Олоҥхолоох ыччат – Олоҥхо ыһыахтаах Аммаҕа
“Олоҥхолоох айан” суола Тааттаттан Аммаҕа тыргыллан, ахсынньы 14 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Айыы балаҕаныгар тиэртэ. Онно дэлэгээссийэни улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо ассоциациятын Амматааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Ивановна Илларионованы кытта култуура салалтата көрүстэ.
Үйэлээҕи үксэтэ, үтүөнү үөдүтэ сылдьар ырыаһыт ыллам ыччаты Айыы балаҕанын дириэктэрэ Василий Васильевич Кочаткин арчылаата, сырыылара сатанарыгар аман тылынан алҕаата.
Ньургуйаана Ивановна 2024 сыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ бара турарын, түһүлгэни оҥоруу, сиэр-туом эбийиэктэрин тутуу саҕаламмытын эттэ. “Хас биирдии нэһилиэк, тэрилтэ бары олоҥхонон тыынан олорор”, – диэтэ. Ол курдук, олбох тигэллэр, ситии хаталлар, испэктээк туруоруутугар күрэхтэһэллэр эбит.
Чахчыта да, Т.В. Захаров-Чээбий, Е.Е. Иванова, Күннүк Уурастыырап, Үстүүн Нохсоороп курдук, Саха Сиригэр киэҥник биллибит олоҥхоһуттар дойдуларыгар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллара икки бүк эппиэтинэстээх, ураты суолталаах.
Манна Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар искусствоведение наукатын кандидата Виктория Георгиевна Григорьева үлэлиир эбит. Дэгиттэр дьоҕурдаха киһи концертмейстердыыр даҕаны, фортепионаҕа да уһуйар, дириэктэри методическай чааска да солбуйар. Аны, билим таһымыгар олоҥхону үөрэтэн, «Эпические и песенные традиции саха в творческом наследии У.Г. Нохсорова» диэн диссертацияны көмүскээбит. Ити тиэмэтин иитинэн “Олоҥхоһуттар Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” диэн аһаҕас уруогу ыытта. Олоҥхолоох айанньыттар онно сырыттылар, операторбыт М.Эверстов СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин “Олоҥхо” саайтыгар анаан барытын уһулла, ону фольклор куруһуогун учууталлара үлэлэригэр туһаныахтарын сөп.
Бу айан хардарыта байытыһарга, санаа атастаһарга тоҕоостоох сырыы буолла. Ол курдук, десант кыттыылаахтара олоҥхону толорууга бэйэлэрэ эмиэ маастар-кылаас ыыттылар. Холобура, Станислав Иванов Мэҥэҕэ бэйэтэ салайар бөлөхтөөх, Прасковья Лебедева Табаҕаҕа музыкальнай оскуолаҕа үлэлиир, Марфа Аммосова Дьокуускайга “Одун” ансаамбылга фольклору үөрэтэр. Кинилэр уһуйар ньымаларын билиһиннэрдилэр, оҕону олоҥхолоторго тус уопуттарыттан үллэһиннилэр.
Аммаҕа олоҥхонон Бөтүҥ оскуолата утумнаахтык дьарыктанар. Манна Анисия Даниловна Софронова диэн үтүөкэннээх уһуйааччы 1998 сыллаахха “Оллоон” диэн оҕону олоҥхонон уһуйуу утумун төрүттээбит. Дьэ, уонна 20-тэн тахса сыл салҕыбакка дьарыктаан, Амматтан элбэх ыллыыр-туойар ыччаты такайан таһаарбыт. Олортон биирдэстэрэ Анна Михайловна Кириллина биһигини арыаллыы сырытта. Кини бу күһүн “Олоҥхо-баттлга” көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Олоҥхону толорорун биһиги эмиэ киинэҕэ устан үйэтиттибит.
