«Ньургун Боотур» операны устубуттарын улахан экраҥҥа көрдөрөллөр
Дьокуускай Тулагытын уонна Горнай Маҕараһын 100-тэн тахса олохтооҕо «Экстра Синема» ситим киинэ саалаларыгар «Ньургун Боотур» олоҥхо-опера алтыс туруоруутун улахан эраҥҥа көрдүлэр. Сэтинньигэ испэктээги Хаҥалас Булгунньахтааҕар уонна Нам Аппаанытыгар, онтон салгыы тыа сирин бары саалаларыгар көрдөрүөхтэрэ.
«Биһиги Мариинскай тыйаатырга турбут «Ньургун Боотур» операны хайдах баарынан көрдүбүт. Сөҕүмэр! Аны операны өрөспүүбүлүкэ киинэ саалалаах хайа баҕарар муннугар көрүөххэ сөп, оннооҕор – Уһук Хоту! Тыйаатыр айар бөлөҕөр, артыыстарга, туруорааччыларга махтанабыт», — диэн Тулагы-Киллэм нэһилиэгин бэтэрээнэ Ксения Баишева үөрүүтүн үллэһиннэ.
Татьяна Колесова иһитиннэрбитинэн, опера киинэтин солистар бэйэлэрэ аҕалбыттар, онон көрөөччүлэр кинилэри кытта көрсөн олус астыннылар. Оттон Тулагы орто оскуолатын 8 «в» кылааһын салайааччыта Лидия Сатырова үөрэнээччилэрэ маннык операны бастакытын көрбүттэрин, Дьулуруйар Ньургун Боотуру илэ көрбүт курдук санаммыттарын, артыыстар көстүүмнэрин, толорууларын таһымын сөбүлээбиттэрин кэпсээтэ.
Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон суруйбут либреттотынан Марк Жирков уонна Генрих «Ньургун Боотур» олоҥхо-оператын алтыс туруоруутун аан бастаан 2022 сыл ахсынньы 2 күнүгэр Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын сылынан уонна САССР сүүс сыллаах үбүлүөйүнэн Мариинскай тыйаатырга туруорбуттара. Режиссер Андрей Борисов испэктээгин Дьокуускай, Москуба, Санкт-Петербург куораттарга барыта 14 төгүл көрдөрбүттэрэр, онно 9,9 тыһ. киһи сылдьыбыта.
Туруорууга 291 артыыс уонна тэхиньиичэскэй персонал кыттыбыта, 225 көстүүм тигиллибитэ. Декорация ыйааһына 1 туонна буолбута. Көстүүм, реквизит, атах таҥаһын уопсай ыйааһына – 2,5 туонна.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата