“Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ  - Сайт Олонхо
Главная / События / “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ 

“Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ 

ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ.  

Барыта 5 бөлөх, 13 биирдиилээн кыттааччы күрэстэстэ.  

Биирдиилээн толорууга:

Кылаан кыайыылаах – Афанасий Попов (40 000 солк.), Таатта, Дьохсоҕон.

үрдэл — Дьячковскай Николай (20 000 солк), Чурапчы.

үрдэл — Лазарева Сусанна (15 000), Чурапчы.

үрдэл — Номоҕон Арчыман (10 000), Таатта, Баайаҕа

Кылыгырас кылыһахтаах толорооччу” – Альберт Шестаков (5 000), Таатта, Ытык Күөл.

Бастыҥ олоҥхону олугунан толорооччу” – Анатолий Христофоров (5 000), Чурапчы.

Төрүт үгэһи тутуһааччы” – Светлана Никитина (5 000), Таатта, Чөркөөх.

Сэһэн сүнньүн тутааччы” – Аграфена Аржакова (5000), Таатта, Чөркөөх.

Уһун тыыннаах олоҥхону толорооччу” – Клара Читаева (5000), Таатта, Ытык Күөл.

Кэскиллээх олоҥхону толорооччу” – Сергей Кладкин (5000), Таатта, Кыйы.

Бөлөҕүнэн толорууга:

Кылаан кыайыылаах – “Оллоон” бөлөх, салайааччы Вера Оконешникова (50 000 солк.), Чурапчы.

Төрүт үгэһи утумнааччы” – “Кылыһах” бөлөх, салайааччы Галина Полускина (12000), Таатта, Кыйы.

Бастыҥ олоҥхону олугунан толорооччу” – “Дьохсоҕон олоҥхоһуттара”, салайааччы Афанасий Попов (10000), Таатта, Дьохсоҕон.

Бастыҥ ырыалаах бөлөх” – “Күбэйэ” бөлөх, салайааччы Розалия Филатова (10 000), Таатта, Чөркөөх.

“Бастыҥ Айыы бухатыырын ырыатын толорооччу” – Игнатий Белин (2000), Таатта, Кыйы.

“Бастыҥ олоҥхо кэрэ куотун ырыатын толорооччу” – Мария Егорова (1500), Таатта, Ытык Күөл.

“Бастыҥ абааһы уолун ырыатын толорооччу” – Владимир Колотинскай (1500), Таатта Дьохсоҕон.

Бастыҥ сэһэнньит” – Галина Полускина (3000), Таатта, Кыйы.

Кэрэхсэбиллээх уобарас” – Клара Читаева (2000), Таатта, Ытык Күөл. 

Поделитесь этой страницей