Айыы сиэрин түстээбит Ийэ олоҥхоһут - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Айыы сиэрин түстээбит Ийэ олоҥхоһут

Айыы сиэрин түстээбит Ийэ олоҥхоһут

Саха норуотун сүдү айымньыта – Олоҥхо киһи-аймах чулуу айымньыларын кэккэтигэр киирэр кэмигэр Саха сиригэр ийэ олоҥхоһуттар иккиэлэр эрэ этэ – Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр уонна Дарья Андреевна Томская-Чаайка. ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут, саха норуотун ытык киһитэ Петр Егорович Решетников-Көһөҥө быйыл бэс ыйын алта күнүгэр төрөөбүтэ 95 сыла буолар. Бэс ыйын 12-13 күннэригэр кини төрөөбүт-үөскээбит Чөркөөҕөр “Айыы алгыстаах төлкөлөөх түһүлгэ” Ыһыаҕар биһиги үйэбит улуу олоҥхоһутун кэрэ-бэлиэ кэрдииһигэр “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэстэрэ ыытыллыаҕа.

Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр аҕата, Е.Д. Андросов суруйбутунан, биир кылаастаах үөрэхтээх буолан, өрөбөлүүссүйэ иннинэ икки сыл улуус кулубата эбит. Ийэтэ Евдокия Исаевна Новгородова 1898 с. төрүөх, Чурапчы Болтоҥотуттан төрүттээҕэ. Кини аҕата Исаак Новгородов лингвист учуонай Семен Новгородов хаан аймаҕа эбит.

Аҕата олоҥхоһуттары ыҥыран олоҥхо киэһэлэрин тэрийэрэ. Онон Көһөҥө Бүөтүр былыргы олоҥхоһуттар олоҥхолорун истэн, ол дьикти күүһүн этигэр-хааныгар иҥэриммитэ. «Сүүрэр сулус сырыыта сырыылаах, Сыыйылла хара сүүрүк аттаах, аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр», “Уолака боотур”, “Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай Уордаах кылыннаах Уордайа Хаан бухатыыр”, “Тоҕус көс сири туйаҕын анныгар туората үктүүр, ала дьоруо аттаах Уордаах кылыннаах Уордайа Хаан Бухатыыр” диэн олоҥхолордоох. Икки улахан олоҥхото балтараа тыһыынчаттан тахса илиистээхтэр. Таатта улууһун ытык алгысчыта этэ. Петр Егорович үрдүк ис культуралаах, сахалыы сиэрдээх, сэмэй, киэҥ-холку, дьоһун бэйэлээх этэ. Салайар-тэрийэр да, айар талаанынан да, киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбаларынан, көстөр дьүһүнүнэн да өбүгэтин аатын курдук саха Көһөҥөтө этэ.

Кини түҥ былыргы өбүгэлэрбититтэн кэлбит олоҥхо уотун күөдьүтэ уматан саха норуотугар үрдүк миссияны толорон барбыта. Билигин төһөлөөх дьоммут-сэргэбит, ыччат дьоммут олоҥхону толорор буоллулар?! Аҕатын туйаҕын хатаран, Ийэ олоҥхоһут төрөппүт кыыһа быраас идэлээх Роза Петровна Докторова биир бастыҥ олоҥхону толорооччу буолан үүннэ.

Петр Егорович кэргэнинээн, сымнаҕас, сайаҕас майгылаах, ыраас санаалаах Анна Спиридоновналыын ыалдьытымсах ыал этилэр. Үтүө дьоннуун алтыстаххына, санаалыын сырдыыгын, майгылыын тупсаҕын. Кинилэр оннук дьон этилэр. Биирдэ араадьыйа суруналыыһа Полина Перуашеваны уолун Ануардыын Тааттаҕа таһааран, Чөркөөххө Петр Егоровичтаахха ыалдьыттаан сандалы тула олорон сэһэн-сэппэн бөҕө буоллубут. Анна Спиридоновна дойдутун Эдьигээн туһунан кэпсээтэ. Кини Сыгааныскайга (Жиганскайга – В.Б.) диэбитигэр, оччолорго оскуолаҕа үөрэнэр Ануар: “Онно сыгааннар элбэхтэр дуо?” — диэн ыйыта охсон күлсүү бөҕө буолбуппут баара. Биир сайын көр-бил диэн сиэнин Петр Докторовы кытта массыынанан алааска илдьэн, Тойоттор уҥуохтарын көрдөрөн турардаах. Хаһан, кимнээх көмүллэ сыталлара биллибэт, сиэдэрэй оҥоһуулаах эргиирдэри сөҕө көрбүтүм… А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх «Саха интеллигенциятыгар суругун» эстафетатын саҕаланыытыгар, АХШ-ка олорбут искусствоведение бөдөҥ учуонайа Э.Е. Алексеев дьиэ кэргэнинээн Дьокуускайга кэлиҥҥи сырыыларыгар мин көрдөһүүбүнэн алҕаабыт алгыстара умнуллубаттар, тустара туспа кэпсээн…

2000 сыллааҕыта Чөркөөххө киниэхэ сылдьан, анаан-минээн көрсөн, былыргы төрүттэрин-уустарын, бэйэтин олоҕун, көрүүлэрин туһунан кэпсэтэн турабын. Кини кэпсээнэ билигин историческай докумуон, номох суолталаннаҕа. Оччолорго биир үйэ бүтэн, иккис үйэ саҥа үүммүтэ. Олоҥхо киһи-аймах чулуу айымньыларын кэккэтигэр киириэ өссө да биэс сыл иннибитигэр этэ. Онон олоҥхо, уопсастыба да туһунан (саха үгэстэрин, оҕону-ыччаты иитии, сиэр-майгы, ол да буоллун) көрүүлэрэ оччотооҕу кэммитин кэрэһэлииллэр. Ол кэмтэн ыла сүүрбэ ордугуна түөрт хаар уулуннаҕа. Онтон суруллубут суоруллубат, онон бүгүн биһиги кэммит улуу олоҥхоһута Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр оччотооҕу кэпсээнин сэргиэҕиҥ.

