“Оҕобун маннык дьыссаакка үөрэ-көтө биэриэм этэ…”
Улуу олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” айыллыбыт, уран тыл маастардара тахсыбыт ытык Таатта сиригэр “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана Тааттаҕа сырыытын Ытык Күөлүнэн түмүктээтэ.
Оҕону олоҥхо педагогикатынан иитэр “Арылы Кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай түмсүүтүн көрдөһүүтүнэн, «Олоҥхолоох айан: ноо!» десант кыттыылаахтара Ытык Күөлгэ “Сулусчаан” уонна “Чуораанчык” дьыссааттарга сырыттылар.
-Ыалдьыттарбыт иитиллээччилэрбит олоҥхону толорууга холонууларын сэргээн иһиттилэр уонна уһуйааччыларга сүбэ-ама биэрдилэр, кыра саастаах оҕолору дьарыктыыр уратыларыгар тус көрүүлэрин эттилэр.
Кырачааннарбыт олоҥхо туһунан билиилэрин биһирээтилэр, умсугуйан олорон истибиттэрин бэлиэтээтилэр. Биир кыысчаан Уйгууна Халыеваны кууһа-кууһа: «Мин эн ыллыыргын наһаа сөбүлээтим», — диэн долгуппут. Мира Егорова кыра эрдэҕинэ атын араас сирдэргэ айанныыр баҕаттан олоҥхонон умсугуйан барбытын, бастаан үлүһүйэригэр ол көҕүлүүр күүс (мотивация) буолбутун сэһэргээтэ. Оһуохай “Аан Дархан этээччитэ”, “Олоҥхо-баттл” быйылгы кыайыылааҕа, Мэҥэ Хаҥалас култуураҕа салалтатын исписэлииһэ Станислав Иванов бэйэтэ суруйбут «Хорсун-хоодуот Хатан боотур»олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Прасковья Лебедева, Кондратий Герасимов, Марфа Аммосова, Нарыйаана Шамаева уонна Алтаайтан сылдьар устудьуон Илья Дугашов ырыаларын-тойуктарын кэрэхсээтибит. Бөлөх салайааччыта, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн (АГИКИ) проректора Зоя Андреевна Стрекаловская олоҥхоҕо ыытар үлэбитин билистэ, — диэн “Чуораанчык” оҕо уһуйаанын үлэһитэ Ирина Тихонова санаатын үллэһиннэ
“Сулусчаан” дьыссаат фольклорга уһуйааччыта, алгысчыт Прасковья Николаевна Петрова иитиллээччилэригэр олоҥхону үөрэтэр дьарыктарын эдэр толорооччулар олус сэргээбиттэрин, ньымаларын үлэлэригэр, үөрэхтэригэр туһаныах буолбуттарын, уопут ылбыттарын, баралларыгар: “Кырачаан оҕолортон элбэххэ үөрэннибит”, — дэспиттэрин кэпсээтэ.
Ити көрсүһүүттэн “Олоҥхолоох айан: ноо!” кыттыылааҕа, “Муҥха олоҥхото” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылааҕа Прасковья Лебедева: “Мин оҕобун итинник дьыссаакка биэриэм этэ!” — диэбитинэн тиийэн кэллэ. “Ноо!”- диэн сэргии түспүппүтүгэр, үөрэ-көтө сэһэргээтэ:
-“Сулусчаан” оҕо уһуйаана олох сахалыы тыыннаах буолан биэрдэ. Иитээччилэрэ бары кэриэтэ ааптарыскай методикалаахтар, онно анаммыт кинигэлэрдээхтэр. Олоҥхону оҥкул оҥостон үлэлииллэрин биһирээтим. Релакс хоско оҕоҕо олоҥхо ойуутунан голограмманы, ойуулуктары (мультиктары), роликтары көрдөрөн, налытар, уоскутар, сынньатар, холкутутар эбиттэр. Олоҥхону бөлөҕүнэн куолаан толорууга дьарыктаан саҕалаабыттар. Онуоха сүдү эпическэй айымньы ис хоһоонун оҕо өйдүүрүн курдук илдьиритэн кэпсиир буоланнар, 4-5 саастаах оҕолор олоҥхо дьоруойдарын билэллэрэ, персонажтар үс дойдуттан ханныгар олороллорун бэркэ араараллара сөхтөрдө.
Физкультураны биэрэр уһуйааччы, олоҥхо боотурун курдук эт-хаан өттүнэн эргиччи сайдыылаах ыччаты иитэн таһаарар соруктан, сахалыы ньымаларынан эрчийэрин сэҥээрдим. “Дыгын оонньууларын” курдук, национальнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии ыытар эбит. Оттон логопедтара олоҥхонон тылы эрчийэр, дорҕооннору сөпкө саҥардар босуобуйалаах.
Бу “Сулусчааҥҥа” саамай астыммытым – олоҥхону истии култууратын оҕоҕо кыратыттан иҥэрэллэрэ. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин олоҥхону тулуйан, сэҥээрэн истэр киһи ахсааннаах. Оттон бу оҕолор биһиги толорорбутун хамсаабакка да олорон болҕойон иһиттилэр. Күнүс утуйалларыгар, ньээҥкэлэрэ сахалыы остуоруйа эбэтэр олоҥхо ааҕарын хайҕаатым.
Уопсайынан, бу дьыссаат дьиэтигэр киирдэххинэ, киһини сахалыы эйгэ кууһа түһэр: сахалыы оһуор-мандар, үстүрүмүөннэр, оонньуурдар, ойуу-бичик. Саахыматтарын фигуралара кытта олоҥхо персонажтарынан оҥоһуллубут. Роботехникаҕа легонан Аал Луук маһы, балаҕаны хомуйаллар. Аһылыктарын менютун көрдөххө, эмиэ сахалыы ас-үөл. Аны эркиҥҥэ икки карта ыйаммыт: биирэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин улуустара, иккиһэ — Таатта улууһун нэһилиэктэрэ. Ону бара-кэлэ көрөн, кыраларыттан төрөөбүт дойдуларын билэ үөрэнэллэр. Арчы дьиэтин курдук кэбиниэттээхтэр – саха итэҕэлигэр, сиэригэр-туомугар, төрүт култуураҕа уһуйар сирдэрэ. Нэдиэлэ биир күнүгэр, сэрэдэҕэ, хайаан да сахалыы таҥнан кэлэр эбиттэр. Кэнчээри ыччат кэскилин санаан, саха оҕотун сахалыы иитэр уһуйаан үлэһиттэригэр махтанабын!