Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы туом олоҥхоһуттарга аналлаах буолуоҕа.

Олоҥхоһут – норуот талба талааннааҕа

Аан бастаан саха олоҥхотун уонна олоҥхоһут диэн өйдөбүллэри наука эйгэтигэр киллэрбит академик А.Ф.Миддендорф суоллааҕы бэлиэтээһиннэригэр сирдьит сахалара түүн ортотугар кулуһун тула олорон олоҥхону толоро олороллорун уонна араас матыыбынан ыллыылларын сөҕөн-махтайан бэлиэтээбитэ баар. Ити кини киин улуустарынан Амма эргин айаннаан иһэн 1845 сылларга суруйбут буолуохтаах. Ол эрээри Дьааҥыга көскө олорбут идэтийбит фольклорист И.А.Худяков саха олоҥхотун уонна олоҥхоһуттар тустарынан бэртээхэй бэлиэтээһиннэри суруйан хаалларбыта ордук толору уонна сиһилии. Кини олоҥхону толоруллуутун өттүнэн народнай опера төрдө  уонна поэзия сүрүн көрүҥэ диэн бэлиэтээһинэ олоҥхоһут кыаҕын уонна талба талаанын ордук арыйан көрдөрөр

Кырдьык даҕаны, олоҥхоһут бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах буолар.

Кини – дорҕоонноох то­йук­сут уонна алгысчыт, сээркээн сэһэнньит уонна алыптаах остуоруйаһыт, чабыр­ҕахсыт уонна үгэһит. Итини тэҥэ түөлбэ күөл саҕа түһүлгэни төрүттүүр үҥкүүһүт үтүөтэ, хомуһуннаах ойуун буолар толору кыах үгүстэригэр баар буолар. Маныаха С.А.Зверев-Кыыл Уолун уран тыл ууһугар  уһуйбут, дорҕоон тойук туонатыгар таһаарбыт, көргө-нарга көҕүлээбит Я.Васльев-Ырдьаҥ Дьаакып  «тоҕус суол то­­йугу, тоҕус суол үҥкүү тылын, тоҕус суол олоҥхону, тоҕус суол ойуун кыырыытын, быһата, бары көрүҥтэн тоҕустуу суолу тутуһан толорор киһи саха ырыатын-тойугун, олоҥхотун, көрүн-нарын баһылаабыт курдук сананыахтаах» диэн этэрэ мээнэҕэ буолбатах. Чуолаан Сэргэй Зверев  хаалларбыт баай нэһилиэстибэтин анааран көрдөххө, фольклор бары жанр­дарын тэҥҥэ кэриэтэ толорор дэгиттэр талааннаах эбит. Кини курдук нохто­лоох тойон сүрэҕи долгутар олоҥхоһуттар бааллара эбитэ буолуо да, хомойуох иһин, сурукка-бичиккэ үйэтитиллибэккэ, биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыттара үгүс буолуохтаах. Бэл, С.А.Зверев-Кыыл Уолун саҕа фольклористар дьаныһан үлэлээбиттэрэ суох да, киниттэн баара-суоҕа «Кулан кугас ат­­таах Куллустай Бэргэн», «Кыыс Кыыдаан бухатыыр» олоҥхолордооҕун билэбит. Хомойуох иһин, кини олоҥхолоро толору суруллубакка хаалбыттара.

