«Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхо-испэктээги туруоруохтара
Ахсынньы ый 19 күнүгэр С.А.Зверев – Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр “Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” улуустааҕы бэстибээл-күрэс түмүгүнэн нэһилиэк талааннаах дьонун “Уол Дуолан бухатыыр” олоҥхо-испэктээк оруолларыгар сүүмэрдиир төгүрүк остуол буолла.
Киин дириэктэрэ А.Д. Седалищев Абырайыак олоххо киирэригэр элбэх үлэ бара турарын эттэ. Кэлэр сылга өссө элбэх хамсааһын үлэ күүтэрин сырдатта.
Норуодунай тыйаатыр салайааччыта Е.А. Григорьева олоҥхо уопсай кэнсиэпсийэтин ырытан кэпсээтэ, төрүт култуура салаатын сэбиэдиссэйэ М.А. Тараярова эппиэтинэстээх, тосхоллоох, таһаарыылаах үлэ күүтэрин, төрүт култуура салаатын исписэлииһэ А.М. Федоров “Уол Дуолан бухатыыр” олоҥхо сүрүн дьоруойдарын наардаталаан биэрдэ.
Маны тэҥэ норуодунай тыйаатыр режиссера Т.Н. Зыравняева уос-тиис, тыын, дорҕоон тахсыытыгар маастар-кылаас ыытта, “Утум” олоҥхону толорооччулар олоҥхо дьоруойдарын тойуктарын уратытын толорон иһитиннэрдилэр.
Олоҥхо тыйаатырын үлэһитэ Д.С. Иванов куйаар ситиминэн быһа эпииргэ холбонон, кэпсэтиини салҕаата, бу олоҥхо туруута суолталааҕын, кэлэр кэскилгэ суол-иис хаалларар улахан нэһилиэстибэбит буоларын өйдөттө. Ону сэргэ, сүрүн оруоллар тойуктарын наардааһын, испэктээк тойугун уратытын, тойугу толорууга тыл инники туруохтаҕын чопчулаан кэпсээтэ.
Түмүктээн эттэххэ, кэлэр сылтан өссө турунан үлэлииргэ сыал-сорук ылынан күүстээх үлэ күөстүү оргуйара саарбаҕа суох.
Суруйда Сунтаар култуураҕа салаатын фольклорга исписэлииһэ А.А. Яковлева