“Мин ырыам – мин тохтор тойугум” ырыа-хоһоон түһүлгэтэ
Саха сирин уһулуччулаах уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, тыл үөрэхтээҕэ-учуонайа, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйан хаалларбыт П.А.Ойуунускай оччотооҕу кэмҥэ норуот таптаан ыллыыр күүрээннээх ырыаларынан “Мин ырыам – мин тохтор тойугум” ырыа-хоһоон түһүлгэтэ Дьокуускайга П.А.Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус истиҥник ыытылынна.
Тэрээһини Ытык Күөллээҕи уус-уран литература музей-заповеднига, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ А.Е. Кулаковскай института, СӨ профессиональнай үөрэхтээһи сайыннарар института, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, сахалыы ырыаҕа уһуйааччы Г.Федорова ыыттылар.
Дьоро киэһэ П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан “Тойуксуттар” түмсүүлэрин алгыс ырыатынан саҕаланна. Саха тыйаатырын артыыһа Григорий Иванов Ойуунускай уобараһыгар киирэн, “Туруҥ, туруҥ! Туойуҥ!” хоһоону аахпытын киһи эрэ долгуйа истэр. Раиса Винокурова салайааччылаах “Арчы” норуодунай хора “Интернационал” ырыаны ыллаата. П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Ойуунускай сиэн балта Елена Слепцова-Куорсуннаах Былатыан Ойуунускай оҕо сааһын, олоҥхоҕо уһуйуллан тыл баайдааҕын, тыл күүһүн, эрчимин иҥэринэн улааппытын, ол айан хаалларбыт айымньыларыгар көстөрүн бэлиэтээтэ. ХИФУ профессора, А.Е.Кулаковскай институтун салайааччыта, филология наукатын доктора П.В.Максимова-Сивцева П.Ойуунускай саҥа олоҕу уруйдуур хоһооно, ырыата-тойуга баай илбистээх тыллааҕын, саха литературатын жанр өттүнэн байыппытын, ураты ис хоһооннообутун саас-сааһынан наардаан кэпсээтэ.
Көрөөччүлэр сэлэлии олорон, хас биирдии толорооччуну ытыстарын тыаһынан арыаллаатылар. П.А.Ойуунускай ырыата, хоһооно хаһан, ханна, туох санааттан-онооттон айыллыбытын кэрэхсии иһиттилэр.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Ойуунускай ырыаларын үгүстүк пропагандалаан ыллыыр Дмитрий Дмитриевич Тихонов болҕомтону тарта. Кини “Ойуунускай туһунан ырыа”, “Көҥүл ырыата”, “Доҕорбор Сүөкүччэҕэ” ырыалары толордо, баяҥҥа Михаил Степанович Павлов доҕуһуоллаата.
Куйаар ситиминэн Хаҥалас Улахан Ааныттан “Көмүлүөк” түмсүү эбэлэрэ 11 буолан “Өрүөл кэриэһин” ыллаатылар. Салайааччы нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Вера Алексеевна Македонова.
Платон Алексеевич 1919 сыллаахха көскө олорон, доҕоругар Максим Аммосовка анаабыт «Син биир буолбаат!» хоһоонун култуура кэллиэһин устудьуона Мирослав Яковлев ааҕыыта (сал. С.Н.Федорова) сүрэҕи-быары долгутта.
“Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар” хоһоону Намнааҕы педагогическай кэллиэс 3 кууруһун устудьуона Николай Павлов (сал. Т.Д.Румянцева, П.Д.Байанаева), Оҕо айымньытын дыбарыаһын “Поэзия абылаҥа” айар бөлөх иитиллээччитэ, 8 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Антонов (сал.Л.А.Романова) “Кэлэр кэскил ырыата” хоһоону ис сүрэхтэриттэн аахтылар.