Былыргы дьыллар быыстарыгар

Дьохсоҕон улууһун Маҥаас аҕатын ууһа диэн баара. Ити биһиги хас да аҕа ууспутун тэрийбит уус. Уус диэн нэһилиэк өйдөбүллээх быһыылаах. Биһиги аҕабыт ууһугар Решетниковтар, Оҕонньоороптор, Федоровтар, Петровтар, Протодьяконовтар киирэллэр. Төрүппүт Баҕа Боотур. Мэҥэ-хаҥаластар Маҥаас аҕатын ууһун кыыһын күрэтэн ылбыттар. Кыргыс үйэтигэр эдэр дьону мунньан Мэҥэ-Хаҥалас диэки барбыттар. Хараҥаҕа тиийэн сүүстэригэр бэлиэ туоһахта оҥостубуттар. Мэҥэлэр куттананнар, киһилии кэпсэтэн, бэрик биэрэн, сэриилэспэккэ кэлбиттэр. Онтон ыла туос бэлиэлээхтэр диэн аатырбыттар.

Решетниковтар Охумал, Тына күөллэри кыйа олорбуттар. Охумал тула Егор Петрович Решетников диэн аҕам абаҕата, 400-кэ сүөһүлээх, 15 биэни, 15 баайтаһын ынаҕы туттан Таҥара дьиэтин туттарбыт баай киһи – Биэскэлэй Дьөгүөр олорбута. Таҥара дьиэтин бастакы бэчээтэ Егор Петрович Решетников диэн суруктаах эбит. (Таҥара дьиэтин бастакы ыстаарыстата эбит. Докумуона уонна тус бэчээтэ Чөркөөх музейыгар баар – В.Б.) Кини 1840 с. төрөөбүт киһи этэ. Онтон мин аҕам 1869 с. төрөөбүт. Аҕам Дьөгүөрдээн диэн хос ааттаах, сэбиэскэй былаас иннинэ суруйар, кыра үөрэхтээх киһи этэ. Олоҥхоһут дьону ыҥыран хонноро сытан олоҥхолотор идэлээҕэ. Күнээйигэ Дэниис Элбэрээкэп, Оччоох Борокуоппай, Бөҕө Тараҕай инитэ улахан олоҥхоһут, Сиэллээххэ үчүгэй олоҥхоһут Дарыбыан Дабыыдап диэн бааллара. Бу үс олоҥхоһуту үгүстүк истибитим. Кинилэри алаадьылаан, ас бастыҥынан көрсөллөрө. Маанылаан, күндүлээн, манньалаан ыыталлара. Олоҥхоһут кэллэ эрэ, чугас ыалбыт бары мусталлара. Үс түүннээх күн олоҥхолууллара. Күҥҥэ икки-үс чаас, онон барыта 9 чаас олоҥхолууллара быһыылааҕа. Оччотооҕу ордук астык Чурапчы Мырылатын киһитин олоҥхото буолара. Дэниис Элбэрээкэп, Дарыбыан Дабыыдап аныгы соҕус дьон, Кыайыы ыһыаҕар иккиэн олоҥхолообуттара. Оччоох «Ойоҕос уҥуохтаах батыйалаах Тулаайах соҕотох» диэн олоҥхону толорбутун өйдүүбүн. Дарыбыан Дабыыдап «Күн Дьирибинэ бухатыыры» олоҥхолообута. Дьахтар, эр киһи, абааһы буолан араас куолаһынан ыллыыллара, сюжетын ис хоһоонун биэрэ сатыыллара.

Охумал күөлү тула Баай Дьөгүөрэп, оттон соҕуруу киэҥ томторугар салгыы Хабырыыскалар диэн ааттаах түүллээх киһи дьиэ кэргэнэ, онтон салгыы Көһөҥө Ньукулай диэн кыра үөрэхтээх, арааһа, Решетниковтары сүрүннээбит киһи, онтон салгыы Хаас Ньукулай олорбуттара.

Кэккэлэһэ Сабыат Уйбаан олорбута. Кыыһа 80 туолан баран, Хабырыыска уола 80 соторутааҕыта туолан өлбүттэрэ. Хоту томторго биһиги, Дьөгүөрдээннээх олорбуппут. 1700 с. ырытан көрдөххө, Сэмэн, Хабырыыска, Баһылай, Дьөгүөрдээн, Петр диэн ааттаахтар эбит. Саамай аҕалара Лэпсэй Ньукулай көрбүөччү, аһаҕас эттээх, ойууннуҥу оҕонньор этэ. Өлүөн эрэ аҕай иннигэр мин аҕабын кытта от бугуллуу турдаҕына, үрдүлэринэн суор көтөн ааспыт. «Көр эрэ, үөдэн, үөхсэн ааста дии, аны кыһын оккун сиэбэккэ, сааххын сиэҥ диэтэ», — диэбит. Ол кыһыныгар өлбүт.

Хабырыыска эмиэ сүрдээх түүллээх киһи. Биирдэ түүл түһээбит. Ону Көһөҥө Ньукулайга кэпсээбит, Лэпсэй истэн олорбут: «Түһээтэхпинэ Охумал күөлү эргийэ манан Дьөгүөр, манан Көһөҥө, манан Хаас Ньукулай олохсуйбуттар эбит», – дии-дии Хабырыыска хатырык уура-уура көрдөрбүт. «Оттон Дьөгүөрдээн балаҕанын омооно эрэ көстөр», – диэбит. Лэпсэй оҕонньор истэн баран: «Ырааҕы түһээн көрбүккүн. Аны 20-30 сылынан олох уларыйан, сэргэлэр эрэ чороһон хаалыахтара, арай Дьөгүөрдээн сыдьааннара олоруохтара», – диэбит. Кырдьык, дьыл-хонук ааспытын кэннэ, билигин аймахтарбыт өтөхтөрүн онно эрэ хаалан, сэргэлэрэ чороһон тураллар. Ити сири мин өлбүгэ сирэ оҥостон олоробун. Дьөгүөрдээн сыдьааннара тэнийэн бу нэһилиэккэ сүрдээх элбэх буолан олоробут.

Хабырыыска биир түүлүн Германия сэриитэ буолуо үс сыл иннинэ аҕам аахха кэпсээбит. Аллараа сис тыа арҕаа диэкиттэн уот туран турар-турбат бары киирэннэр, утары уот ыытаннар нэһиилэ умуруордубут дуу, суох дуу диэн кэпсээбитэ. Үс сыл буолан баран Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар «маны түһээбит эбит» диэн таайбыттар.

