Никита Аянитов: «Олоҥхону киһи барыта толоруон сөп»
Олоҥхо ыһыаҕар Тойон сэргэ аттыгар Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин ыччатын, омуннаабакка эттэххэ, олоҥхону үс сааһыттан умсугуйан толорор Никита Аянитовы көрсөн кэпсэттим.
Амма сиригэр ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Никита «Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ» диэн олоҥхону толорооччулар күөн күрэстэригэр ыччаттарга бастакы үрдэл кыайыылааҕа буолан, 60 000 солк. суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланан өрөгөйө үрдээн, үөрэн-көтөн олоҥхолоон иһитиннэрдэ, саҥа саҕалааччы олоҥхоһуттарга сүбэ-ама биэрдэ.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар кини Ийэ олоҥхоһут Кирилл Никонович Никифоров-Лөкөчөөн «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн» диэн олоҥхотуттан быһа тардан, 45 мүнүүтэ толордо.
Олоҥхону толорор уустук. Ол эрэн хайаан да талааннаах эрэ дьон олоҥхолууллар диэн өйдүүр сыыһа. Тылы элбэхтик үөрэттэххэ, тойугу чочуйдахха, ууга-хаарга түһэн баран тахсарга үөрэннэххэ, дьон-сэргэ болҕомтотун тартахха саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала – олоҥхону ким барыта толоруон сөп. Онон саҥа саҕалыыр олоҥхоһуттарга толлумаҥ, иннигит диэки кимэн иһиҥ, — диэн эдэр олоҥхону толорооччу Никита Аянитов санаатын үллэстэр.
Никита М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын, култуураларын үөрэтэр институкка саха салаатын устудьуона буолар. Аан бастакы олоҥхотун өссө оҕо саадыгар сылдьан толорбут. Уһуйааччыта Лена Николаевна Васильева «бу оҕо хоһоону түргэнник ылынар, олоҥхону ааҕыан сөптөөх эбит» диэн «Эрэйдээх-буруйдаах Эр соҕотох» олоҥхону үс саастааҕар үөрэппит. Онтон оскуолаҕа орто сүһүөх кылаастарга Саха сиригэр соҕотох, маҥнайгы Олоҥхо оскуолатыгар Кэнтик нэһилиэгэр Сахаайта Мойтохоноваҕа дьарыктанар, ситиһиилээхтик бүтэрэр. Бэйэтэ этэринии, быйыл 23 сайынын, 19 сылын олоҥхолуур, Олоҥхо ыһыаҕар ахсыс төгүлүн кыттар.
Вера ИВАНОВА