Олоҥхоһут учуутал — «Бастыҥ учуутал»
Кулун тутар 18-19 күннэригэр илин эҥээр улуустар эдэр учууталларыгар идэ таһымын үрдэтэр, учуутал сыралаах үлэтигэр бэриниини, тапталы угуйар күөн күрэс буолан ааста.
Бастакы күн «Дьоһуннаах кэпсэтии», аһаҕас уруок, оттон иккис күҥҥэ маастар кылаас уонна «Тылы учууталга» диэн түһүмэхтэр буоллулар. Маастар кылааска учууталлар бэйэлэрин үлэлэригэр туттар, уратылаах, аныгылыы, билиҥҥи кэм үөрэнээччитигэр сөп түбэһэр бастыҥтан бастыҥ ньымаларын билиһиннэрдилэр. Бииртэн биир ураты, интэриэһинэй, оҕо билиини ыларыгар болҕомтону хайдах тардан үөрэтэр уратыларын үллэһиннилэр.
Чахчы даҕаны, маннык аныгылыы көрүүлээх, киэҥ билиилээх, бэйэлэрин санааларын, толкуйдарын сайа этэр, киһиэхэ тириэрдэр учууталлар баар буоллахтарына, инникибит кэскилэ киэҥ эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Бүтэһик, «Тылы учууталга» түһүмэххэ эдэр учууталлар бэйэлэрин көрүүлэрин эттилэр, сүбэ-ама ыллылар, саҥа санаалар сонун идиэйэлэр этилиннилэр.
Икки күннээх эрийсиилээх күрэх түмүгүнэн финалист аатын сүктүлэр — Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын алын кылаас учуутала Аргунова Юлия Захаровна, Таатта улууһун А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин история уонна обществознание учуутала Миронов Артур Евгеньевич, Чурапчы улууһун Д.Д.Красильников аатынан орто оскуолата история уонна общество учуутала Санников Юрий Андрианович, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын математикаҕа учуутала Дьячковская Любовь Михайловна, Уус Алдан улууһун В.В. Алексеев аатынан Мүрү уоланнар гимназияларын технология учуутала Тарабукин Иннокентий Константинович, Уус Алдан улууһун М.Н.Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын биологияҕа учуутала Никифоров Алексей Афанасьевич.
Оттон муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Амма улууһун Бөтүҥ Н.Е. Иванов аатынан агро хайысхалаах орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Никифоров Егор Трофимович сүктэ. Итиэннэ инникитин илин эҥэр улуустар ааттарыттан “Сыл бастыҥ учуутала” күрэххэ кыттар чиэскэ тигистэ.
Егор Трофимович Бөтүҥ орто оскуолатыгар иккис сылын үлэлиир. 23 үөрэнээччилээх V кылааһы салайаччыта, «Эдэр этнограф» диэн куруһуогу ыытар. Кини бу күннэргэ Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо научнай-практическай кэмпириэнсийэтин чэрчитинэн ыытыллыбыт олоҥхону тута хоһуйуу күрэҕэр иккистээбит. 13 сааһыгар диэри сахалыы саҥарбатах уол олоҥхонон үлүһүйэн, билигин: «Бэйэбин, дьэ. буллум», — диир. Кини «көр Буурай бухатыыр» олоҥхоттон толоруутун истиҥ.
Мария Иванова матырыйаалынан бэлэмнээтибит.