«Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум үлэтин саҕалаата
Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр, Москубаҕа «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум саҕаланна. Быыстапка чэрчитинэн Арассыыйа куукуналарын дьиэтин үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
ВДНХ-ҕа Арассыыйа куукуналарын дьиэтэ эрэгийиэннэр аһы-үөлү оҥорууга, төрүт аһы тарҕатыыга ситиһиилэри түмэр сиринэн буолуоҕа. Онон манна энтузиаст-урбаанньыттары, норуоттар куукуналарын үгэстэрин салҕааччылары, ону өйүүр бэлиитиктэри, урбаанньыттары бэлиэтиэхтэрэ.
Сэтинньи 12 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ ыытыллыаҕа. Бу күн сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ВДНХ былаһааккаларыгар уонна павильоннарыгар көрдөрүллэр үгүс ахсааннаах бырагыраамаларынан уонна бырайыактарынан баай буолуоҕа.
Ол иһигэр 75 нүөмэрдээх павильоҥҥа кэргэннии буолууну сахалыы үгэһинэн ыытыы сиэрэ-туома тэриллиэҕэ.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду эрэгийиэннэрин күнүн бастакынан арыйыаҕа. Үгүстэр биһиги үгэстэрбитин кэрэхсээн, уруу сиэрин-туомун көрөр баҕаларын биллэрбиттэрэ. Биһиги Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин, Ямало-Ненецкэй уонна Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктар уонна Челябинскай уобалас ЗАГС-рын уорганнарын салайааччыларын ыалдьыттата күүтэбит. Кэргэннии буолууну бигэргэтэр маннык сурукка киллэриилэр (регистрациялар) дойду устуоруйатыгар аан бастаан оҥоһуллаллар. Онон биһиги уруу курдук киһи олоҕор биир долгутуулаах түгэн кэмигэр үтүө үгэстэрбитин көрдөрөртөн үөрэбит», -– диэн кэргэннии буолуу сиэригэр-туомугар эппиэтинэстээх Ирина Андреева иһитиннэрдэ.
Кэргэннии буолууну сурукка киллэриигэ сайаапкалар куонкурустарын түмүгүнэн Жанна Ксенофонтова уонна Владислав Федоров талыллыбыттара.
Кинилэр кэргэннии буолар түгэннэрин сэтинньи 12 күнүгэр Москуба куорат ЗАГС-ка управлениетын ВДНХ кэргэннии буолуу дыбарыаһа сурукка киллэриэҕэ. Павильон сыанатыгар дыбарыас исписэлииһэ кэргэннии буолууну туоһулуур докумуоннары билиһиннэриэҕэ уонна сиэрин-туомун СӨ ЗАГС управлениетын отделын салайааччытын солбуйааччы Ирина Андреева сахалыы уонна нууччалыы тылынан ыытыаҕа.
Бу иннинэ быыстапканы көрөөччүлэргэ кийиит кыыһы таҥыннарыы сахалыы сиэрэ-туома көрдөрүллүөҕэ. Сахалыы үстүрүөмэннэринэн доҕуһуолланар тойук уонна муусука кэмигэр кийииккэ үгэс буолбут таҥаһы уонна киэргэллэри кэтэрдиэхтэрэ. Бу сиэргэ-туомҥа Норуот прикладной ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай тыйаатырыттан Яна Игнатьева кыттыаҕа. Киин Ем.Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи мусуой пуондатыгар баар таҥастар, киэргэллэр көстүүлэрин тутуһан саҥардыллыбыт кийиит уонна күтүөт үгэс буолбут көстүүмнэрин көрдөрүөҕэ (сүбэһит мусуой наукаҕа үлэһитэ Татьяна Старостина).
Сиэргэ-туомҥа Мария Турантаева салайааччылаах Олоҥхо тыйаатырын, Анна Томская салайааччылаах «Кыл Саха» ансаамбыл артыыстара кыттыахтара. Ону сэргэ алгысчыт Дмитрий Иванов алгыс сиэрин-туомун көрдөрүөҕэ. Кэргэннии буолуу сиэрин-туомун режиссердара -– Гаврил Менкяров уонна Виктория Оленова.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн култуурунай бырагырааматын көҕүлээччи -– СӨ Геокултуурунай сайдыыга институтун дириэктэрэ, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан Надежда Егорова.