«Сөргүтүүлэр» сайыҥҥы ситиһиилэрэ
Быйылгы сайын Дьокуускай куоракка олорор «Сөргүтүү» айар түмсүүгэ дьарыктанар Хаҥалас улууһуттан сыдьааннаах норуот маастардардарыгар уонна иистэнньэҥнэригэр үгүс ситиһиилэри бэлэхтээн ааста. Олоҥхо туһунан паннолара Санкт-Петербурга тэриллибит «Душа России» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ лауреат буолла.
Түмсүүнү үһүс сылын Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Азияна Харлампьева салайан үлэлэтэр. Сүрүн сыалынан XVII үйэттэн саҕалаан саха таҥаһын үөрэтии, сөргүтүү, тилиннэрии буолар. Билигин түмсүүгэ Төхтүр нэһилиэгиттэн кэргэннии Иван уонна Александра Ефремовтар, 1-кы Дьөппөнтөн төрүттээх Анна Куличкина, эдьийдии балыстыы Лидия Иванова уонна Валентина Попова, Нөмүгүттэн Марфа Заборовская, Покровскайтан Мотрена Ильина дьарыктаналлар.
Бэс ыйыттан саҕалаан түмсүү кыттыылаахтара айан таһаарбыт үлэлэринэн араас таһымнаах тэрээһиннэргэ, фестивалларга, быыстапкаларга кыттыннылар. Олоҥхо туһунан паннолара Санкт-Петербурга тэриллибит «Душа России» Аан дойдутааҕы фестивальга, сахалыы таҥастара Иркутскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы «Мы разные. Мы вместе» этнофестивальга лауреат үрдүк аатын ылбыттарынан эҕэрдэлиибит уонна улууспут аатын Саха сиригэр ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көмүскүүллэригэр махтанабыт.
Галина Семенова,
Хаҥалас