Олоҥхоҕо анаммыт сэминээр - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхоҕо анаммыт сэминээр

Олоҥхоҕо анаммыт сэминээр

Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн, ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка, Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар улуус биир бастыҥ учуутала Гавлина Васильевна Новикова оҕону олоҥхоҕо кыра сааһыттан үөрэтиэххэ, сахалыы саҥардыахха сөбүн туһунан сэминээри ыытта.

Сэминээргэ уопуттаах учуутал иитэр-үөрэтэр үлэҕэ бэйэтэ туһана сылдьар ньымаларын, үөрүйэхтэрин туһунан суруйан, эдэр учууталларга тарҕатта. Ол кинилэргэ олус туһалаах буолуохтааҕын оннооҕор мин өйдөөтүм уонна ымсыырдым.

Дьол_--_2.jpeg

Олоҥхо тыла олус баай, түгэҕэ көстүбэт дириҥ. Ону биһиги нууччалыы чуубурҕаһар оҕолорбут өйдөөбөттөр, нойосуустуу сатаан баран, интэриэстэрэ сүтэр. Ол иһин, мин оҕолор өйдүүллэригэр судургу, бэйэлэрэ күннэтэ сылдьар эйгэлэрэ — оскуола, Айыы аймахтарын (4, 5 сыаналар), Абааһы аймахтара (1, 2 сыаналар) тустарынан оҕо сылайбат, түргэнник өйдүүр судургу тылларынан) олоҥхо суруйбутум. Ону Галина Васильевна кылааһын оҕолоругар үөрэппит. Миигин ыҥыран көрүһүннэрбитигэр, оҕолор суруйааччы диэн ханна эрэ баар, олоро сылдьыбыт киһи эрэ буолбакка, бэйэлэрин ортолоругар баар киһи буоларын билэн сөхпүттэрэ, үөрбүттэрэ, олоҥхоҕо интэриэстэрэ күүһүрбүтэ. Саха ааҕан, өссө тутан-хабан көрдөҕүнэ, ордук өйдүүр диэн, олоҥхом ис хоһоонунан кыргыттар ийэлэрин кытары панно оҥорбуттар. Оскуола биир талааннаах учуутала Ирина Николаевна Лукина манна кыттыһан, оҕолору өссө туойарга үөрэппит. Онон, бу оҕолор эһиил төрдүс кылааһы бүтэрэллэригэр сиппит-хоппут айымньыны таһаарар кыахтаммыттар.

Дьол_--_3.jpeg

«Омуннаах-төлөннөөх, оройунан көрбүт Онтуоска уолчаан» диэн айымньыбын учууталлар хас биирдии тылыгар тиийэ ырыттылар. Суруллара, ааҕыллара, ырытыллара олус да ураты буолар эбит! Мин бу Онтуоска холобуругар дьиэҕэ-уокка иитии сыыһа-халты түгэннэрин үчүгэй учуутал көннөрөр диэн өйдөбүлү биэрбитим. Ону оҕолор, учууталлар таба өйдөөн ырыппытарыттан үөрдүм уонна ийэ, суруйааччы быһыытынан махталбын тиэрдэбин! Маны таһынан, «Уйгу-быйаҥ үктэллээх Улуу Таптал», арыый уустугурдан, классическай олоҥхоҕо чугаһатан «Дьигискэннээх айаннаах дьаҕыл дьоруо аттаах Дьолуолаах Дьол бухатыыр» диэн айымньылары билиһинэрдим.

Зинаида Федотова-Дьол Кыыма,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,

Сунтаар

Поделитесь этой страницей