“Оҕо Дьулаах бухатыыр” олоҥхо сыанаҕа туруоҕа
Былырыын Ньурба улууһун култуураҕа департамена Олоҥхо дьиэлэрин өрөспүүбүлэкэтээҕи ситимигэр киирбитэ.
Онон сиэттэрэн, Ньурбаттан төрүттээх Ийэ олоҥхоһут Спиридон Васильевич Петров-Чыычаах төрөөбүтэ 130, итиэннэ улуус 200 сылларын көрсө, Чыычаах “Оҕо Дьулаах бухатыыр” олоҥхотун сыанаҕа туруораары бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Олоҥхо-испэктээккэ улуус бары нэһилиэктэрин норуот айымньытын дьиэлэрэ, сынньалаҥ кииннэрэ кыттыыны ылаллар.
Улуустааҕы култуура департаменын норуот айымньытыгар салаатын сэбиэдиссэйэ, “Олоҥхо” ассоциация салайааччыта Розалия Тартакынова кэпсиир:
-Алтынньы 5 күнүттэн репетиция саҕаламмыта. Оруоллары түҥэтэн, тылларын үөрэтэ сылдьаллар. Туойарга дьарык буолар. Сыанаҕа хааман эрэбит. “Оҕо Дьулаах бухатыыр” олоҥхоҕо барыта 60-тан тахса киһи кыттара былааннанар. Итинтэн 11 артыыһа – сүрүн дьоруой. Билиҥҥитэ персонажтар көстүүмнэрэ тигиллэ сылдьар. Улуус талааннаах иистэнньэҥнэрэ, уустара, үлэни тыыран-үллэстэн, өрөбүлэ суох оҥоро сылдьаллар. Сорохтор туттар малы-салы, тирии-түү булуутугар түбүгүрэллэр.
Марина Андреева, көстүүмнэр дизайнера:
-Көстүбэт эйгэлэр – Үөһээ, Аллараа дойдулар – персонажтарын таҥастара ураты моһуоннаах буолуоҕа. Тигэр матырыйаалбыт барыта натуральнай буолар: сарыы, түү, тирии, таас оҕуруо о.д.а.
Бу күннэргэ олоҥхо дорҕоонун, тутулун сиһилии сэһэргии, РФ искусстоволарын деятелэ, дирижер Николай Петров, либретто ааптара, консультант Афанасий Федоров, “Оҕо Дьулаах бухатыыр” кылаабынай режиссера, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александр Титигиров Ньурбаҕа тиийэн үлэлээтилэр.
Олоҥхонон музыкальнай испэктээк сүрүн режиссера Александр Титигиров: “Уратыта — Ньурба тыынын киллэриэхтээхпит: ньурбалыы унаарытан саҥаран, ньурбалыы туойан, ньурбалыы оһуохайдаан”, — диэн сүрүн тосхоллорун кистэлэҥин сэгэтэр.
Олоҥхо-испэктээк премьерата сэтинньи 25 күнүгэр, Олоҥхо күнүгэр, Ньурба тыйаатырыгар буолуоҕа.
Күннэй Антонова иһитиннэриитинэн.