Олоҥхо дойдутун ойуулуур оҥоһуктары көрдөрүүгэ туруордубут
Быйыл сайын бэс ыйын 19-21 күннэригэр Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Ыһыахха анаан 19 эбийиэк тутулла турар. В.Яроев «Уран» дизайн-устуудьуйата Аал Луук маһы тутан саҕалаабыт. Моҕол ураһа, олоҥхоһут оҕолорго аналлаах балаҕан, көрөөччү тырыбыната, күнү көрсөр, уустар, күрэхтэри ыытар түһүлгэлэр, кымыс иһиитин сиэрин-туомун ытык сэргэтэ, ытык дуоҕа анньыллар олоҕо, кутаа оттор холумтан, о.д.а. оҥоһуллуохтаах.
Бэлэмнэнии үлэлэр туһунан сиһилии кэпсииригэр Амма улууһун култуураҕа управлениетын начаалынньыга Иван Ивановтан көрдөстүм.
— Олоҥхо ыһыаҕар күргүөмнээх бэлэмнэнии бара турар. Быйыл Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт “Якутия мастеровая” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа анаан-минээн улахан хос ыламмыт, оҥоһуктарбытын көрдөрдүбүт. Амма улууһугар 14 нэһилиэк баар. Олортон хас биирдиилэриттэн 2-3-түү үлэ турда. Буолбут куонкурустарга барытыгар кытынныбыт, үлэлэрбит барыта саҥалар.
Быйыл биһиги улууспутгар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллаары турарынан, Олоҥхо дойдутун арыйарга болҕомтобутун уурдубут: куукулалар, иһиттэр, таҥастар, туттар мал-сал, паннолар. Оҥоһуу матырыйаалара араас, кылтан-сиэлтэн саҕалаан, тимир иһиттэргэ тиийэ.
Манна даҕатан эттэххэ, улууспутугар 9 норуот маастара, 20-тэн тахса уус-уран үөрэхтээһинин маастара, 17 мас ууһа, маны тэҥэ маһынан уһанааччылар, тимири уһаарааччылар бааллар. Былырыын, Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт улахан ыһыаҕы тэрийбиппит. Буолар күнүн иннинэ Амма тааһыттан уһааран, улахан болгуону оҥорбуппут. Онно улууспут тимиргэ маастардара мустубуттара. Онон тимир уһаарыыга уопутурдубут, билиибит хаҥаан иһэр.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа эмиэ уратылаах буолуо. Амма улууһун Болугур сиригэр Кулун Атах култуура эспэдииссэйтин кэмигэр 1117 сыллаахха оҥоһуллубут кыптыый көстүбүтэ. Бу Саха Сиригэр булуллубут маҥнайгы кыптыый буоларынан, археология уонна этнография түмэлигэр хараллан сытар. Манан сиэттэрэн, ыһыах кэмигэр “Тимир уус” түһүлгэтигэр уустар кыптыый оҥорон таһаарыахтаахтар.
Түгэнинэн туһанан, улууспут олохтоохторугар, маастардарбытыгар, уран тарбахтаахтарбытыгар махталбын тиэрдэбин. Ыытыллаары турар улахан тэрээһиҥҥэ хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо кыттыһан бэлэмнэнэ сылдьарыттан үөрэбит.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан Амма оройуонугар Олоҥхо ыһыаҕын ыытарга бэлэмнэниигэ тэрийэр кэмитиэт састааба бигэргэтиллибитэ. Күүтүүлээх ыһыах хайдах ыытыллара, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар бырайыактара оҥоһуллубуттар. Сүрүн режиссерунын СӨ судаарыстыбаннай циркэтин дириэктэрэ Сергей Расторгуев бигэргэтиллибит.
Галина Матвеева, «Ил Түмэн» хаһыат кэрэспэдьиэнэ