Лэпсэй оҕонньор аймахтара Оотто оҕонньордоох Даайа Амматыгар олорбуттар. Тэрэнтэй диэн улахан уола мин эдьиийбин Дьэбдьэкиэйи ылбыта. Лэпсэй оҕонньор кинилэргэ киирэн олорон хантас гынан баран: «Тоҕо сүрэй!» — диэбит. Онуоха дьиэлээхтэр: «Тугу көрдүҥ?» – дэспиттэр. «Эс, сатана, эппэппин», – диэн эппэтэх. Дойдутугар киирэн: «Ооттолор эстэр буолбуттар, хас-хас хоруобу көрдөрдүлэр», – диэбит. Кырдьык, байан-тайан быр бааччы олорбут дьон сыыйа-баайа биир-биир өлөн-сүтэн, эстэн барбыттар.

Төрөппүттэрим кэпсээннэринэн Нээстэр Силэпсиэп кыһыл көмүһүн Ооттоҕо киллэрэн уурдаран кэбиспит үһү. Тэрэнтэй үс оҕолооҕо. Биир уола армияҕа баран өлбүтэ, кыыһа искэн тахсан өлбүтэ. Биир кыыһа эмиэ ханна эрэ тиийэн өлбүтэ. Бэйэтэ сэллик буолан өлбүт. Куһуок Вырдылин  Хабырыллаттан үөскээбит сыдьааннара бааллар.

Былыргы баайдар көмүстэрин кистииллэригэр күлүүстээх тыл этэн көмөллөр. Ону булан дуу, уоран дуу туттар буоллахха, күлүүстээх тыл кистэлэҥин тэҥинэн билэр буолуохтааххын. Тэрэнтэй Нээстэр Силэпсиэп көмүһэ ханна баарын билэрэ. Өлүөн иннинэ анаан-минээн ийэбин ыҥыттарбыта. Ийэм сүрдээх таҥараһыт этэ. Көмүһүн этээри гыннаҕа диэн көҥөнөн барбатаҕа.

Баҕа Боотур туһунан

Төрө диэн аҕа ууһа Кыйы быыһыгар баар эбит. Бу аҕа ууһа төрдө Кыҥырдыа диэн улахан ойуун эбит. Бу аҕа ууһа – Варламовтар – Саадымы, Мындайбан, Мойуона, Саппыйа, Ойуур, Төбүрүөн, Чээнньийэ, Уорҕа диэн алаастарынан олорбуттар. Маҥаастар. Биһиги, Удаҕан алааһа, Оҕонньор кытаҕа, Алар алааһа диэннэринэн олорбуппут. Алар алааһыгар төрүппүт көмүллэ сытар сирдэрэ баар. Баҕа Боотуру Ампаардаах, Уһун Алаас диэн сирдэр икки ардыларыгар кырбаат томторго көмпүттэр. Удаҕан алааһыгар «Тойоттор уҥуохтара» диэн баар. Хаһан тыытыллыбатахтара-хаһыллыбатахтара, маһынан араас киэргэтиилээх, билигин да турар. Ол таһыгар сүүрүк охсубат, сиик сыстыбат томтор тоҕой кырбаат сиригэр мастар билигин да эмэҕирбэккэ тураллар. Тойоттору сиик сыстыбат сиригэр көмөр эбиттэр, хас сүүс сыллаах уҥуохтара, кимнээх көмүллүбүттэрэ биллибэт. Төрө уонна Маҥаас уустара ааттаах эйэлээхтик олорбуттар. Арай Уорҕа диэн Төрөлөр сирдэрин Баҕа Боотур сир астаһыыга былдьаан ылбыт. Онуоха айдаан буолбут. Кыҥырдыа ойуун сиэри кыыран, Баҕа Боотуру кырыыр. Ол эрээри кырыыһа тиийбэт. Баҕа уус төрүттээх эбит. Ойуун кыраатаҕына, Баҕа Боотур кута туттарбакка, чуолҕанынан куотан, мүччү туттаран ааһан, сүтэн хаалар эбит. Кыҥырдыа ойуун хайдах да өһүн ситиһэр санааланан, Баҕа Боотуру Куолумаҕа, мантан 9 көстөөх сиргэ тайахтыы диэн албаҕалаан-албыннаан илдьэ барар. Баҕа Боотур Таас Уллуҥах диэн уоллаах эбит. Уолун, обургу оҕону илдьэ барар. Кыҥырдыа ойуун кинилэртэн быдан аҕа саастаах киһи: «Чэ, эһиги, эдэр дьон тайаҕы эккирэтэн, инникилээн барыҥ, мин кэннигититтэн суоллаан тиийиэм», – диир. Уоллаах аҕа барбыттарын кэннэ аттарын-көтөллөрүн, астарын-үөллэрин илдьэ төттөрү дойдулуур суолу тутар. Хаалбыт дьон сарсыныгар кэлбиттэрэ, киһилэрин онно эрэ оҥойон хаалбыт, суола сойбут эбит. Сатыы айаннааннар, оҕонньор олус сылайан-илистэн, уола өйөөн, Мырылаҕа кэлэн нэһиилэ ыалы булбуттар. Ити тухары ойуун «тыыннара быстыбатах, сырдык эбит» диэн тыыннаахтарын ыраахтан билэ олорор. Ол буоланнар Баҕа Боотур икки Таас Уллуҥах икки тайҕанан дойдуларыгар тиийэн кэлэллэр. Баҕа Боотур Кыҥырдыа ойууну тутан ылан, өлөрөөрү сордуур, ээҕин этитэр, сыккырыыр тыынын эрэ хаалларар. «Баайым аҥарын бүтүннүү биэрэбин» диэн тыыныгар толук биэрэн, Кыҥырдыа тыыннаах хаалар…

Баҕа Боотуру өстөөҕө өлөрөн турар. Уолунуун Таас Уллуҥахтыын Уһун алааска оттуу сырыттахтарына, Тыараһа баайа Маабыр атынан сүүрдэн кэлэн батыйатынан көхсүгэ батары саайаат, көтүтэ турбут. Баҕа Боотур сонно өлбөтөх, уолугар Таас Уллуҥахха: «Тырыта-хайыта тутан өлөрөн баран өлүөхпүн Маабыры тутан аҕал», – диэбит. Таас Уллуҥах сатыы эккирэтэн, Маабыры Былыдыйа диэн Тыараһа бэтэрээ өттүгэр баар сиргэ көс курдук кэриҥинэн ситэ баттаан, атын кутуругар баайбыт. Онуоха Маабыр: «Аҕаҥ өлбүт буолуохтаах, миигин илдьэн туһа суох, ол оннугар сылгыта-сүөһүтэ ыл», – диэбитин ылынан, уол Маабыры ыытан кэбиһэн баран төннөр. Тиийэн кэлбитэ аҕата өссө да тыыннаах, нэһиилэ чыпчыҥныы сытар эбит. Таас Уллуҥах Маабыр ааттаах атынан куотан хаалла диэбит. Аҕата Баҕа Боотур: «Биир биэ иигин куоттарыа дии санаабатаҕым, өллөр өллүн диэтэҕиҥ», – диэбит. Кыл тыына эрэ хаалбыт киһини уола илдьэ баран истэҕинэ, биир сиргэ тайаҕынан сири тоҥсуйбут. Уонна тыына аара быстыбыт. Боотур Ууһа алаас икки Ампаардаах икки ардынан көмүллүбүтүн 50-с сылларга хаһан, Баҕа Боотур орто уҥуохтаах киһи эбит, кинини кытта ат көмүллүбүт диэбиттэрэ.

