Олоҥхо дьоруойдарын көстүүмнэригэр күрэх
Таатта улууһун алын кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна уһуйааннарын кырачааннара “Күннээх оҕо саас оһуора” диэн олоҥхо персонажтарын көстүүмнэрин куонкуруһугар кытыннылар.
Күөн күрэс икки түһүмэҕинэн тэрилиннэ- күннэтэ кэтиллэр сахалыы таҥас уонна ОЛОҤХО персонажтарын көстүүмэ. Барыта 26 кыттааччы, 3 уһуйаан, 1 оскуола тэрилтэтэ кытыннылар.
Маннык киэптээх тэрээһин аан маҥнайгытын ыытыллан, элбэх киһи сэҥээриитин ылла. ОЛОҤХО алыптаах эйгэтин дьоллоох оҕо саас мичээринэн туолла, кэрэкэ көстүүм, ураты талааннар арылыныллар.
Кылаан кыайыылааҕынан “Сулусчаан” уһуйаан иитиллээччилэрин “Сир симэхтэрэ” бөлөҕө чаҕылхай кыайыыны ситистэ (салайааччы Алексеева Е.Т., Дягилева С.А.)
Онтон бөлөхтөрүнэн маннык түмүк таҕыста:
Күннэтэ кэтиллэр сахалыы таҥаска 1 миэстэ — Чэмэлиинэ уонна Уйгулаана Аргуновалар (Тааттатааҕы лицей). Көстүүм ааптара — Тимирдяева Лидия Егоровна.
2 миэстэ — Комиссарова Амелия («Сулусчаан»). Көстүүм ааптара — Комиссарова Айталыына Егоровна.
3 миэстэ — Павлова Арыйаана («Сулусчаан»).
ОЛОҤХО персонажтарын көстүүмүгэр 1 миэстэ — Самаана Боппосова (Ытык Күөл), ааптар — Боппосова Сахаяна Савична.
2 миэстэ — Атастырова Айталыына («Сулусчаан»), Марков Эрсан («Кэнчээри»). Ааптардар — Атастырова Дария Николаевна, Маркова Марфа Прокопьевна.
3 миэстэ — Пестрякова Кэрэли («Сулусчаан»), ааптар — Семенова Галина Семеновна.
Куонкурус сүрүн спонсора “Модун” маҕаһыын сал. Сардана Николаевна Винокуроваҕа
норуоппут сүдү баайыгар — ОЛОҢХО сайдыытыгар — кылаатыҥ иһин махтанабыт.
Бары кыттааччыларга айымньылаах үлэни, дьолу соргуну баҕарабыт.
Тааттатааҕы норуот аймыньытын киинэ.