Ыччакка олоҥхону көҕүлүүр бэртээхэй бырайыак - "Олоҥхолоох айан: НОО!" - Сайт Олонхо
Главная / Видео / Передачи / Ыччакка олоҥхону көҕүлүүр бэртээхэй бырайыак - "Олоҥхолоох айан: НОО!"

Ыччакка олоҥхону көҕүлүүр бэртээхэй бырайыак — «Олоҥхолоох айан: НОО!»

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията «Олоҥхолоох айан: ноо!» диэн кыттыгас бырайыактарын чэрчитинэн, ыччат десана Таатта, Амма улуустарынан сырыытын туһунан ролигы көрүҥ.

Чопчулаан эттэххэ, нэһилиэнньэҕэ олоҥхону көҕүлүүр, билиҥҥи кэм олоҥхоһуттарын уонна толорооччуларын устан үйэтитэр «Олоҥхолоох айан» бырайыак десана 2022 сыл сааһыгар Бүлүү бөлөх улуустарын кэрийбитэ.

Ол кэнниттэн 2023 сыллаахха Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын граныгар кыайан, ахсынньы 11-16 күннэригэр Тыараһанан, Чөркөөҕүнэн, Кыйынан, Амманан, Бөтүҥүнэн сылдьыбыттара. Хас нэһилиэк аайы олоҥхо дьоро киэһэлэрэ тэриллибиттэрэ, Национальнай бибилэтиэкэ “Олоҥхо” саайтыгар матырыйаал хомуллубута.

Бу айар бөлөҕү АГИКИ проректора Зоя Стрекаловская уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, суруналыыс Анисия Иевлева салайан илдьэ сырыттылар. Оператор уонна ролигы таҥан оҥордо — Михаил Эверстов.

Поделитесь этой страницей