Аата-ахса суох элбэх олоҥхоһут баара

Олоҥхону ЮНЕСКО-ҕа сэдиэбир быһыытынан киллэриигэ оҥоһуллубут сайаапкаҕа 700-чэ олоҥхоһут аата киирбитэ. Оттон олоҥхо ыһыахтарын ыытарга  улуустарынан хара баһаам олоҥхоһут олоро сылдьыбытын туһунан бэлиэтииллэр. Кыраайы үөрэтээччи М.З.Сивцева Уус Алдан түөлбэтигэр олорон ааспыт олоҥхоһуттар тустарынан биэс кинигэни бэлэмнээн таһаарда. Онно уопсайа      хас олоҥхоһут олорон ааспыта чуолкайданна. Олоҥхо ыһыахтарыгар тахсыбыт улуус олоҥхоһуттарын туһунан антологияларга Бүлүүгэ, Верхоянскайга, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга төрөөн-үөскээн ааспыттарын туһунан бэлиэтээн суруйбуттара. Билигин кинилэр албан-дьаһах ааттарын үйэтитэр, сурукка-бичиккэ киллэрэр сорук турар. Маныаха Олоҥхо института биэс туомнаах олоҥхо энциклопедиятын таҥан оҥорууга ылсыһан үлэлээн эрэр, олоҥхоһуттарга аналлаах маҥнайгы туому бэлэмнээн таһаарыы көрүлүннэ уонна онуоха аналлаах тускуллаах үлэ тэриллэн ыытыллар.

Олоҥхоһукка норуот сыһыана

Олоҥхоһуттар норуот бу сүдү баайын үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн, бүгүҥҥү күҥҥэ аҕаллылар. Ол да  иһин но­­руот кинилэргэ сыһыана ураты этэ. Олоҥхоһуттар чаҕылхай талааннарын, абааһылары кытта күрэхтэспиттэрин, уус-­уран тыл  көмөтүнэн ыарыылары, дьаҥнары кыайбыттарын, хаппыт мас көҕөрөн тахсыар диэри диэри туойбуттарын туһунан үгүс үһүйээннэри, номохтору истиэххэ сөп.

Урукку өттүгэр олоҥхоһут хоммут ыалыгар дьоро киэһэ буолара. Аатырбыт, биллэр олоҥхоһуттар кэлэн ааһар сурахтара хас да күн инниттэн биллэрэ, ас киэнэ бастыҥа тардыллара, дьоллоох дьоро киэһэ тэриллэрэ. Чугас эргин ыаллар олоҥхону истээри мусталлара. Ол туһунан эпосовед И.В.Пухов “Олоҥхо толоруллуута” диэн эрдэтээҥҥи ыстатыйатыгар И.Сулумаатап диэн Чурапчы аатырбыт олоҥхоһутун саха ыала хайдах көрсүбүтүн, түүн үөһүгэр диэри толорбутун, истээччилэр олус умсугуйан истибиттэрин туһунан толору ойуулаан суруйбута. Норуот олоҥхоҕо умсугу­йуута, тардыһыыта түбэһиэхчэ буолбатах. Оччолорго үөрэх, култуура сайда, билиҥҥи курдук кулууп, тыйаатыр, култуура тэрилтэлэрэ суох эрдэхтэринэ, олоҥхолооһун дьон-сэр­гэ оҕотуттан оҕонньоругар диэри эстети­ческэй, култуурунай наады­йыыларын толороллоро. Саха дьоно барахсаттар олоҥхо истэ олорон, устар ууну сомоҕолуур уран тыл ухханыгар оҕустаран, ”киирбэт күннээх, өрөөбөт өтөннөөх, үүт үрүмэ күөллээх үтүө дойдуга” тиийэллэрин, айыы уонна абааһы бухатыырдарын “отут хонуктаах охсуһууларын” илэ харахтарынан көрөн, күннээҕи кыһалҕалаах олохторун умналларын туһунан олус толору, итэҕэтиилээхтик суруйан турар. Дьэ, ол да иһин олоҥхоҕо тардыстыы улахан этэ. Олоҥхолооһун улахан кэрэхсэбили ылара.

Сээркээн Сэһэн – маҥнайгы олоҥхоһут

П.А.Ойуунускай олоҥхо туһунан маҥнайгы ыстатыйатыгар олоҥхону айбыт киһинэн Сээркээн Сэһэни ааттыыр. Иккис өттүнэн олоҥхоҕо кыттар персонаж быһыытынан көстөр. Биир тииҥ тириитэ саҥыйахтаах, хаар маҥан баттахтаах, сытыы-хотуу кырдьаҕас хайа да бэйэлээх бухатыыры эрбэҕин иһигэр эргитэр күүстээх-уохтаах, айыы бухатыырыгар сүбэ-соргу буолар.  Ол аата киниэхэ күүс-уох уонна муударас иккиэн бэриллибит

Онон П.А.Ойуунускай Сээркээн Сэһэни маҥнайгы олоҥхоһут, олоҥхону айааччы быһыытынан көрбүтэ олохтоох. Билиҥҥи олоҥхоһуттар кинилэри утумнааччы буолаллар.

