Оскуола ахсын фольклор куруһуога баар буолуохтаах
Хас улуус, нэһилиэк аайы төрүт култуура кэрэ эйгэтигэр сыһыаран, оҕону дэгиттэр сайыннарар үтүө үлэһиттэр бааллар.
Мария Павловна Афанасьева Сунтаар улууһун Н.М. Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин Кутанатааҕы филиалыгар фольклорнай бөлөҕү салайар. Кини 1990 с. Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены бүтэрбит.
-Кутана оскуолатыгар үлэбин саҕалыахпыттан оҕолору норуот ырыатыгар-тойугар үөрэтэн барбытым. Аҕыйах ыйынан П.Ойуунускай “Эриэдэл Бэргэн бухатыыр“ олоҥхотун туруоран көрдөрбүппүт. 1996 с. «Күн сардаҥата” ырыа-тойук, үҥкүү ансаамбылын тэрийбиппит. Ырыаҕа Лена Митрофановна Егорова, үҥкүүгэ Розалия Николаевна Никифорова, фольклорга мин уһуйарбыт. Ансаамбыл элбэх куонкурустарга кыайыылаах буолбута, көрдөрүүлээх (образцовай) диэн үрдүк ааты ылбыта. Омук сиригэр хаста да тахсыбыппыт.
Ансаамбыл иһинэн хас да бөлөх баара: олоҥхоһуттар “Дуоланнар” бөлөхтөрүгэр – уолаттар, “Мичийэ”, “Күндэлиинэ” ырыа-тойук бөлөхтөрүгэр – кыргыттар. “Дуоланнар” Дьокуускай куоракка “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” бэстибээлгэ икки төгүл кыайбыттара.
Быйылгы үөрэх дьылыгар Кутана орто оскуолата 90 үөрэнээччилээх эбит буоллаҕына, итинтэн 67 оҕото фольклор куруһуогар дьарыктанар. Тоҕо диэтэххэ, кылаас салайааччылара “оҕо барыта дьарыктаах буолуохтаах” диэн тосхолу тутуһан, кылааһы барытын сырытыннараллар. Кылааска араас таһымнаах оҕо баар буолан, дьарыктыырга ыарахан соҕус. Ол эрээри отой тугу да сатаабат оҕо диэн суох. Биһиги оскуолабытыгар ырыа-тойук, оһуокай, олоҥхо мэлдьи дьиэрэйэр буолан, оҕолорбут бу эйгэҕэ олус чугастар.
Олоҥхо күнүгэр оҕолор олоҥхоҕо, оһуокайга, тойукка күрэхтэһэллэр. “Өбүгэ оонньуута” ыытыллар. Үөрэх дьылын бүтүүтэ оскуола ыһыаҕа буолар, онно эмиэ барыта сахалыы тыыннаах араас күрэх тэриллэр, күөх сирэмҥэ оһуокай түһүлгэтэ төрүттэнэр.
Мин “Уол оҕо тойуга” диэн бырайыактаахпын. Анаан уолаттары кытта дьарыктанан, туойар уолаттары таһаараары. Сыл көтө-көтө, улууска күрэх тэрийэбит.
Итини таһынан “Кылааһынан – олоҥхо дойдутугар” диэн бырайыактаахпын. Сыала диэн, элбэх оҕону олоҥхо эйгэтигэр сыһыарыы. Үгүс оҕо: “Тойуксут буолбатахпын, онон олоҥхо мин дьарыгым буолбатах”, — диэн, ырааҕынан сылдьыан баҕарар. Оттон “кылааһынан бары кыттабыт” диэн буоллаҕына, оҕо туох эмэ оруолга тиксэн, кыттыһан, олоҥхо эйгэтигэр киирэн барар, ис хоһоонун өйдүүр буолар.
Билигин биһиги оскуолабытыгар үс олоҥхоһут кылаас баар. “Кутана кустуга” бөлөх – IX кылаас, “Сайын” бөлөх – VII кылаас, “Сырдык сардаҥа” бөлөх – VI кылаас. Бу кылаастар “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Бөлөххө олоҥхолуур оҕолортон бастыҥнар талыллан, соҕотохтуу олоҥхолууллар. Икки уолум, ини-бии Уйгулаан уонна Туйгун Гоголевтар, олоҥхоҕо ситиһиилэрин иһин Ил Дархан бириэмийэтинэн наҕараадаламмыттара.
Куруһуокка сылдьыбыт оҕолортон элбэх оҕо култуура, муусука үөрэхтэригэр киирэллэр. Сорохторо бүтэрэн, номнуо үлэһиттэр. Киэн туттар үөрэнээччилэрим Туйаара Алексеева, Александра Яковлева, Айсен Федоров Сунтаарга култуура дьиэлэригэр фольклор исписэлииһинэн үлэлииллэр, бэйэлэрэ оҕолору, улахан дьону уһуйаллар. Сунтаардар инники туттар тойуксуттара, оһуокайдьыттара , олоҥхоһуттара буолан сылдьаллара киһини үөрдэр. Кутана оскуолатыгар үөрэнээччим, күүстээх куоластаах ырыаһытым Сахаайа Кузьмина Дьокуускайдааҕы педкэллиэһи бүтэрэн кэлэн, ырыа уруогун учууталынан үлэтин үчүгэйдик саҕалаата.
“Хас биирдии оскуолаҕа фольклор куруһуога баар буолуохтаах”, — диэн мэлдьи этэбин. Ханнык эйгэни сайыннараҕын да, онно сыһыаннаах оҕолор тахса тураллар. Былырыын Саха тылын уонна култууратын учууталларын II сийиэһин дэлэгээтэ буолбутум. Онно биһигини куорат араас оскуолаларыгар тарҕатан, куруһуок ыыттарбыттара. Мин 5-с оскуолаҕа III кылаастарга нууччалыы саҥара сылдьар оҕолого түбэстим. Биир чаас иһигэр норуот ырыатын үөрэттим, тойуктаттым, бүтэһигэр оһуокайдаатыбыт. Оҕолор барахсаттар кылыһах таһааран, тэбис-тэҥҥэ үтүктэн иһэллэр. Учууталлара олус сөхтө. “Биһиэхэ үөрэтэр киһи баара буоллар, олус сатыахтар”, — эбит диир. Хатылыы сылдьыахпыт диэн, ырыа, оһуокай тылын ылан хаалла. Ити курдук саха норуотун үгэһин, кутун-сүрүн иҥэриигэ биһиги оскуолабытыгар утумнаах үлэ барар.
Аныгы кэм сайдыыта оҕолорбутун төһө да аралдьыппытын иһин, кинилэр син биир өбүгэлэрин үгэһигэр тардыһаллар, туспа омук буолалларын билинэллэр. Төрөөбүт төрүт тылын өрө тутар, сайыннарар саҥа көлүөнэ үүнэн-сайдан тахса турдун!
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Хаартыскалары дьоруой тус архыыбыттан туһанныбыт.