Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйэн
Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, бэс ыйын 20 күнүгэр киэһэ 19.00 чаастан
Федот Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр Юрий Борисов «БАҺЫРҔАСТААХ АТТААХ БААБЫЙ БААТЫР» олоҥхотунан «Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай ансаамбылын толоруутугар музыкальнай-хореографическай испэктээккэ ыҥырабыт.
Бу испэктээк — олоҥхону бастакынан үҥкүү тылынан дьүһүйүү буолар. Ол иһин «Родной язык — достояние народов» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Олоҥхо Гранын кыайыылааҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэр Гран-при хаһаайына.
Туруорааччы режиссер: Марианна Ефимова
Бырайыак салайааччыта: Нюргустана Тылбыкова
Киирии билиэт: 500 солк.
Билиэттэр бэс ыйын 18-19 күннэригэр Амма 1-кы №-дээх орто оскуолатыгар атыыланыахтара (Широких-Полянскай уул. 32), билсэр тел. 8968-162-26-80;
🌸 бэс ыйын 20 күнүгэр — Ф. Потапов аат. Норуот айымньытын дьиэтин каассатыгар атыыланыа. Билсэр тел: 8965-998-68-47
Олоҥхо омуннаах олоҕун,
Үҥкүү аптаах абылаҥын
Уруйдаан көрсүөҕүҥ,
Айхаллаан атаарыаҕыҥ!