Кыҥырдыа ойуун уҥуоҕа Даркылаах диэн тыымпы күөл таһыгар баар. Соҕуруу, сис диэки хайалаах сиргэ көмтөрбүт. Атахпар титирик, төбөбөр хахыйах үүнүөхтэрэ диэбит. Аймахтарым өлөр-сүтэр күннэригэр бастаан титиригэ, онтон хахыйаҕа хагдарыйдаҕына, онон билиэххит диэбит. Онтуката, оҕо эрдэхпитинэ атаҕын диэки өттүгэр титирик, төбөтүн диэки хатыҥ баарын көрөрбүт. Өлөрүгэр кырдьаҕас эппит: «Мин ыппын бопсон, атах тардан ыыттым, ону сүөрэр күннэригэр аймаҕым эр дьоно өлүөхтэрэ», – диэбит. Хойут Дьиэбэгэнэ Хара Уулааҕар Гуляев диэн киһи Бороллой диэн сиргэ оттуу сырыттаҕына, хара ыт оҕото тиийэн кэлбит. Атаҕа туһахха иҥнибит үһү, ону сүөрэн, ылан кэбиспит. Уонна ыт оҥостоору күрүөҕэ баайбыт. Арай, көрбүтэ, ыта күрүөҕэ убаһа саҕа улаатан, үллэн турар үһү. Онуоха куттанан, атаҕын баайбакка хайаабакка, мээнэ ыытан кэбиспит.

Төрөлөр диэн Кыҥырдыа ойуун төрүттэрэ, удьуордара ол ыт босхо барыаҕыттан арааска түбэстилэр, суорума суолланнылар. Ким эрэ куһаҕан буолаары гыннаҕына хара ыты түһээн көрөллөр эбит. Бу ойуун сыдьаана Эриэхэ диэн киһи өлүөн иннинэ били түүллээх Хабырыыска уола Сэмэн: «Түһээн ыты көрдүм, Эриэхэҕэ эккэлии сылдьар», – диэбит. Сэмэн эмиэ аһаҕас эттээх, билэр-көрөр киһи этэ. Манна даҕатан эттэххэ, Репин Николай Николаевиһы өлүөн эрэ иннигэр дириэктэрдии сырыттаҕына түһээн «хараҕым хото көрдө» диэбитэ. Ол аата хараҕым түүйэ көрдө, уһун уотун оттуо суох быһыылаах диэбитэ. Ол киһи сыдьааннара, бу киһи сыдьааннара диэн дьон төрдүн-ууһун билэрэ. Ону профессор Михаил Михайлович Федоровтыын ыйыталаһан, туоһулаһан билбэккэ хаалбыппыт диибит ээ.

17 үйэ иннинээҕи киһи, Кыҥырдыа ойуун дүҥүрүн тыаһын истэллэр этэ. Кини Таатта Амматыгар киирэн Абааһылаах уонна Тэйэр хайаларга тайах дуу, таба дуу буолан ыстаҥалыы оонньуура эбитэ үһү. Биирдэ ол курдук оонньуу сырыттаҕына айа кылыыта лыҥкыр гына түспүт. Ону «мин кэннибиттэн улахан ойуун дуу, удаҕан дуу үөскүүһү» диэбитэ үһү. Кини кэнниттэн аата ааттаммат улахан удаҕан — Кыһыах кыыһа үөскээбит.

Мин бэйэм Дыгыйык удаҕаны иккитэ көрбүттээхпин. Саха дьахтарын киэнэ бастыҥа, кэрэтэ кини этэ. Маҥан, уһун уҥуохтаах, уһун суһуохтаах, холку, киһи удаҕан диэбэт дьахтара.

Киргиэлэй Эрэһиэнньикэп диэн убайым, аҕам бастакы кэргэниттэн уола, 1889 с. төрүөх. Аҕам иккис кэргэнин Чурапчы Болтоҥотуттан саха бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ Сэмэн Новгородов аймаҕын ылбыта. Бастакы кэргэнэ Папа Заболоцкай эдьиийин Павла диэни ылбыта ыалдьан өлбүтэ, онтон үс оҕо хаалбыта. Онтон биһиги ийэбитин 18-таах кыыһы 48-таах киһи кэргэн ылар. Ийэм Дьэбдьиэ эмээхсин 82-гэр өлбүтэ. Ийэбит аҕабыт бастакы кэргэниттэн уола Киргиэлэйи кытта саастыы эбит. Киргиэлэй уола миигиттэн аҕа этэ. Киргиэлэй сэбиэскэй былааска сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн олорбут киһи, хайдах эрэ буккуллубут курдук буолбута. Атарахсыттахтара буолуо. Мундуйдаан, буутуйаланан сыппыт. Онуоха Дыгыйык удаҕаны ыҥырбыттарыгар тиийэн кэлбитэ. Охумалга киэһээ уоту умуруоран, оһох уотун сырдыгар кыырбыта. Чэпчэки баҕайытык үҥкүүлээн дыгыйара. Суолун солонор, үөһээ аартыктанар этэ. Дьэ, онно куттанан ороҥҥо түһэн олороҕун. Киргиэлэй аныгылыы нууччалыы ып-ыраастык суруйар оҕонньор удаҕаны «киэр бар» эҥин диэн сөбүлээбэтин биллэрбитэ. Дыгыйыктан туһанан, кэлин бастыҥ үлэһит буолан, үлэ фронугар сылдьыбыта. Политиканы ырытан тахсара.

Иккиһин, эдьиийим Аграфена Егоровна кыыс сылдьан ыалдьыбытыгар отоһулаата быһыылааҕа. Улаханнык кыырбытын өйдөөбөппүн… Эдьиийим билигин Дьокуускайга олорор. 80-нун туолаары сылдьар. (2000 сыллааҕы кэпсээнинэн – В.Б.) Горнайга начаалынай кылаас учууталынан үлэлии сылдьан кэргэн тахсыбыта. Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ.

