Хардарыта тылбаастааһын үлэтэ салҕанар
Саха «Ньургун Боотур» олоҥхотун Арассыыйа наукаларын академиятын Уфатааҕы федеральнай чинчийэр киинин историяҕа, тылга уонна литератураҕа институтун учуонайдара тылбаастаатылар.
Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньыларын хардарыта тылбаастааһын үлэтэ ЮНЕСКО иһинэн «Аан дойду норуоттарын эпоһа» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак чэрчитинэн 2014 с. ыла саҕаламмыта бара турар. Ол сылга СӨ Ил Дарханын иһинэн «Олоҥхо» национальнай тэрийэр кэмитиэтин быһаарыытынан «Бичик» саха национальнай кинигэ кыһатыгар «Аан дойду норуоттарын эпоһа» диэн ааттаах кинигэ серията олохтоммута. Бу серияҕа бастакынан 2014 с. кыргыз норуотун улуу эпоһа «Манас» сахалыы тылбаастанан тахсыбыта. Хардары Платон Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото Бишкеккэ кыргыз тылынан тылбаастанан бэчээттэммитэ.
Итинтэн салгыы 2017 с. алтаай норуотун эпоһа «Маадай Хара» уонна 2022 с. тыва эпоһа «Хунан Хара» сахалыы тылынан тахсыбыттара. Хардары 2020 с. Горнай Алтай Өрөспүүбүлүкэтигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо алтаайдыы тылбаастанан тарҕаммыта.
Дьэ, онтон «Ураал-баатыр» диэн башкир норуотун тылынан уус-уран кылаан айымньыта биллиилээх литературовед, башкир норуотун суруйааччыта Ахияр Хакимов оҥорбут нууччалыы тиэкиһиттэн 2017 с. бүтүүтүгэр сахалыы тылбаастанан туспа кинигэ буолан тахсыбыта. Билигин аны башкир ааҕааччылара саха аатырбыт олоҥхотун бэйэлэрин тылларынан ааҕар кыахтаннылар.
«Аан дойду норуоттарын эпоһа» бырайыак ааптара уонна салайааччыта, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков этэринэн, саха олоҥхотун башкир тылыгар уонна башкир норуотун эпическэй айымньытын сахалыы тылбаастыыр туһунан сөбүлэһии Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Рустэм Хамитовы кытта 2014 с. бүтүүтүгэр буолбута. Ити кэпсэтии кэнниттэн Р.З. Хамитов сорудаҕынан тылбаас үлэтин Башкортостаҥҥа бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Салават Сагитов иилээбит — саҕалаабыт.
Билигин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону салгыы турок, казах уонна хакас тылларыгар тылбаастааһын үлэтэ бара турар. Хардары, ити омуктар мэҥэ тойуктарын (эпическэй айымньыларын) саха тылыгар тыбаастааһыны саха учуонайдара уонна тылбаасчыттара кыттыһан оҥоро сылдьаллар.
Биир силистээх-мутуктаах түүр норуоттарын тылынан уус-уран айымньылара айыллан-хоһуллан тахсыылара норуоттар историяларын кытта быстыспат ситимнээх. Уруулуу норуоттар үйэлэр уҥуордарыттан илдьэ кэлбит култууралара хардарыта байытыһыыларын түмүгэр майгыннаһар өрүттэр, сюжеттар баалларын бэлиэтии көрүү биһиги уруулуу норуоттарбытын ордук чугаһасыһыннарар, хардарыта ытыктаһыыны, үтүө өбүгэлэрбит хаалларбыт сүдү бэлэхтэрин сатаан харыстаһарбытыгар кыаҕы улаатыннарар. Аныгы кэм быһымах тэтимнээх түгэннэригэр омук бэйэтин култууратыгар, төрүт өйдөбүллэригэр тирэҕирэр, бөҕөргүүр, кыахтанар, оннун булунар. Түүр норуоттарын тылынан уус-уран айымньыларын хардарыта харыстаһыы, үөрэтии, киэҥник тарҕатыы үлэтэ салҕанар.
С. Васильев, Ил Түмэн