“Ньургун Боотур” опера айыллыбыт устуоруйата
Муусука ускуустубатын көмүс пуондатыгар киирбит “Ньургун Боотур” операны композитор Марк Николаевич Жирков уонча сыл чочуйан суруйбута.
1947 сыллаахха Саха автономиятын 25 сылыгар “Ньургун Боотур” драмаҕа олоҕурбут маҥнайгы национальнай опернай испэктээк киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта. Испэктээк муусукатын Марк Жирков уонна Генрих Литинскэй суруйбуттара. Ол кэннэ 1957 сыллаахха бу олоҥхо Станиславскай уонна Немирович-Данченко ааттарынан Москубатааҕы муусука тыйаатырын сыанатыгар турбута. Күн бүгүҥҥэ диэри бу жанрга соҕотох уонна хатыламмат испэктээк буолар.
Саргылана Максимова, СӨ Национальнай бибилэтиэктин дириэктэрэ:
-СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ Марк Николаевич Жирков аатын үйэтитэргэ Опера уонна балет тыйаатырын, Бүлүү улууһун кытта ыкса үлэлэһэр. Марк Николаевич нуотанан рукопиһа бибилэтиэкэбит кинигэ пааматынньыктарын научнай-чинчийэр киинигэр хараллан сытар. Билигин Марк Жирков айымньыларын толору хомуурунньугун оҥорорго үлэлэһэ сылдьабыт. Бу бырайыагы музыковед, искусствоведение хандьыдаата Татьяна Павлова-Борисова салайар. Былаан быһыытынан, барыта уон туом тахсыахтаах. Марк Жирков хомуурунньугун оҥорорго 2017 сыллаахха ылсыбыппыт. 10 туом барыта таҕыстар, Саха Сирин култууратыгар биир улахан суолталаах событие буолуо этэ.
Лира Габышева, СӨ ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ:
-30-с сылларга өрөспүүбүлүкэ салалтата саха идэтийбит муусукатын олохтуур үрдүк суолталааҕын өйдөөн, Жирковка бу үлэни туттарбыта. Онон опера уонна балет национальнай тыйаатырын уонна саха муусукатын атаҕар туруута, үөскээһинэ Марк Николаевиһы кытта ыкса ситимнээх. Марк Николаевич Москубатааҕы консерваторияны бүтэрэн, Дьокуускайга төннөн кэлбитэ. 1936 сыллаахха Национальнай хору тэрийбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ идэтийбит музыканнары иитэн таһаарарга маҥнайгы хардыылар оҥоһуллубуттара. Былатыан Ойуунускай “Туйаарыма Куо” драматын түмүктүүр чааһыгар муусука суруйбута. Онон олоҥхоҕо аан бастакытын оркестр доҕуһуола тыаһаабыта, дьон сэргэ сөҕө-махтайа ылыммыта. Бу кэнниттэн Жирков “Туйаарыма Куо” үс оонньуутугар муусука суруйар. Маныаха режиссер В.В. Местников уонна худуоһунньук Г.М. Туралысов Москубаҕа баран түмэллэргэ, тыйаатырдарга, мастарыскыайдарга сылдьан, саҥа техническэй приемнары үөрэтэллэр. Испэктээк бэлэмнэниитигэр Ойуунускай бэйэтинэн кэлэн көрбүт, Москубаттан кэлээт, испэктээккэ сылдьыах буолбут даҕаны, олунньуга хаайыллар.
1938 сыллаахха “Туйаарыма Куо” тыастаах-уустаах премьерата ааһар. Дьон-сэргэ уруйдуу-айхаллыы көрсөр, артыыстар тута аатыраллар. Жирков суруйарынан, “Туйаарыма Куо” 50 төгүл сыанаҕа турбут. “Жирков суруйбут муусукалаах Ойуунускай олоҥхото национальнай операны тэрийэргэ олук буолуоҕа” диэн дьон эрэнэр эбит. Ол эрээри Ойуунускай бэс ыйыгар норуот өстөөҕүнэн биллэриллэр, тыйаатыр үлэһиттэрин хаайталаан бараллар, силиэстийэ ыыталлар. Тыйаатыр уонна муусука ускуустубата улахан охсууну ылар. Маҥнайгы музыкальнай драма, сөптөөх сыанабылы ылбакка, өр кэмҥэ тохтоон хаалар.
” *** Оччолорго Ойуунускай дьыалатынан сибээстээн тыйаатырга куттал суоһуур. Репертуартан аан бастакынан “Туйаарыма Куо” уһуллар, тыйаатыртан суруйааччы аатын былдьыыллар. Тыйаатыр аата суох хаалар, дириэктэр Т.П. Местников, худуоһунньук Г.М. Туралысов, режиссер В.В. Местников тутуллаллар. Силиэстийэ кэнниттэн В.В. Местников төттөрү кэлэн, айар үлэ былаанын сөргүтэр. Оччолорго Г.М. Туралысов босхолоно илик. “Туйаарыма Куоҕа” оҥоһуллубут үлэни, уопуту сөргүтэргэ быһаараллар. Ити курдук “Дьулуруйар Ньургун Боотур” музыкальнай драманы оҥорорго үлэ саҕаланар.
Жирков муусука эрэ суруйуутунан муҥурдаммат, норуот тылынан уус-уран айыньытын хомуйар, үөрэтэр. Маныаха улуустартан олоҥхоһуттар ыҥыраллаллар, ырыаһыттары истэллэр, талаллар, сыанаҕа тахсарга бигэргэтэллэр. Эдэр олоҥхоһут Устин Нохсоров куолаһын устар. Онон бу операны туруорарга Нохсоров Ньургун Боотур партиятын бастакы толорооччутунан буолар. Туйаарыма Куо партиятыгар А.Ф. Новгородова куолаһын усталлар, Михаил Жирков Ньургун Боотур ырыатын ыллыыр, В.А. Саввин — Уот Уһутаакыны, Д.П. Мосоркина — Аан Алахчын Хотуну.
Музыкальнай драма премьерата бүтүн өрөспүүбүлүкэни атаҕар туруорар. Киһи барыта бу айымньыны көрөргө талаһар, саалаҕа баппат гына киһи тоҕуоруһа мустар. Муусука тылынан, ырыанан-тойугунан, олоҥхо уобарастарын күүстээхтик арыйар.
Марк Николаев Жирков сыратынан уонна көҕүлээһининэн муусука судаарыстыбаннай устуудьуйа тыйаатыра тэриллэр. Муусука тыйаатырын сайыннарар үс сыллаах орто үөрэх кыһата, оҕо муусукатын оскуолата буолар. Мантан сиэттэрэн, Саха Сиригэр муусука тыйаатырын уонна маҥнайгы национальнай опера, балет испэктээктэрэ уонна саха симфоническай муусуката оҥоһуллан бараллар.
Сайыына Кларова, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.