Саха олоҥхото уонна Индия махабхаарата силлистэ…
ЮНЕСКО билиниитин ылбыт икки улахан эпос: саха олоҥхото уонна Индия махабхаарата ыам ыйын 31 күнүгэр Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын ытык сценатыгар көрүстүлэр уонна… силлистилэр.
Режиссер Степанида Борисова айымньылаах көрүүтүнэн олус уустук сорук ситиһилиннэ: сахалыы тойук-ырыа, уран тыас-уус уонна номоххо киирбит индиялыы ырыа-үҥкүү, дьүрүскэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, атыҥыраспат тылга чочуллан, улахан Таптал уонна бар дьонугар суон дурда буолуохтаах Баһылык киһи үөскээһинин, төрөөһүнүн туһунан аан дойдуга биллибит түҥ былыргы драма саха көрөөччүтүн сүрэҕэр тиийдэ.
Мин тылбаасчыт быһыытынан үлэлиир кэммэр “маны сахалыы хайдах ыллыахтарай, толоруохтарай, ким бу оруолга барсыай?”диэн элбэхтик санаатаҕым дии. Онтум, дьэ, булан, толкуйдаан-тобулан туруорар буолар эбит, Степанида Борисова.
Аны артыыстар олус сөпкө талыллыбыттар. Ойоҕос, кыра оруол диэн манна суох буолла. Дуулаҕа Бэргэн Ыраахтааҕы буолбут Владимир Михалев ыллыыр-туойар талаанныын, тас көрүҥнүүн, туттардыын-хаптардыын мин бу сүрүн оруолга баҕарбыт баҕа санаабын аһара толордо, ис туруга кытары «бу Ыраахтааҕы быһыылаах дуу?» диэх курдук итэҕэттэ. Сахаанталаны оонньообут Наталья Слепцова арчы чараҥар туох да тостуну-туораны көрбөккө улааппыт уу туҥуй кыысчаан тапталлааҕа таҥнарыытын көрсөр уонна ону уйар, үтүө санаатынан бүтүн норуот дьолун түстүүр күүстээх дьахтар буола сайдыытын эмиэ итэҕэтиилэхтик көрдөрдө. Оттон саха тыллаах бары билэр Александр Дьячковскай-Саарыммыт, ким да “бу кини” диэн билиэ суоҕар диэри дьүһүн кубулуйан, кып-кылгас түгэҥҥэ киҥнээх, кырыыстаах Тордурҕас Сылыгы толору көрдөрдө.
Олоҥхо үөскээбит кэмин туһунан элбэх дойҕох баар, оттон махабхаарата биһиги эрабыт буолуон быдан иннинэ айыллыбыта диэн суорба тааска суруллубут, энчирээбэт гына этиллибит айымньы. Индия, үрдүттэн көрүүгэ төһө да быстар дьадаҥы дойду курдук буоллар, дьонун-сэргэтин кута-сүрэ, ис туруга бу уолбат ойбон буолар айымньыттан тыын ылан сайдан, байан-тайан, туохха да хотторбот улуу күүскэ кубулуйбута билигин кини киһитин ахсаанынан Кытайы ааһа баран, сир үрдүгэр инники турар дойду буолбутугар көстөр.
Дьэ, бу улуу култуура, улуу омук аҕыйах ахсааннаах саха омук култууратын кытта, хайдах эрэ, дьүөрэлии буолан тахсыбыта биһиги бэйэбит киммитин билиниибитигэр, силиспит төһө дириҥ эбитин сабаҕалыырбытыгар толкуйдары тосхойор, олоҥхобутун өссө төгүл болҕойорбутугар күһэйэр.
Сахаҕа ыалдьытымсах буолуу – кэһиллибэт үгэс. Сахаантала тапталга өйө-санаата бааллан, иччилээх тыллаах-өстөөх, киҥнээх Тордурҕас Сылыгы өйдөөн көрөн нөрүөн нөргүйбэккэ хаалан, ыар кырыыска түбэһэр. Сахаҕа кырыыс эмиэ тыл күүһүн иччилиир итэҕэл көрүҥэ.
Кэмсинииттэн, тапталтан муҥнаммыт Дуулаҕа Бэргэни туох быыһыырый? Хараҥа күүстэри кытта кыргыһа барарга үрдүк Айыылартан ыҥырыы кэлэн, кини боотур хаанын уһугуннарар, өрөгөйдөөх суолга үктэннэрэр. Биһиги олоҥхобутугар эмиэ бухатыыр киһиэхэ күн ууһун көмүскүү барарга итинник ыҥырыы кэлэр. Абааһы аймаҕын кытта охсуһууну Олоҥхо тыйаатыра элбэхтик туруордаҕа, бу сырыыга киирсии испэктээҕи киэргэтэр күүстээх көстүү буолан, көрөөччү хабылла түспүт ытыһын тыаһынан бэлиэтэннэ.
Индия олоҥхотун тылбаастыырга ханнык уустуктар бааллар этэй? Биллэн турар, Индия маһа-ото баай, сибэккитин-чэчигин көрүҥэ кэмэ суох. Лотос, жасмин, манго айымньыга үгүстүк метафора буолан киирэллэр, бу чэчиктэр майгыларын саха билбэт буоллаҕа, оттон илиҥҥи киһи ону тута өйдүө. Холобур, “түүн тыллар чэчик дириҥи көрөрүн” (лотос)… Таптал таҥарата киһи сүрэҕин оҕунан ытыалыырын Европа култуурата бу илиҥҥи итэҕэлтэн ылбыт эбит. Ол эрэн манна кини оҕун төбөтө уһуктаах буолбатах, сибэкки буолар эбит… Аны дыргыл сыттаах чэчиктэн мүөтү хомуйар ыҥырыа эмиэ поэзияларын биир бэлиэ дьүһүлгэнэ – уобараһа буолар. Ити өйдөбүллэри сахалыы тиэрдэргэ балачча уустуктар бааллар этэ.
Биллэн турар, драма уһун, сэттэ оонньуулаах. Ону сатабыллаахтык кылгатан, режиссер айымньы сүрүн ис хоһоонун арыйбыт. Тылбаас толору көрүҥэ ааҕааччыга тиийэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын…
Норуодунай суруйааччы САЙА