Олоҥхоһут, уһуйааччы Никандр Прокопьевич Тимофеев үөрэнээччитэ, Олоҥхо тыйаатырыттан Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар ыччат ортотугар олоҥхону толорууга Кылаан кыайыылааҕа Яна Нюргусова Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун алтыс ырыатын төрүт үгэһинэн толордо. Салгыы “Сөргүтүү” эбэлэр түмсүүлэрэ (сал. норуот маастара, култуура туйгуна А.Ф.Харлампьева) тикпит панноларын сыанаҕа көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
“Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар” хоһоону Намнааҕы педагогическай кэллиэс 3 кууруһун устудьуона Николай Павлов (сал. Т.Д.Румянцева, П.Д.Байанаева), Оҕо айымньытын дыбарыаһын “Поэзия абылаҥа” айар бөлөх иитиллээччитэ, 8 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Антонов (сал.Л.А.Романова) “Кэлэр кэскил ырыата” хоһоону ис сүрэхтэриттэн аахтылар. Олоҥхоһут, уһуйааччы Никандр Прокопьевич Тимофеев үөрэнээччитэ, Олоҥхо тыйаатырыттан Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар ыччат ортотугар олоҥхону толорууга Кылаан кыайыылааҕа Яна Нюргусова Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун алтыс ырыатын төрүт үгэһинэн толордо. Салгыы “Сөргүтүү” эбэлэр түмсүүлэрэ (сал. норуот маастара, култуура туйгуна А.Ф.Харлампьева) тикпит панноларын сыанаҕа көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
Саха араадьыйатын көмүс пуондатыттан П.Ойуунускай “Бу уоттаах бакаалы” ырыатын Иван Кривогорницын 1960 с. сэтинньи 22 к. Араадьыйа хорун кытары уһуллубутун иһиттилэр. Музыкатын Христофор Максимов суруйбут. Олус истиҥ тыллардаах ырыаны П.А.Ойуунускай кэрэчээн кыргыттарын Саргылаананы, Сардаананы бэлэхтээбит доҕоругар Өкүүчэтигэр – Акулина Николаевна Борисоваҕа — 1936 сыл үүнэр түүнүгэр, Амма Аччыгыйа уонна Күннүк Уурастыырап истэн олордохторуна аан бастаан аахпыт. Ол туһунан ахтыыларыгар суруйбуттар.
1936 сыл сэтинньи 6 күнүгэр диэн турар, ол аата бу музей тэлгэһэтигэр олорон суруйбут буолуон сөп. “Тардыы талах түөһүгэр таптал уотун умаппыт” уостан түһэрбэккэ ылланар “Таатта үрэх үрдүгэр” ырыа бу киэһэҕэ туроктыы тылынан филология наукатын кандидата, тюрколог Ю.И. Васильев-Дьаргыстай тылбааһыгар Г.Г.Федорова салайааччылаах “Тойуксуттар” түмсүү уонна “Далбар” норуодунай ансаамбыл иккиэн тус-туһунан кэрэхсэбиллээхтик ыллаан иһитиннэрдилэр.
Олус үтүө тыллардаах, саха кутун-сүрүн туппут “Мин кэллим Тааттаҕа” ырыаны казах поэтессата Турсынай Оразбаева мелодиятыгар, Степан Дадаскинов тылыгар СӨ култууратын туйгуна, түмэл доҕоро Елена Старостина-Хотун Арылы толордо. Түмүккэ бары сүһүөххэ туран улуу Ойуунускай “Мин ырыам – мин тохтор тойугум” ырыаларын-хоһооннорун дьоро киэһэтин “Былааһы Сэбиэккэ” ырыаны хорунан ыллаан ньиргиттилэр.
Платон Алексеевич суруйбут хоһоонноро дьон өйүн-санаатын түмпүтэ, туох баар миитиннэр, мунньахтар оччотооҕу кэмҥэ “Интернационалы”, «Көҥүл ырыатын» бары ыллаан ньиргитэн түмүктүүллэрэ диэн үгүс ахтыыларга суруллар. Кини тылларыгар революционнай эрэ буолбакка таптал туһунан лирическэй ырыалара дьон өйүттэн-санаатыттан сүппэтэхтэрэ. Мелодист Денис Данилов «Саха народнай ырыалара» диэн 50-с сыллардаахха дьон тылыттан сурукка ноталаан түһэрбитэ, саха араадьыйатын пуондатыгар Н.М.Желобцов эрэдээктэрдээн олорон уһултарбыт. Онон Былатыан Ойуунускай хоһоонноро, ырыалара «үс саха төрүөҕэр, үөрүүлээх күнүгэр мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа» диэн эппитин курдук, үйэлэр тухары ааҕылла, ыллана туруохтара
Ньургуйаана Халгаева.