 Олоҥхо кээмэйэ

Олоҥхо – ойуулуур-дьүһүннүүр тыл ууһунан айыллыбыт  поэтическай айымньы. Үгэс быһыытынан, былыргы саха ыалыгар күнүскү үлэ үмүрүйбүтүн кэннэ кыһыҥҥы киэһэ хараҥарыыта тэриллэн баран түүн үөһүгэр диэри олоҥхону истэллэрэ. Биллэн турар,  олоҥхоһут төһө талааннааҕыттан тутулуктааҕа. Оҕо, дьахтар, дьиэ эргиннээҕилэр оҕо аймаҕы саататар кэриэтэ бэрт кылгастык  толороллоро. Онтон ортоһуор олоҥхоһут сэҥээрээччилэр, тэптэрэн биэрээччилэр, дьааҥылар этэлл­эринэн, дьээһиттэр баар буоллахтарына, түүн ортотугар диэри, билиҥҥинэн 12 чааска диэри олоҥхолуохтарын сөп. Оттон ааттаах-суоллаах, ыҥырыкка сылдьааччылар түүн үөһүгэр диэри олоҥхолууллара диэн кэпсииллэр. Үгүстэр үс түүннээх күн утуйан олоҥхолуулларын туһунан ахталлар. Сурукка-бичиккэ киирбитинэн, аатырбыт-сураҕырбыт улуу олоҥоһуттар И.Охлопков (Бороҕон) уонна И.Табахыров (Таатта)  биир түүн устата аан дойду айыллыытын, сир дойду үөскээһинин кэпсээн баран, орто дойдуга Аал Луук Мас ойуулааһынын аллараа лабаа­тыгар тиийэн эрэ хаалаллар эбит. В.Л.Серошевскай суруйа­рынан, И.В.Худяковка олоҥхотун суруттарбыт Манчаары диэн ааттаах олоҥхоһут биир ый устата биир олоҥхону толоруом этэ диэн кэпсээбит.

Сурукка-бичиккэ киирбит олоҥхолортон саамай бөдөҥнөрө Уус Алдан олоҥхоһута Р.П.Алексеев үс үйэлээх “Алаатыыр Ала Туйгун” олоҥхото 52410 хоһоонунан строкалаах, оттон П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотура” 36 000 строкалаах. Магнитофонунан устууга биир чааска олоҥхоһут ортотунан биир тыһыынча строкалаах олоҥхону ыллаан-туойан толорор, уонча түүн толоруон сөп.

Г.В.Ксенофонтов Атамай нэһилиэгин (билигин Горнай улууһа)   олоҥхоһута П.С.Колесов репертуарын толору суруйан ылбыта. Бу ытык кырдьаҕас 45 олоҥхону толорор кыахтааҕын улаханнык сөхпүт-махтайбыт. Биирдии олоҥхо ортотунан 10 тыһыынча хоһоонунан строка буоллаҕына, кини барыл­лаан мөлүйүөн аҥаара хоһоону кэпсээн-ипсээн, ыллаан-туо­йан кэбиһиэ эбит. Сөҕүмэр талаан, сөҕүмэр билии, хомойуох иһин, сурукка-бичиккэ үйэтийбэккэ, суруллубакка, былыргы дьыллар быыстарыгар туман буолан көттөҕө.

Билигин биһиги сорукпут – олоҥхоһуттар уонна кинилэр олоҥхолорун туһунан ситимнээх өйдөбүлү дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии, олоҥхоһуттар ааттарын сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитии.

Василий Илларионов,

эпосовед учуонай, бэрэпиэссэр.

Поделитесь этой страницей