Билигин “Оллоону” А.Д.Софронова үөрэнээччитэ София Олеговна Егорова салайар. Биһиги тиийбиппитигэр, икки үөрэнээччитэ Дьокуускайга олоҥхоһут оҕолор лааҕырдарыгар барбыт этилэрэ. Ол да буоллар, алта толорууну уһуллубут. Ону барытын таҥан оҥордохпутуна, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин olonkho.nlrs.ru саайтыгар үйэтитиэхпит, электроннай пуонда быһыытынан үйэ-саас хараллан хаалар.
-Биһиги бу куруһуокка иккис кылаастан сылдьабыт. Сылын аайы “Олоҥхо дойдутун оҕотобун”, “Олоҥхо-kids”, “Бриллиантовые нотки” курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Билигин Олоҥхо ыһыаҕар анаан аммалардыы оһуохайы үөрэтэ сылдьабыт, – дииллэр Карина Непомнящая, Айыллаана Иванова.
Амма сэлиэнньэтигэр “Күөгэйээнэ” бөлөх далбар хотуттара биир дойдулаахтара Екатерина Иванова «Айдаарыкы араҕас аттаах Аландаайы-Куландаайы бухатыыр” олоҥхтун куолаан толордулар.
Салайааччылара Александра Ивановна Артемьева – СӨ үтүөлээх учуутала, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Амма улууһун уонна нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина.
-Бэйэм Сунтаар Күүкэйиттэн төрүттээхпин. Норуот ырыаһыта Дария Павловна Федорова кыыһа буоламмын, кырабыттан ыллаан-туойан улааппытым. Аммаҕа кийиит буолан сүктэн кэлэн олохсуйбутум 47 сыл буолла. Итинтэн 45 сылын оскуолаҕа үлэлээтим. Дьиҥэр, нуучча тылын учууталабын. Ол эрээри 90-с сылларга үөрэх тиһигэр национальнай кэнсиэпсийэ киирээтин кытта, хааммар ырыа-тойук иҥмит киһитэ тута төрүт култуураҕа көһөн хаалбытым. Уолаттары олоҥхолоторум. Олох төрдүс кылаастан уон биириһи бүтэриэхтэригэр диэри дьарыктаабытым. Олортон култуура хайысхатынан Николай Баттаахап барда, төрүт үстүрүөмэннэргэ оонньуур, оҕолору уһуйар.
Саҥа үйэҕэ үктэнээппитин кытта, олох балысханнык сайдан-уларыйан барбытыгар, ийэлэр оҕолорун сахалыы тыыҥҥа ииттиннэр диэн, 2003 сыллаахха аны улахан дьоҥҥо бу “Күөгэйээнэбин” тэрийбитим. Оччолорго хаһан да сыанаҕа тахсыбатах бэйэлэрэ уһуйуллан, билигин фольклор бары жанрдарын маастарыстыбалаахтык толорор буолбуттара үөрдэр.
Тоҕо эрэ, мин маннык санаалаахпын: дьахтар бөлөҕө кыыс бухатыыр туһунан эбэтэр дьахтар суруйбут олоҥхотун толоруохтаах диэн. Ол иһин бастаан Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыаттатын”, кэлин Е.Е. Иванова “Аландаайы-Куландаайытын” толорор буоллубут. Уонча сыллааҕыта бу Е.Иванова бэчээттэммит олоҥхото да суоҕа. Саха салаатын бүтэрбит Владимир Слепцов диэн уол, дипломнай үлэтин суруйарыгар анаан, үнүстүүттэн 300-чэкэ страница рукопиһы куоппуйалаабытын тута сылдьарын көрөн, ону уларсан, онон үөрэтэн саҕалаабыппыт. Кэлин В.В. Илларионов толорутун электроннай көрүҥүнэн биэрбитэ. Е.Е. Иванова бэйэтэ бааһынай буолан, нууччалыы тылы сахалытан наһаа туттар эбит. Ситиһиибит диэн, Үөһээ Бүлүүгэ буолбат Олоҥхо ыһыаҕар анал аакка тиксибиппит, итиэннэ М.Андросова-Ионова аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ иккистээбиппит. Быйыл Олоҥхо ыһыаҕар булгуччу кыттабыт.
