Хорулаҕа Олоҥхо балаҕана баар буолла - Сайт Олонхо
Главная / События / Хорулаҕа Олоҥхо балаҕана баар буолла

Хорулаҕа Олоҥхо балаҕана баар буолла

Ньурба улууһун Хорула түөлбэтигэр улууска аан бастыкынан Олоҥхо балаҕана тутуллан, аһыллыы үөрүүлээх түһүлгэтигэр Таатта улууһуттан ыҥырыылаах ыалдьыттар: олоҥхону толорооччу Алексей Николаев, Раиса Маркова уонна олоҥхону суруйааччы Акулина Егасова мааныланан, ыллаан-туойан, дойдубутугар, улууспут төрөөбүт үөрүүлээх күнүгэр тиийэн кэллибит.

Олоҥхо балаҕаныгар Ийэ олоҥхоһут Иванов Василий Иванович-Чиллэ Баһылай аатын иҥэрдилэр. Ытык киһи Чиллэ Баһылай 73 хаарын санныгар түһэрбит, уопсайа бэйэтэ суруйбут 9 олоҥхолоох эбит. Сылаас эркиннээх саҥа балаҕан бастакы дьоро күнүгэр дьону-сэргэни кэмэ суох тоҕуорутта!

Алгыс ааттааҕа үөһэ көтөҕүлүннэ. Улуус-улуус аайыттан аҕа саастаах ыҥырыылаах олоҥхоһуттар тоҕуорустулар. Уһун киэһэни, түүнү быһа, манна, олоҥхо бөҕөтө олоҥхолонно, сэһэргэһии, кэпсэтии үгэнэ тохтообокко салалынна. Мааны сандалы сахалыы итии-сылаас, остуол хотойорунан толору минньигэс астаах, тиһигин быспакка тэрилиннэ, оһуохайы оройуттан туттубут!

Улуус чулуулара, бас-көс дьоно тыл эрэ маанытын аҕыннылар, кэс тыл үтүөтүн тиэртилэр. Оҕо-уруу үөрүүтэ-көтүүтэ үгүс буолла, барыыта-кэлиитэ хойуу буолла!

Раиса Маркова


Поделитесь этой страницей