“Олоҥхоһуттар: Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” аһаҕас уруок - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Исполнение / “Олоҥхоһуттар: Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” аһаҕас уруок

“Олоҥхоһуттар: Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” аһаҕас уруок

Амма улууһун А.А. Черемных аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрин методическай үлэҕэ солбуйааччы, фортепианоҕа уһуйааччы, искусствоведение билимин хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Виктория Георгиевна Григорьева биир дойдулаах олоҥхоһуттара Т.В. Захаров-Чээбий, У.Г. Нохсоров-Үстүүн Нохсоороп, В.М Новиков-Күннүк Уурастыырап, Е.Е. Иванова, А.Г. Агапов уонна да атыттар ыллыыр уратыларын, сатабылларын, ньымаларын өр сыл устата дьаныһан үөрэппитэ, наука хараҕынан чинчийбитэ.

2016 сыллаахха «Оллоон» фольклорнай бөлөх (Бөтүҥ) оччотооҕу салайааччыта А.Д. Софроновалыын, Үстүүн Нохсоороп ырыаларыгар тирэҕирэн, норуот ырыаларын толорууга практикум-сэминээри Дьокуускайга кэлэн, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыыппыттара. Виктория Георгиевна өрөспүүбүлүкэ муусукаҕа уһуйааччыларыгар уонна АГИКИ устудьуоннарыгар сиэр-туом уонна эпическэй айымньы ырыаларын толоруу туһунан лиэксийэлэри ааҕар.

        2017 сыллаахха «Эпические и песенные традиции саха в творческом наследии У.Г. Нохсорова» диэн диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээн, искусствоведение билимин хандьыдаата буолбута. Кини хас да сыллаах чинчийиитин түмүгүнэн саха фольклорун уһулуччулаах утумнааччыта, тута хоһуйуу маастара Үстүүн Нохсоороп саха национальнай оператын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах олоҥхоһут буолара бигэргэммитэ.

2021 сыллаахха В.Г. Григорьева «Интонационно-ритмические, тембровые упражнения на основе обрядовых и эпических песнопений (по образцам исполнительского искусства У.Г. Нохсорова» кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.

Виктория Георгиевна 2012-2014 сылларга Аммаҕа Олоҥхо ассоциациятын салайбыта. Кини көҕүлээһининэн «Ньургун Боотур» уонна «Көмүскэс санаалаах Күн Айыы киһитэ – Кэскил бухатыыр» олоҥхо-испэктээктэр Аммаҕа турбуттара.

Итинник билиһиннэрэн туран, «Олоҥхолоох айан: ноо!» бырайыак чэрчитинэн, Бэрэсидьиэн гранын өйөбүлүнэн уһуллубут “Олоҥхоһуттар: Үстүүн Нохсоороп, Күннүк Уурастыырап, Өлөксөй Агапов ырыаларыгар олоҕурбут ньыма” диэн аһаҕас уруогун көрүҥ, туһаныҥ.

Поделитесь этой страницей