Бэйэтин олоҕуттан 

Бэйэм туспунан кэпсээтэххэ маннык. 1929 сыллаахха бэс ыйын алта күнүгэр төрөөбүтүм. Сайылыкка көһүү кэмигэр. Ийэм үс килэмиэтир курдук сири сатыылаан Удаҕан алааһыгар тиийбит. Тиийээт, талыыта киирэн миигин төрөппүт. Хаас Ньукулай Ньукулаас уонна Бүөтүр диэн уолаттара ампаарга истэ сыппыттар. Киргиэлэй саламаат оҥорбут.

Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Мин үһүс оҕобун. Эдьиийбин үөһэ ахтыбытым. Онтон убайым Дьөгүөр Дьөгүөрэбис кэргэнин араспаанньатынан Дьөгүөрэп диэн. Үс Дьөгүөр аатын сүгэ сылдьар буолан өс киирбэх. Сэттэ оҕолоох. Кини кэнниттэн мин. Миигиттэн түөрт сыл балыс Таанньа Ытык-Күөлгэ олорор. Бехтюев Ньукулай кэргэнэ.

Учительскай институту бүтэрэн Эдьигээҥҥэ ананан, физика, математика үлэлээн барбытым. 16 сыл учууталлаабытым. Онтон Баахынайга биэс кылаастаах оскуолаҕа икки сыл дириэктэрдээбитим. Былыргы учууталлар нэһилиэги тутан олороллоро. Онно үлэлии сылдьан партияҕа киирбитим.

Ол кэмҥэ хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ диэн мин туспунан Дмитрий Пухов суруйбут ыстатыйата «Комсомольскай правдаҕа» тахсыбыта. Баахынай кыыһын, Анна Спиридоновна Иннокентьева диэн медпуун сэбиэдиссэйэ кыыһы кэргэн ылбытым. Кэргэним медик буолан араас көмөнү оҥороро, соҕотох биэлсэр буолан эпэрээссийэлиирэ даҕаны. Харбалаахха биир дьахтар иһигэр оҕо өлбүтүн эттээн ылбыта. Хоту олордохпутуна Байбал диэн оҕонньор табанан айаннаан иһэн маска оҕустаран атаҕын тоһуппутун мин имэрийэн-имэрийэн, уҥуоҕун булларан баран, чарт оҥорон, маһынан ыга эрийэн кэбистим. Оҕонньорум махтал бөҕө, бэркэ тутуллубут диэбиттэрэ. Хойутаан хааллаҕына, саллаччы испитин булан биэрэриҥ уустук.

Эһэ туппут киһитин биликтээн турабыт. Эһэ ол киһини аҥар хараҕын тэһэн, сирэйин тириитин кэтэҕиттэн саҕалаан саба түһэ сылдьар гына саралыы тардыбыт этэ. Ону холбуурун холбоон, сыһыаран, көмө оҥорон, 15 көстөөх оройуон киинигэр илдьэ киирбитим. Уопсайынан да, айаҥҥа тохсунньуга табанан 15 көстөөх сиргэ олох да тоҥмокко, өссө тиритэн айаннаан тиийэрбит. Сукуй диэн таба таҥаһын таҥнаҕын, ол сылааһа, чэпчэкитэ – үтүө таҥас. Сааҕа дэҥнэммит дьон элбэхтэрэ.

1969 с. манна көһөн кэлбиппит. Завучтаан, дириэктэрдээн, парткомнаан 1984 с. диэри үлэлээбитим. Онтон быарбар таас үөскээн, эпэрээссийэлэнэн тохтообутум. Сүрэҕэ тулуйуо суох дииллэрэ. 1 мүн. 60 охсуу буолуохтааҕын, миэнэ 40 эрэ охсуу этэ. Киһилэрэ 6 чаастаах эпэрээссийэни этэҥҥэ тулуйдаҕым. Харахпын эмиэ эпэрээссийэлэппитим. Эмиэ «сүрэҕиҥ куһаҕан» диэн медкииҥҥэ ыыппыттара. Хааман-сиимэн куугунаатым – кардиограммаҕа сүрэҕим мүнүүтэҕэ 52 тиийэ тэптэ. Онон эпэрээссийэлииргэ көҥүллээтилэр. Онон бырааһы албыннааммын эпэрээссийэлэтэн турабын.

1954 с. ыал буолбуппут. Онон 2004 с. – кыһыл көмүс сыбаайбабыт сыла.

Хоту дойду дьоно – сүрдээх наһыыба, эйэҕэс, бэһиэлэй, ыалдьытымсах, айылгы дьон. Хоту дойду дьоно – олох хаарыйбыт дьоно.

Бастакы сылбар аан бастаан табаҕа олорсон Чуорааннаах Морууса диэҥҥэ сиэттэрбитим. Биирдэ түһэн хаалбытым. Кэлин үөрэнэн ньуоҕулуур буолбутум. Тииккэ кэтиллиэх курдук дьаабы, таба муоһа адаарыйан сүрдээх курдук да буолтун иһин, биир да мутугу таарыйбакка көҥүл сылдьар.

Эдьигээттэр сахатыйан хаалбыттар этэ. Эбээннии саҥарар, ыллыыр дьон аҕыйахтара. Ыһыах оннугар спартакиада ыытарбыт. Кэнсиэркэ мин фокус көрдөрөрүм. Кэргэмминээн үҥкүүлүүрбүт. Молдавскай үҥкүүнү уонча буолан үҥкүүлүүрбүт. Биһигини кытта пединститут преподавателэ, оччолорго эдэркээн Дмитрий Данилов эмиэ үҥкүүлэһэрэ.

Хоту сылдьан мээчиккэ, волейболга, үрдүгү көтүүгэ кыттарым. Эдьигээҥҥэ биир нууччалыын 1 м 50 см көппүппүт. 1955 с. Дьокуускайга спартакиадаҕа кыттан турабын.

Оҕону-ыччаты иитиигэ санаалара

Былыргы дьон иитиилэрэ бэйэлэрин холобурдарынан буолара. Аньыы диэн өйдөбүлгэ, куһаҕаны оҥоруу сэттээх-сэмэлээх буолуо диэн иитэллэрэ. Төрөппүттэрим таҥараҕа сүрэхтэммит дьон этилэрэ. Ол эрээри сахалыы өйүнэн-санаанан айылҕаны кытта ситимнэһэн айылҕа көстүүлэригэр туох барыта иччилээҕин курдук сыһыаннаһан олорбуттара. Таҥараны, иччини итэҕэйэн мэлииппэ ааҕалларын, кириэс охсуналларын, ботугураан саҥаралларын уоран көрөр буоларбыт.

