Култуура миниистирэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын билистэ
Бүгүн, алтынньы 17 күнүгэр, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмины кытта көрүстүм.
2024 сылга Аммаҕа ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын тэрийии боппуруостарын, култуура тутууларын хаамыыта хайдах баран иһэрин, ону таһынан ыһыах култуурунай бырагырааматыгар туох саҥаны киллэрэллэрин, уратыны көрдөрөллөрүн туһунан кэпсэттибит. Степан Николаевиһы кытта улууска култуура сайдар тосхоллорун ырыттыбыт.
Олоҥхо ыһыаҕын ыытарга, тэрийэргэ улуус олохтоохторо түмсэн, саба түһэн, улуус өттүттэн ыытыллыахтаах култуурунай бырагыраамаҕа, ыһыах аһыллыытыгар-сабыллыытыгар күүс-көмө буолан, көхтөөхтүк кыттыһалларыгар ыҥырабын.
Амма улууһа эһиилги Олоҥхо ыһыаҕын этэҥҥэ үрдүк таһымҥа ыытыа диэн эрэнэбин.
Поделитесь этой страницей