Саха балаҕаныгар — «Олоҥхо алыптаах эйгэтэ»
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Саха музейын балаҕаныгар, көмүлүөк оһох тула оллоонноон олорон, өлбөт-сүппэт сырдык тыыннаах, үйэттэн үйэлэр тухары, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит сүдү айымньыбытыгар аналлаах “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” диэн тэрээһин буолан ааста.
Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын үрдүк чыпчаала, барҕа баайа. Бухатыырдар геройдуу охсуһууларын, сырдык-хараҥа күүстэр утары турууларын көрдөрөр, саха киһитин, айыы аймаҕын күүһүн-уоҕун, кыаҕын, өйүн-санаатын, үтүөтүн уруйдуур-айхаллыыр бөдөҥ эпическэй айымньы буолар.
Олоҥхону толорооччу — олоҥхоһут – айылҕаттан айдарыылаах, сүдү талааннаах киһи. Кини дорҕоонноох тойуксут, алгысчыт, сээркээн сэһэнньит, алыптаах остуоруйаһыт, чабырҕахсыт уонна үгэһит буолар – ол иһин олоҥхону “биир киһи театра” дииллэр.
Ол курдук, 2005 сыллаахха ЮНЕСКО саха олоҥхотун үрдүктүк сыаналаан, киһи аймах чулуу айымньытынан билиммитэ. Онтон 2006 сыллаахха Саха республикатын оччотооҕу президенин В.А. Штыров уурааҕынан сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ. 2008 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр Олоҥхо театра тэриллибитэ.
Бу тэрээһиҥҥэ Саха музейын директора Николай Бугаев, Олоҥхо театрын биир талааннаах, чаҕылхай артыыһа Гаврил Менкяров уонна С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж 1, 2 куурсун устудьуоннара кыттыыны ыллылар.
Гаврил Менкяров Николай Шамаев-Чопчухаан “Дьоруо хоҥор аттаах, дьоллоох-соргулаах Дьорҕостой Бэргэн” олоҥхотуттан быһа тардан толордо, олоҥхо уобарастарын чаҕылхайдык арыйан, эдэр ыччат сэҥээриитин, болҕомтотун тарта.
Улуу суруйааччыбыт, ытык киһибит Суорун Омоллоон маннык этэн турардаах “Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ”.
Онон олоҥхону ааҕыахха, үөрэтиэххэ, олоҥхо курдук сүдү баайдаахпытыттан киэҥ туттуохха!
Мария Пестрякова, Саха музейын методиһа,
Владимир Григорьев хаартыскалара.