Ийэбит барыбытын тэҥҥэ тутан ииппитэ. Күн аайы сиир бурдукпутун тардарбыт. Икки-үс лэппиэскэ оҥоһуллар бурдугун мээккэлээн таһаараҕын. Аны от-мас үлэтэ. Сэрии сылларыгар «Бойобуой» колхозка (бэһис кылаас оҕото эбитим дуу) үс алаас үүтүн маслоцехха таһабын. Сарсыарда 4 чааска баран күнүс уоҥҥа дьиэбэр кэлэрим. 1945-47 сс. күн аайы алта бөтүөн үүтү туттарарым. Дьэ онно мээрэйдээн баран ахсаан суруллан иһэр. Сыата 5-н тахса буолара. Биэдэрэнэн бөтүөҥҥэ кутан таһарым. Учуотчуттар куруускаҕа үүт кутан биэрэллэрэ. Аһынар буоллахтара. Былыргы дьон чиэһинэйдэрэ. «Бойобуой» холкуос үүтүн мин быһаарарым. Тугу дьаабыланарбын ким да билбэт. Чиэһинэйбит бэрт буоллаҕа! Күһүн былааҥҥын аһара толорбуккун диэтэхтэринэ үчүгэйэ сүрдээх.

Билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитии уустуктардаах. Обществоҕа олорон обществоттан ханна барыаҥый, тутулуктаах буоллаҕыҥ. Онон обществоҥ хайдаҕый да, онтон улахан тутулуктаах. Урукку, былыргы оҕо информациятын эйгэтэ кыараҕас. Ол иһин ол-бу араас куһаҕаны ылына охсубат. Билиҥҥи оҕо арыгыны, табаҕы, наркоманияны, проституцияны, араас куһаҕаны телевизортан, хаһыаттан, күннээҕи олохтон көрө-билэ, истэ сылдьар. Чэпчэки олох күүскэ пропагандаланар. Үчүгэй өттүн батыһар оҕо батыһар.

Оҕо киһи быһыытынан иитиини ылыахтаах. Оннук иитиини ылбыт киһи өлөн-охтон биэрбэт, онно эбии үөрэх билиитин ылыа буоллаҕа. Сорох үөрэхтээхтэр сиэр-майгы өттүнэн сайдыбатах буолааччылар.

Табах ыал аайы кэриэтэ баар көннөрү көстүүгэ кубулуйда. Арыгы киэҥник тэнийэн туормастаата. Аҕыйах ахсааннаах сахаҕа улаханнык дьайар. Нууччалар хааннара уйар уонна ахсааннара да элбэх буолан тулуйаллар.

Орто саастаах үлэтэ-хамнаһа суох, арыгыга умньанан, олох күлүк өттүгэр охтубут да аҕыйаҕа суох. Ол охсуута улахан. Олох куһаҕан өрүттэриттэн оҕо сиргэнэн, онтон халты туттарын, өй-санаа, эт-хаан ырааһын-чэбдигин, чөллөөҕүн ордорорун курдук, сыал-сорук оҥостон, оҕо саадыттан саҕалаан иитии наада.

Итэҕэл барыта туһалаах буолбат. Итэҕэл норуот өйүн-санаатын таһымыттан, олоҕун укулаатыттан, кыһалҕатыттан үөскүүр. Өй-санаа олоҕу кытта хардыылыыр, уларыйар.

Бэйэм төрөппүт быһыытынан оҕоҕо улахан болҕомто уурбатаҕым. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ этим, отделение партийнай тэрилтэтин салайбытым. Профком бэрэссэдээтэлэ, партком солбуйааччы сэкирэтээрэ, норуодунай хонтуруол бэрэссэдээтэлэ этим. «Таатта» сопхуоска Даайа Аммата, Чөркөөх, Кыйы, Туора-Күөл киирэрэ. Онон дьиэҕэр көһүннэххинэ баһыыба. Табаарыстыы суут бэрэссэдээтэлэ, ДНД бэрэссэдээтэлэ этим. Партком сэкирэтээринэн биэс сыл үлэлээбитим, бэтэрээннэр Сэбиэтин биэс сыл салайдым.

Оҕолор тыа сирин оҕолорун сиэринэн сайын оттоһон, кыһынын дьиэ ис-тас үлэлэрин үлэлэһэн улааппыттара. Бэйэлэрэ бэйэлэрин көрүнэллэрэ. Сайынын сиэннэрбин окко илдьэ сылдьабын. Ыйар-кэрдэр, астарын-үөллэрин дьаһайар – дьарыгым-дьыалам.

Олоҥхо, тойук

Хоту олоҥхо, тойук сайдыбатах. Тойук сонуннук иһиллэр: дьигиһитэн, эбэҥкилии тартараллар. Тойук, оһуохай сайдыбыт сирэ – Сунтаар, Ньурба, Бүлүү.

Дьиҥэ, Таатта – олоҥхо дойдута. Дарыбыан Дабыыдап, Дэниис Элбэрээкэп Таатта саамай кэнники олоҥхоһуттара этилэр. Билигин оҕолору фольклорга сыһыараары, үөрэтээри араас үлэни ыыталлар. Оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо түһүлгэтин ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйан эрэр. Онтон уһуйуллан, олоҥхо тэтимин этигэр-хааныгар иҥэринэн кэлин олоҥхоһут тахсыах этэ. Олоҥхоһуту кэрэхсээн истэр эйгэ баар буоллаҕына эрэ олоҥхоһут иитиллэн тахсар. Былыргы олоҥхоһуттар курдук тоҕус чаас да буолбатар, биир-түөрт чаас олоҥхолоон, үөскээн иһиэхтэр этэ буоллаҕа…

Алгыс

Саха тылга суолта биэрэр. Быһа саҥарбаттар. Ойууттар, айылҕалаах улахан дьон кырыыс тылын туттубуттара тиийбитин туһунан норуокка кэпсээннэр, сурахтар, көстүүлэр бааллар. Сорох дьон ох тыллаах буолаллар. Ол киһи санаатыгар иҥэр.

