Опернай олоҥхону тыа дьонугар көрдөрүөх
Бүлүүлэр Дьокуускай куоракка кэлэн, «Ньургун Боотур» операны көрдөрөн, олохтоохтору үөрпүттэр. Фаина Павлова ютубка быһан-отон таһаарбыт. Ол үрдүнэн көрөргө интэриэһинэй.
Дьиҥэ, биир улуус холугар операны туруоруу олус уустук буолуохтаах. Үҥкүүһүттэри булуу, элбэх партиялаах хору ыллатыы, таҥастарын-саптарын оҥоруу, аны олус үчүгэй опернай ырыаһыкка барсар уонча ырыаһыты дэриэбинэлэртэн булуу, үөрэтии, оркестрга ыллыырга үөрэтии, туттууга-хаптыыга эрчийии. Дьэ, сөҕүмэр баҕа баар буоллаҕына биирдэ бу кыайтарар.
Ньургун Боотур ырыатын Халбаакы нэһилиэгин баһылыга Өлөксөй Васильев эҥкилэ суох толордо. Бас бастыҥа, үйэтин тухары операны ыллаабыт киһи курдук ылынным. Дьылыгырас уһун көнө уҥуохтаах, бухатыырга моһуоннуур эбит. Халбаакылар бэрт баһылыктаах эбиттэр! Үрүҥ Уоланы сып курдук түргэн туттунуулаах, олус чуолкайдык сахалыы ыллыыр, бэртээхэй куоластаах Василий Николаев толордо. Олус биһирии көрдүм.
Туйаарыма Куону эмиэ үчүгэй, дьылыгыр уҥуохтаах кыыс Иванова Хампыттан кэлэн кытынна. Куолаһа олус үчүгэй, хотун дьахтар куолаһа. Уопсайынан, бары нэһилиэктэртэн ыҥыран аҕалан кытыннарбыттар. Бороҕон нэһилиэгиттэн элбэх ырыаһыт кыттыбыт. Талааннаах дьон Бүлүү нэһилиэктэригэр отон курдук ыһыллыбыт эбит. Дьэ, ону булан талан, «быччаччы тутан» ыллатан сэргэхситтилэр. Сөҕүмэр түмэр үлэ барбыт.
Дьокуускайтан Прокопьев баһылыктаах оркестр, Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү театрын уолаттара тиийэн, операны олустук киэргэппиттэр. Үҥкүү партияларын барытын үҥкүүлээтилэр. Кыырайан түһэн, дьэ, уолаттар.
Толорооччулар таҥастара-саптара саха омугун былыргы таҥаһын тутуһан оҥоһуллубут. Художник Мария Дмитриева (аҕата Петр Никифорович Дмитриев-Туутук, суруйааччы этнограф) улаханнык кыһаллан үлэлээбит.
Бүлүүлэр былыргыттан саха култууратын сайыннарбыт дьон. Марк Жирковтара опера муусукатын суруйбута, Олоҥхо декорациятын маҥнай уруһуйдаабыт Улуу художнигы Георгий Туралысовы Бүлүү дьоно үөрэтэн, аартыгын суолугар туруорбуттара. Оркестры бүлүүлэр төрүттээбиттэрэ. Бүгүн да Бүлүүлэр сорох куорат опернай театрдарыттан ордуктук Ньургун Боотуру көрдөрдүлэр.
Уруй-айхал буоллун! Уруй-туску буоллун!
Опера театра туруорбут «Ньургун Боотурун» тыа сиригэр көрдөрүөххэ
Быйыл олоҥхолоох саас буолла. Операбыт театра Казахстаҥҥа «Ньургун Боотуру» көрдөрдө, Бүлүүлэр Дьокуускайга кэлэн, эмиэ «Ньургун Боотур» операны көрдөрдүлэр. Иккиэннэригэр саала толору дьон кэлбит. Үчүгэй.
Ордук Казахстаҥҥа Алма-Атаҕа саха дьоно, үксэ саастарын саҥа сиппит эдэр дьон, сахаларын култуураларын, дьэ, өйдөөн көрөн, истэн сөбүлээбиттэр. «Тоҕо биһиги Дьокуускайга саха тыллаах операбытын көрбөтөхпүт буолла?» диэн соһуйбуттар, кэрэхсээбиттэр.
Дьиҥэ, бүлүүлэр да, Опера театра да декорацияларын улуу художник Туралысов 1957 сылга оҥорбутун курдук реалистическай, үчүгэй гына оҥорботохторо. Арай 2007 сыллаахха Москубаҕа опера турбута 50 сылын көрсө, сүрдээх үчүгэй, Туралысовтыы декорацияны Попов диэн худуоһунньук оҥорон ,сценаны киэргэппитин ютубка көрөн астыммытым. Реалист-худуоһунньук эбит этэ.
Декорацията, уота күөһэ мөлтөҕүн үрдүнэн, көрөөччүлэр сахалыы үҥкүүлэри, үрдүк таһымнаах хор, Айыы удаҕаттарын ырыаларын, оркестр бэртээхэй доҕуһуолун, биирдиилээн үрдүк таһымнаах опернай солистар, бухатыырдар, баһылыктар, Туйаарыма Куо, Кыыс Кыскыйдаан толорууларын соһуйа, сэргии истибиттэр. Норуоттарын култуураларын кэрэхсээбиттэр, аанын сэгэтэн көрбүттэр.
Олоҥхо ыһыахтарыгар алааһы толору кэлбит ыалдьыттар биирдиилээн толорор олоҥхоһуттары истибэккэ барааччылар. Кымырдаҕас уйатыгар баар кыймаҥнас кымырдаҕастар курдук элбэх, алааһы толору күөнтээн сылдьар дьоҥҥо операттан быһа тардан көрдөрөр киһи дьон-сэргэ олоҥхону билиэ, убаастыа, киэн туттуох этэ…
Федот Харитонов. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэