Мэҥэлэр Олоҥхо ыйын түмүктээтилэр
Ахсынньы 6 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Д.Ходулов аатынан Култуура киинигэр Олоҥхо ыйын түмүктүүр айар талаан, уран тыл дьоро түһүлгэтэ тэрилиннэ диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрээһин уратытынан, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Аан дойду эпостара Олоҥхо дойдутугар» диэн кэмпириэнсийэ уонна бэстибээл ыҥырыылаах ыалдьыттара Алтайтан, Башкортостантан, Казахстантан, Кыргызстантан, Хакасияттан кыттыбыттара буолла.
Бу регионнар икки ардыларынааҕы пуорум тэрийээччилэринэн, көҕүлээччилэринэн Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ уонна улуус култуураҕа салалтата буолаллар.
Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар барыта үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын, сөхпүттэрин-махтайбыттарын иһитиннэрдилэр.
Улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов Олоҥхо ыйа сүрдээх тэрээһиннээхтик, киэн далааһыннаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээн туран, ыалдьыттарга интэриэһиргээн, сэҥээрэн кэлэн кыттыыны ылбыттарыгарыгар баһылык Махтал суруктарын, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттарда.