Орто туруу дойду төрүт кэскилэ — Олоҥхо
Бу күннэргэ Амма улууһугар Олоҥхо XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалбыт ынан араас тэрээһиннэр буола тураллар.
Болугурдааҕы Майрод Ноговицын аатынан култуура киинин уус-уран салайааччыта Евдокия Платонова бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин туһунан бу курдук кэпсээтэ:
— “Орто туруу дойду төрүт кэскилэ — Олоҥхо” диэн ааттаан «Колосок» уһуйаан иитиллээччилэрэ, Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын учууталлара кыттыылаах, өбүгэ үгэһин утумнаан, ситии салама баайдылар. Юрий Борисов «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун» олоҥхотуттанн быһа тардан көрдөрдүлэр.
М.А. Ноговицын аатынан култуура кииниттэн нэһилиэк тэрилтэлэрэ, оскуола оҕолоро, уопсастыбаннай түмсүүлэр, быһата, нэһилиэк дьоно бука бары кыралыын-улаханныын сахалыы таҥнан, сэлэлээн хааман, сынньалаҥ пааркабытыгар тиийэн, үөрүүлээх тэрээһиммитин ыыттыбыт.
Нэһилиэк баһылыга Андрей Петров, Амма улууһун, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, тыа сирин бастыҥ баһылыга Мария Софронова эҕэрдэ тыл этэн, «Орто туруу дойду төрүт кэскилэ – Олоҥхо» анал ытык бэлиэ күн саргылаах ситии саламаҕа, баҕа санаа бастыҥын анаан, таҥас кырадаһынын баайан, алгыстаах алаадьынан ытык маспытын аһатан, көҥүл ылан арыйдыбыт. Бу күн нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ Олоҥхо ыһыаҕар ананан тигиллибит олбохторун баһылыкка туттардылар.
Саха сахатынан кэрэ, кини уус удьуора, мындыр өйө, сырдык санаата, баҕарар баҕата түмүллүбүт тылынан уус-уран сүдү айымньыта олоҥхо бүтүн аан дойдуга аатырда, саха аатын ааттатта. Быйыл сайын ытык Аммабытыгар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын бары биир санаанан салайтаран, түмсэн үрдүк таһымҥа ыытар соруктаах араас тэрээһиннэри ыытан, ыһыахпытыгар бэлэмнэнэбит.
Елена Потоцкая
Хаартыска — Евдокия Платонова тиксэриитэ