Эмис олоҥхоһуттара
Эмис төһө да кыра нэһилиэк буоллар, үгүс олоҥхоһут уутуйан үөскээбит ураты түөлбэтэ буолар. Аан бастаан Эмис олоҥхоһуттарын туһунан киэҥник сырдаппыт киһинэн Күннүк Уурастыырап буолар. Кини «Чээбий Түмэппий” диэн ахтыыта 1944 сыллаахха “Хотугу сулус”сурунаалга тахсыбыта. Онно Чээбий туһунан истиҥник: “төрөөбүт нэһилиэгин аатын аан бастаан биллэрдик ааттаппыт, киэҥник тарҕаппыт, биһиги баар эрэ бастыҥ киһибит” диэн бэлиэтээн, итиэннэ үөрэммит дьоно диэн Эмис кырдьаҕас олоҥхоһуттарын сурукка тиспитэ, ол курдук Мэлэк Мэхээлэ, Баатар Дьаакып ааттарын үйэтиппитэ.
Билигин 21 үйэҕэ Эмис түөлбэ олоҥхото балачча үөрэтиллэн, түөрт олоҥхото суруллан, олоҥхоһуттарын ааттара чопчуланна. Саҥаттан саҥа сүһүɵх кɵлүɵнэ олоҥхоһут үүнэ-үɵскүү турара Эмискэ тоҕоостоох эпическэй эйгэ, олохсуйбут үгэс баарын дакаастыыр.
Тоҕойук Баһылай, Баатар Дьаакып – Эмискэ олоро сылдьыбыт былыргы олоҥхоһуттартан биллэллэрэ. Кинилэр кэмнэригэр биир даҕаны чинчийээччи суох буолан, суруккакиирбэтэхтэр, норуот номоҕор эрэ хаалбыттар. Мыыкаан Уола диэн олоҥхоһут толору аата биллибэтэр да, “Күүстээх-уохтаах Көҥүл Буурай”, “Тэбиэ Дьаҕыл” диэн олоҥхолору толороро диэн Абрамов Н.А.-Кынат суруйтарбыт.
Иккис сүһүөх – Мэлэк Мэхээлэ. Идэлээх олоҥхону 16 саастааҕыттан дьарыктаммыт. Υɵрэҕэ суох, уон сэттэ сыл олохтоох баайдарга хамначчыт сылдьыбыт. Барыта 11 олоҥхолоох: «Дуолан Баай тойон», «Харыадьаҥа Дохсун бухатыыр», «Υрүҥ Уолан», «Очуллаан-Чочуллаан бухатыыр», «Дыырай Бэргэн», «Кулантаайы Куллугур»,«Алла-Дулла бухатыыр», «Тимир Дьэкээбэ Удаҕан (Дьиэгэ Бааба)», «Күн Эрилик», «Ала Туйгун», «Бэриэт Мэргэн». Мантан сурукка киирбитэ икки – «Дуолан Баай Тойон» (1906 с) уонна «Үрүң Уолан бухатыыр» (1941 с.).
Yhүc cүhүɵх олоҥхоһутунан Чээбий буолар. Кини Эмис аҕа кɵлүɵнэ олоҥхоһуттарыттан, итиэннэ Тайҕаҕа бара сылдьан атын улуус олоҥхоһуттарын истэн, талаанын сайыннарбыт. Баай репертуардаах, аар-саарга аатырбыт олоҥхоһут. 14 олоҥхону толороруттан иккитэ суруллубут: «Ала Булкун” уонна “Үрүҥ Үөдүйээн”.
Төрдүс сүһүөх Чээбий үөрэнээччилэрэ буолаллар. Мантан ордук биллэр Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап буолар. Кини “Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр” олоҥхону сурукка киллэрэн үйэтиппитэ, нууччалыы тылбаастаан тарҕаппыт үтүөлээх.
Маны таһынан Чээбийи батыһан олоҥхону толорооччулар бааллара: Петр Ефимович Уваров — Бөҕөстөөн Бүөтүр, Наумов Иван Михайлович – Чулбуук Уйбаан, Николай Константинович Новиков – Буойун Ньукулай, Николай Петрович Новиков. Кинилэр киэҥник биллибэтэхтэрин иһин, сүрэхтэрин баҕатынан олоҥхо сэҥээриллибэт да кэмигэр олоҥхолоон, олоҥхо үгэһин салҕаабыттар диэххэ сөп.
Билигин 21 үйэҕэ Юрий Петрович Борисов диэн эдэр олоҥхоһуттаахпыт. “Көмүскэс санаалаах Кэскил бухатыыр”, “Баабый Баатыр” диэн икки олоҥхолоох. Билим хандьыдаата, олоҥхону чинчийээччи.
Эмис дьоно оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ олоҥхо умнуллубат уһун тускуланарыгар, өлбөөдүйбэт үрдүк төлкөлөнөрүгэр сыраларын аахсыбакка уураллар. Ол курдук аҥардас бу сыл устата “Ала Булкун”, “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхолорунан испиктээк туруоран, улуус үөрэнээччилэригэр ааҕыы тэрийэн, олоҥхону үйэтитиигэ үлэлииллэр.
📝Надежда Захарова, Эмис орто оскуолатын саха тылын учуутала.