Олоҥхо дьиэлэрэ кэнэҕэс ыччакка туһалыахтара турдаҕа - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо дьиэлэрэ кэнэҕэс ыччакка туһалыахтара турдаҕа

Олоҥхо дьиэлэрэ кэнэҕэс ыччакка туһалыахтара турдаҕа

2023 сылга Олоҥхо дьиэлэрин ситимнэрин сайыннарыыга эрэгийиэн бүддьүөтүттэн  50 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ.

Онон айар бырайыактары олоххо киллэриигэ уонна матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаны тупсарыыга Олоҥхо уон дьиэтэ субсидия ылбыта.  Өрөспүүбүлүкэ уон улууһун Олоҥхотун дьиэтэ бу үбү олоҥхо матыыбынан испэктээктэри туруорарга, култуура-маассабай тэрээһинэригэр, аппаратуура атыылаһарга, көстүүмнэри тигэргэ туһанар кыахтаммыта.

Олоҥхо кииннэрэ  өрөспүүбүлүкэ бары кэриэтэ улуустарыгар сыыйа-баайа аһыллаллар. Кииннэр матырыйаалынайа суох култуурунай нэһилиэстибэ нөҥүө норуот үгэстэрин өйүөхтээхтэр уонна сайыннарыахтаахтар.

Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар, «Күн дьоно» бөлөх салайааччыта:

— Саха киһитэ балаҕан туттан, олохсуйан, түптэ уматан, ыһыах ыһан,  олоҕу уруйдаан, киһи сиэринэн сайдан, олорон кэллэҕэ. Дьэ, итиниэхэ билигин Олоҥхо дьиэлэрин, балаҕаннарын тыа сирдэригэр  тутуу тэтимнээхтик барарын олус сэргиибит.  Итинник үчүгэй дыбарыас кэриэтэ Олоҥхо дьиэлэрдээх дьон, ама, ыччаттарбытын саха норуотун култууратыгар, үгэстэрбитигэр уһуйбат буолуохпут дуо? Баар усулуобуйаны сатаан уонна туһалаахтык туһаныахпытын эрэ наада.

Мин үлэбинэн элбэх улууска сылдьабын. Холобур, быйыл кыһын Ньурба улууһун Хорулатыгар аһыллыбыт Олоҥхо балаҕаныгар сылдьан, саха буолан төрөөбүппүнэн уонна өрөспүүбүлүкэ былааһа Олоҥхо дьиэлэрин тутууга үбү көрөн көмөлөһөрүн итэҕэйэн, сүөм үрдээн кэлбиттээҕим. Онон, Олоҥхо дьиэлэрэ өссө да элбэх сиргэ тутуллан, матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазалара тупса туруон, дьону-сэргэни чахчы Олоҥхоҕо сыһыарар киэҥ уораҕай буола туруоҕар баҕарабын. Бары улуустарынан Олоҥхо дьиэлэрэ тутуллара олус суолталаах, наадалаах уонна иники кэлэр ыччакка туһалаах буолуо этэ
Ол курдук,  бастатан туран, норуот олоҥхото кини илдьэ сылдьар тойуктара, ырыалара, оһуохайа саха баарын тухары үйэтэ уһуур, кэскиллэнэр, кэнчээрилэнэр».

Надежда Егорова, «Саха Сирэ».

Поделитесь этой страницей