин Киинин (ЦДОД) оҕолоро олоҥхоҕо кыттан сүрдээҕин киэргэппиттэрэ.
“Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхону көрө, бэл, омук дьоно кэлбиттэрэ сэргээбиттэрэ.
Станислав Алексеев, Мииринэй куората, ааптар хаартыскалара.