Олоҥхоһут Сыалай Маатыс - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҥхоһут Сыалай Маатыс

Олоҥхоһут Сыалай Маатыс

Попов Петр ПавловичСыалай Маатыс Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, Мээндигигэ баай Белолюбскай уолугар сүктэн кэлбит кыыс сылгыһытынан, хамначчытынан кэлсибит уол оҕо удьуора эбит.

1882 сыллаахха Мээндигигэ күн сирин көрбүт. Саха киһитин быһыытынан дьоҥҥо- сэргэҕэ биллэринэн – Сыалай Маатыс, эдэр эрдэҕиттэн сылгыһыт, сыспай сиэллээхтэри кытта эрийсэн улааппыт киһи.

“Мээндиги” холкуос тэриллиэҕиттэн соҕотох сылгыһыт этэ. Намыһах уҥуохтаах, төрөлкөй көрүҥнээх, лэппэллибит, ынаҕачыйбыт, сонос киһи дииллэрэ. Биллиилээх суруналыыс Караканов Прокопий Иосифович кини туһунан маннык ахтара: -Петр Павлович Мээндигигэ, мин билэрбинэн, соҕотох олоҥхоһут этэ. Кини биир эмэ олоҥхото суруллан хаалбыта дуу, суоҕа дуу, билбэтим. Биһиэхэ “Сылгы уонна Дыырай бухатыыр” диэни олоҥхолуурун өйдүүбүн. Чуорайта алласка кыстаан олордохпутуна, мин кыһыҥҥы каникулбар кэлэ сылдьан, кини олоҥхотун истэрим. Олоҥхоһуту истии бэйэтэ бырааһынньык курдук буолара. Көмүлүөк оһох кураанах маһынан тигинэччи оттуллара, дьиэ иһинээҕи дьон бары сэргэхсийэн, олох мастарга, ороннорго кэчигирэччи олоробут. Кырдьаҕастар сөп буола-буола “ноо” диэн олоҥхоһуту тэбиэрдэн биэрэллэрэ. Сарсыарда буолуор диэри олоҥхолуура. Эр дьоннор утуйбакка эрэ устунан от-мас тиэйэ бараллара. Сыалай Маатыс олоҥхолууругар айыы да, абааһы да бухатыырдарын ыллатан, абааһы кыыһын эҥин үтүктэн куолаһын араастаан уларытара. Кинини “этэрэ үчүгэй буолан баран, ырыатын кыайбат” диэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин истэрим. Ити курдук кыра сылдьан, чугас эргин тыыннаах олоҥхоһуттаах буолан, тыыннаах олоҥхоһуту истэн турабын.
Петр Павлович олоҥхоһутун тэҥэ, отоһут эбит. Кини букатын хойут, сааһыран баран кэргэннэммит, хас да оҕоломмуттар. Ол оҕолоро билигин Соморсуҥҥа бааллар. Кини олоҥхонон уонна хааннааһынынан үлүһүйэн дьарыктамматах буолан бэйэтин кэмигэр да биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыта.
Оҕонньор өссө биир дьикти уратытынан кини дойдутун эҥэр былыргы «ойуу-бичик» суругу туттубут тиһэх киһинэн буолар. Кинини Сэһэн Боло «Мэҥэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо» диэн 1938 сыллаахха бэчээттэммит, иккистээн 1994 сыллаахха сөргүтүллүбүт аар-саарга аатырбыт кинигэтигэр: «Сомоссун нэһилиэгин Амма оройуонун олохтооҕо Боппуоп Бүөтүр ойуута-бичигэ маска суруллубутунан 1935 с. ахсынньы 22 күнүгэр устам ыллым»,- диэн үйэтиппит.

@amma_olo5o

Поделитесь этой страницей