Бу айаҥҥа сылдьан саамай сэҥээрбит киһим – Егор Трофимович Никифоров. Бөтүҥ оскуолатын историк учуутала.
Кини Дьокуускай куоракка улааппыт, 13 сааһыгар диэри сахалыы ончу саҥарбатах. Ол дьыл таайдарыгар Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр сайылыы тиийэн баран, Чап уустарыттан утумнаах удьуор хаана уһуктан, күһүн уу саха буолан төннүбүт үһү.
Маныаха эбээтэ Александра Макаровна Никифорова сабыдыала улахан. Кини уһуйуутунан кыратыттан хомус тарда үөрэммит. Кэлин Альбина Дягтерева “Айархаан” бөлөҕө тэрийбит 10 хонуктаах дьарыгар уһуйуллаат, барытын түргэнник ылынар дьоҕурдаах уол тыаһы-ууһу таһаарар сатабылы толору баһылаабыт. Ахсыс кылааска Дубайга тиийэн, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска Гран-при буолары ситиспит.
Ытыс саҕа ымыыта салгыы кинини аны олоҥхоҕо сирдээбит. 2021 с. Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар хомустуу тиийэн баран, Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыры кытта билсэн, кини салайар “Күн сандаар” бөлөҕөр киирэн, аны олоҥхону толоруу абылаҥар куустарбыт.
“Олоҥхолуур буолуохпуттан ыла бэйэбин буллум. Урут наар туох эрэ тиийбэт, туохха эрэ ыксыыр курдугум. Билигин холкубун, бэйэм сыалбын-сорукпун чопчу билэбин”, — диир Егор Трофимович.
Кини электроннай пуондаҕа анаан Үөһээ Бүлүү олоҥхоһута Ынта Микиитэ “Көр Буурай бухатыыр” олоҥхотун толорон иһитиннэрдэ. Урукку олоҥхоһуттар курдук, Егор Никифоров, олоҕурбут ирдэбили тутуспакка, бэйэтэ баҕарбытынан ыллыыр-туойар, матыыбын хайдах саныырынан дьиэрэтэр, уһатар-кэҥэтэр, умнаары гыннаҕына, тылын уларытан-тупсаран биэрэр. Биир бэйэм Егор көҥүл тыыннаах, ис-иһиттэн иэйэр-куойар ураты толоруутун олус сэргээтим.
Кэнтик бастакы кинээһэ Боччойо сыдьаана Егор Никифоров, баардаах баара өтөн, талаана өссө тахса туруо диэн эрэнэбин. Дэйбиирин кытта бэйэтэ оҥосторун истэн хайҕаатым. Дэгиттэр дьоҕура ити курдук арыллан истин!
Оттон күндү ааҕааччыларга санатабыт, бу “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн, Олоҥхо ассоциациятын кыттыгас бырайыага буолар. Быйыл Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын гранын ылан, ахсынньы 11-16 күннэригэр Таатта-Амма улуустарынан түөлбэ олоҥхоһуттары уста, олоҥхо дьоро киэһэлэрин тэрийэ. өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ыччат толорооччулары иһитиннэрэ, саҥа саҕалааччылары уһуйар соруктаах сырытта. Ол туһунан “Сахапарламент”, “Саха сирэ”, Национальнай бибилэтиэкэ саайтарыгар, “Ил Түмэн” хаһыакка ааҕыҥ. “Саха” НКИХ “Сонуннар”, “Саҥа күн” биэриилэргэ, “Тэтим” араадьыйа быһа эпииригэр кэпсээтибит.
Сырдатта Анисия Иевлева, “Олоҥхо” сайт редактора