Санаарҕаан улаханнык оҕустарыаххар, өлүөххэр да сөп. Оттон алгыс, үтүөнү баҕарыы ис куккун, сүргэҕин көтөҕөр. Тастан киирэр дьайдары утары мөккүһэргэ күүс угар.

Алгыһы сааһырбыт, олоҕу билбит-көрбүт, өйүнэн-санаатынан айылҕалыын алтыспыт дьон этиэхтээхтэр. Эдэр, ситэ-хото илик дьону, дьахтары эмиэ улахан аҕа саастаах дьон ортотугар алҕаталлара сыыһа. Ыллыылларын, саҥаралларын-иҥэрэллэрин хоту мээнэ алҕаталлар. Оннук алгыс тиийимтиэтэ суох, быһатын эттэххэ, тылынан оонньообут кэриэтэ.

Киһи барыта алгысчыт, иһиттэн тахсымтыа тыллаах-өстөөх буолбатах. Алгысчыт туһаайыытынан көрөн эт өйүттэн алгыахтаах, нойосуус үөрэппэккэ, нойосуустаан этии тиийимтиэтэ суох буолар. Оннук алгыс киһи ис эйгэтигэр киирбэтиттэн дьон ылыммат. Алгыһы киһи орто сааһыттан үөһээ этиэн сөп. Алгысчыты норуот, дьон-сэргэ бэйэтэ көрөн, талан алҕатар. Мин 60-тан тахсан баран Чөркөөх ыһыаҕын алҕаабытым. Алгысчыт арыалдьыттаах буолар. Күнү көрөн, дьону көрөн туран алгыыгын.

Чөркөөх ыһыаҕын алҕаатым. Ыһыах алгыһа киэҥ буоллаҕа. Николай Софронович Кириллин, Егор Степанович Большаков алгыһым кэнниттэн кэлэн: «Алгыһыҥ хаһан кэлэрий?»– диэн хаадьылаан ыйыттылар. «Киэһээҥҥэ диэри кэтэһиҥ», – диэтим.

Аҕыс аҥартан ат сүүрүүтүн иннинэ икки бөдөҥ учуонай: сахаттан бастакы юридическай наука доктора Михаил Михайлович Федоров уонна сахаттан бастакы философскай наука доктора Авксентий Егорович Мординов ыалдьыттыы кэллилэр, чэйдээтибит. Хара былыттартан ыаҕастаах уунан кутар ардахтаах күн этэ. Киэһэлик ардах астан, күн чэмэличчи көрбүтүгэр оҕонньоттор үөрдүлэр. Авксентий Егорович: «Киһи диэн Айылҕа оҕото. Айылҕа да бэйэтин оҕотун тылын ылынар эбит. Тэһэ астарбыт курдук маарыын «киэһээ» диэбитэ ээ. Киһибит эппитэ кэллэ буолбат дуо?» – диэбитэ…

Андаҕар аҕыйахтык туттуллар. Туолуо, толоруом эрэ диэбит киһи андаҕайыан сөп. Олох – өлүү-сүтүү диэн суолтаҕа туттуллар. Атыыр баһа Аан дархан андаҕар мээнэ туттуллубат.

Айылҕалыын ситимнээх

Аһаҕас эттээх, көрбүөччү, түүллээх дьон көрүүлэрэ олоххо тиийэн кэлэр. Айыылар, абааһылар, көстүбэт күүстэр – итэҕэлтэн, төһө итэҕэйэргиттэн тутулуктаахтар. Итиннэ итэҕэйэр буоллаххына, араҥаччыланан бөҕөргөтүнэҕин.

Сахаларга былыр-былыргыттан аһаҕас эттээхтэр, ойууттар, отоһуттар бааллар.

Мин бэһискэ үөрэнэ сырыттахпына Киргиэлэй Решетников улахан уола Ньукулай диэн күүстээх-уохтаах, киирбит-тахсыбыт киһи биригэдьиирдии сылдьан ыалдьыбыта. Кини аһаҕас эттээҕэ, ыалдьыбыта дьиктилээҕэ, хайдах эрэ куттаҕас буолбут этэ.

Кыайыы ыһыаҕын кэнниттэн Чурапчылаата. Арай биирдэ көрбүппүт, ыһыахтан атынан өрө тэптэрэн аҕай иһэр эбит. Кэллэ да ампаарга тилир гынна. Биирдэ эмэ таарымталанара. Куттанан «көстүбэт күүс таарыйдаҕа» дииллэрэ. Уһуннук ыалдьан баран, дьиэбитигэр таҥара мэтириэттэрэ бааллара, ону ууга суурайан иһэрдибиттэригэр, сарсыарда үчүгэй буолан турда. «Быладыйа бэтэрээ өттүнэн сахалыы симэхтээх-таҥастаах дьахтардаах эр киһини көрбүтүм. Миэхэ ойоҕолуу чугаһаан истэхтэринэ, атым биирдэ ыстанан кэбистэ да, дойдутугар сүүрүүнэн кэллэ. Быһа охсуохтарын атым быыһаата быһыылаах», – диэн кэпсээбитэ. Ону «Бахсы тойонун кытта Суоһалдьыйа Толбоннооҕу көрбүтэ буолуо» дииллэрэ. Ити түбэлтэ кэнниттэн ыарыыта ааспакка, бэргээн ыарыһах буолан хаалла. Эбии сэлликкэ ылларда. Туох да туһалаабат буолла. Биир сыл ааспытын кэннэ миигин акка мэҥэстэн Куома Чааскын кырдьаҕаска Уолбалыыр буоллубут. Икки арыгы кэһиилээхпит. Тиийбиппит, кырдьаҕас суох эбит, үһүө буолан балыктыы барбыттар. Дьиэҕэ эдэр баҕайы кэргэнэ, биир кыра уол баар. Син балачча кэтэспиппит кэннэ балыктаан кэллилэр. Кырдьаҕас: «Наадыйан кэллигит дуу?» – эрэ диэбитэ, Ньукулай ыарыһаҕын өтө көрдөҕө. Улаханнык кэпсэппэтэ. Онтон: «Бэрэмэдэйгэ бааргын киллэр эрэ», – диэтэ. Убайым били кэһиитин киллэрдэ. Остуол тардан чэйдээтилэр, арыгы истилэр, холуочуйдулар. Аһаан баран ампаарга таҕыстыбыт. Онно тахсан утуйуҥ диэтилэр. Бэйэбит таҥастаах тиийбиппит.

