Манаас уонна Олоҥхо тыйаатырдарын ситимэ бөҕөргүүр - Сайт Олонхо
Главная / События / Манаас уонна Олоҥхо тыйаатырдарын ситимэ бөҕөргүүр

Манаас уонна Олоҥхо тыйаатырдарын ситимэ бөҕөргүүр

Бу күннэргэ Киргизия киин куоратыгар Бишкеккэ Арассыыйа култууратын министиэристибэтэ «Большие гастроли» диэн бырагырааматын үбүлээһининэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Опера уонна балет тыйаатырын «Ньургун Боотур» операта сөҕүмэр ситиһиилээхтик көһүннэ.

Операҕа кыттар Олоҥхо тыйаатырын артыыстара күнүскү эрэпэтииссийэ уонна киэһээҥҥи испэктээк быыһыгар бириэмэ булан, Саха уонна Киргизия өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоспут Максим Кирович Аммосов пааматынньыгар сүгүрүйэн сибэкки уурдулар.

Максим Аммосов саха олоҥхото кэхтибэтин, сайдарын туһугар доҕоро Былатыан Ойуунускай олоҥхону суруйар, чинчийэр үтүмэн үлэтин өйүүр-көмөлөһөр этэ. Оттон киргиз омук олоҥхото — манааһы — нууччалыы тылбаастатан, учуонайдарынан үөрэттэрэн, кэхтэр суолуттан быыһааччы дьонтон биирдэстэрэ буоларын киргиз норуота билинэр.

Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай сүбэһитэ, Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи, тыйаатыр уус-уран салайааччыта Андрей Борисов пааматынньык тула мустубут эдэр артыыстарга кэпсээтэ.

Култуура миниистрэ Афанасий Ноев Казахстаанҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэригэр үрдүк таһымнаахтык барбыт тыйаатыр испэктээктэрин бэлиэтээн махтанна. М.К.Аммосов сырдык кэриэһигэр сүгүрүйүү, историяны билии эдэр ыччаты патриоттуу иитиигэ, дойдулар икки ардыларыгар сыһыаҥҥа дириҥ суолталааҕын бигэргэтэн эттэ.

Ол кэнниттэн Олоҥхо тыйаатыра манаас пааматынньыгар тохтоон ааста уонна бу күннэргэ саҥа аһыллыбыт Манаас тыйаатырын манаасчыттарын уонна тыйаатыр салалтатын кытта көрүстэ.

Бу икки аан дойду шедеврдэринэн биллэриллибит манаас уонна олоҥхо сюжеттарынан, театральнай ускуустубаҕа саҥа көстүүнү олохтуур икки тэрилтэ кэлэктииптэрэ ахтыспыт курдук, манаастан, олоҥхоттон кылгас толоруулары бэйэ-бэйэлэригэр утары ууннулар.

Олоҥхо тыйаатыра бу саҥа тутуллубут дыбарыаска алгыс түһэрдэ, манна омук сириттэн кэлбит бастакы дэлэгээссийэнэн буолла.

Афанасий Ноев өрөспүүбүлүкэ ускуустубатын, култууратын туһунан тыл эттэ уонна тыйаатыр дириэктэригэр, аан дойдуга аатырбыт манаасчыта Биймирза уулу Азизка саха култууратын символын — хомуһуннаах тимир хомуһу -бэлэхтээтэ.

Андрей Борисов саҥа тэриллибит Манаас тыйаатырыгар «Якутский театр олонхо — классический театр народа саха» диэн бөлүһүөк учуонай Валентина Чусовская суруйбут монография кинигэтин тыйаатыр сайдарыгар туһа буоллун диэн туттарда.

Икки тыйаатыр хардарыта гостуруоллаһыах, быстыбат ситими олохтуох буоллулар.

Киргизия бэрэсидьиэнэ Сапар Жапаров Манаас тыйаатырыгар соторутааҕыта национальнай статуһу иҥэрэн, саҥа дьиэ туттаран, судаарыстыба өттүттэн улахан өйөбүл оҥорбут. Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев Олоҥхо киинин туттара турара эмиэ биһиги омукпут сайдар суолугар тулхадыйбат төһүү-тирэх буолуо.

Норуот айымньытыгар олоҥхоҕо уонна манааска олоҕурбут бу икки классическай тыйаатырдар омуктарын култуураларыгар саҥа саҕахтары арыйыахтара.

Ойуунускай эппитинии: «Бу тэрилтэлэр саас-үйэ тухары турар тэрилтэ буолан, кэнэҕэски кэнчээри ыччакка кэриэс-хомуруос буолуохтара».

Мария Докторова.

Поделитесь этой страницей