Сарсыарда оҕонньор: «Кэл эрэ, нохоо», – диэбитигэр миигин эттэҕэ диэн көтөн түстүм. Убайбын этэр эбит. Убайбар туос хастатта. Уонча туос эмэгэт оҥорон, тугу эрэ сотон баран: «Көхсүҥ хараҕынан икки тыҥаҥ үөнэ сүнньүнэн манан тахсар. Биир ый эмтэниэҥ. Биир ыйынан кыырт буолан көтүөҥ. Эмээхсин, эбэҥ баар. Дьаһайыаҕа, эмэгэккин туттаат да уокка биэрэн иһэҕин. Биэ кымыһын күҥҥэ биир куруусканан иһэн баран, 10 мүнүүтэ хамсаабакка сытаҕын, – диэтэ. – Ханна да сырыттаргын сыалыһары сиэйэҕин, бэйэҕиттэн хоргутаар», – диэбитэ кырдьаҕас.

«Муокастык да ыалдьыбыт оҕо эбиккин, кымньыылаппыккын дуу, хайдах дуу, сиһим ыарыйда», – диэбитэ оҕонньор. Убайбар араас махтал суруктары көрдөрбүтэ. «Соҕурууттан тиийэ махтанан суруйбуттар. Дьэ алдьархайдаах улахан киһи эбит, араас дьон эмтэнэн үтүөрбүттэр», – диэн кэпсээбитэ убайым аара суолга. Уолбаттан Ворошиловка тиийбиппит, ыһыахтыы олороллор эбит. «Ыалдьыттар, аһааҥ», – диэн биһиэхэ саламаат бөҕөнү тардан кэбистилэр. Убайым сүргэтэ көтөҕүллэн, үтүөрэргэ барбыта сонно биллэн барбыта.

Куома оҕонньорго сылдьыаҕыттан киһибит лиһигирэйэн, сүүрэн-көтөн, муус доруобай, үлэһит бастыҥа буолбута. Ол сылдьан Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар биригэдьииринэн ананан уонтан тахса көтөлүнэн айаннаатылар. Барарыгар муустаах ууну харбыы сылдьар доруобай киһи барбыта.

Саас, Ааллаах Үүнтэн кэлэригэр ыалдьан кэллэ. «Оҕонньорум кэриэс тылын толорботум быһыылаах. Аһааһын-сиэһин кэмигэр туох балыгын ыйыппакка сиэбитим. Оҕонньорум илэ бэйэтинэн киирэн кыыһыран атахпар турара», – диэтэ. Ол кэнниттэн уонтан эрэ тахса хонон баран, балыыһаҕа киирэн өлбүтэ…

Ойуун, отоһут – саха эмчиттэрэ. Дьайы дьалбарытааччылар, аһаҕас эттээхтэр, тыллара-өстөрө, сиэрдэрэ-майгылара бүтүннүү айылҕаны кытта ситимнээх дьиҥнээх айылҕа оҕолоро.

Киһини «Ийэ эккин ийэ буоргар, буор куккун төрөөбүт буоргар туттарабыт. Салгын кутуҥ ырайга көттүн. Аанньал курдук ыраас сырыттын», – диэн анараа дойдуга атааран көмөллөр.

Ыраас киһи дууһата үөһээ үрдүк, сырдык эйгэҕэ тахсар диэн өйдөбүл баар. Аанньалларга, Үрдүк Айыыларга диэн. Саамай үрдүк, ыраас, сырдык эйгэҕэ биһиги таҥарабыт Үрүҥ Аар Тойон олорор диир буолаллара.

Бэйэлэригэр тиийиммит, улахан аньыылаах дьону умса көмөллөр. Инньэ гымматахха, үөрдэрэ тахсан илэ дэриэтинньик буолаллар. Дьон олоҕун аймыыллар, огдолуталлар.

Биһиги оҕо эрдэхпитинэ оҕолору кытта оонньоһор дьиэ, хотон иччитэ чөчүөккэ баар диэн кэпсэтэллэрэ. Чөчүөккэни кытта оонньообут элбэх. Ньаадьы – хотон иччитэ, сүөһүгэ сыһыаннаах. Өтөх да иччитэ буолуон сөп курдук. Биир өтөх ампаарыгар кутуйах уйата эрэ, туох уйата эрэ, ынах түүтүнэн оҥоһуллубут уйаны иккитэ хаста көрбүтүм.

Бүүгээх диэн балаҕаҥҥа ыксары тутуллубут хотон икки дьиэ икки ардынааҕы күүлэ. Сүрдээх гигиеничнай тутуу эбит, хотон-саах сыта суох, сылаастан сылааска сылдьаҕын. Дьэ бу бүүгээхпитигэр туох эрэ уйаламмыта. Эдьиийим аах тыыппаппыт, алдьаппаппыт дииллэрэ. Ийэм туох эрэ диэн ботугураан этэн баран, атын сиргэ көһөрбүтэ. Ону ньаадьы уйаламмыт дииллэрэ.

Түүлүнэн былыт, хаар түһэрин билэҕин. Холобура, мин түһээн сүөһүнү далга хаайдахпына – былыт хайаан да кэлэр. Күөх оту оттуу, хойуу оту охсо турар буоллахпына – от үүнэр. Кураан буолууһу буоллаҕына – охсор оту буолбакка, итиннэ-манна үҥүөлүүбүн. Аймахтарым, чугас дьонум араас буолаары гыннахтарына иини, хоруобу, биитэр киргэ буккуллууну көрөбүн. Бөһүөлэк иһиттэн киһи өлөөрү гыннаҕына, ыраахтан эмиэ киһи иинин, хоруобун көрөбүн, кыратык киргэ буккуллабын. Сүөһү сааҕын – сөҥүүгэ түһүүбүн.

Сахалар түүлгэр киэргэнэн сылдьар буоллаххына олоҕуҥ тупсууһу, уу баһар – харах уутугар диэччилэр. Сорох дьон бултаары гыннахтарына өлбүт киһини көрөллөр. Сорохтор арыгы иһэллэр эбит. Чэ, ити курдук кэпсии туруохха сөп эрээри, хас биирдии киһи бэйэтэ туспа көрүүлээх буолар. Түүлү тойоннооһун личность бэйэтин өйдөбүллэриттэн, санаатыттан-оноотуттан тутулуктаах. Урукку түүллэргинэн сирдэтинэн тойоннуурга үөрэнэҕин. Оччоҕо түүлүнэн сирдэтинэн инникини сэрэйэҕин. Билэҕин, сэрэнэҕин.

Валентина Бочонина

Поделитесь этой страницей