Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын үйэлэргэ умнуллубат оҥкула оҥоһулунна
Быйылгы ыһыахтар, ханна да буоллун, дьон-сэргэ болҕомтотун тардардыы тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттарын туһунан аныгы сибээс көмөтүнэн ыһыахха сылдьыбатах да киһи толору өйдөбүлү ылыан сөп. Ордук кэнники сылларга «Саха» НКИХ суруналыыстара ыһыаҕы анаан сырдатар буоллулар. Бу өттүнэн быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын уонна Туймаада туонатын ыһыаҕа сөптөөхтүк сырдатылынна, куйаар ситимнэригэр тахса сатаата. Доруобуйам туругунан, үксүн ыһыах тэрээһинин аныгы мультимедийнэй сибээс нөҥүө харахпынан көрөн, кулгаахпынан истэн син толору өйдөбүлү ыллым диэххэ сөп.
Билиҥҥи кэм ыһыахтара – төрүт үгэстэри үйэтитии
Быйылгы ыһыахтарга, ордук Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар, сахалыы таҥныбыт дьон-сэргэ олус элбэх. Биирдиилээн да, ыалынан да эҥин эгэлгэ сахалыы таҥаһы, норуот маастардара оҥорбут үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут илин-кэлин кэбиһэрдэри, ытарҕалары, бөҕөхтөрү, араас киэргэллэри, дьахталлар даҕаны, эр дьоннор даҕаны, эдэрдэр кэтэр буолбуттара киһини үөрдэр. Кыл сэлээппэ, төбөтүөйкэ, кур арааһа саха эр киһитин дьоһун көрүҥнүүр. Араас оһуор мандар саха дьахталларын киэргэтэр. Маннык уустаан-ураннаан оҥорууну саха маастардара былыр-былыргыттан тарбахтарын талаанынан дьүһүйбүттэрин Алгыстаах Аммаҕа төрөөбүт-үөскээбит М.М.Носов альбомугар үйэтиппитин, биһиги кэмнэрбитигэр Мандар Уус Саха сирин улуустарынан сылдьан сыралаһан хомуйбутун искусствоведтар И.А.Потапов, В.Х.Иванов, З.И.Иванова-Унарова, этнограф учуонайдар Р.С.Гаврильева уо.д.а. научнай үлэлэригэр дириҥник чинчийбиттэрин, билиҥҥи норуот маастардара А.Н.Зверева, С.И.Петрова, «Симэх» галерея киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдибиттэрэ көстөр. ХИФУ фольклор уонна култуура хаапыдыратын дассыана С.И.Петрова Олоҥхо ыһыахтарын кэмпэриэнсийэлэригэр үөрэнээччилэринээн улуустарынан сылдьан маастар кылаастары ыытара түмүктээх буолла. Ааһа баран археологическай хаһыыларга көстүбүт саха таҥаһын чөлүгэр түһэриини тэрийэн ыытар. Эбэн эттэххэ, биллиилээх этнограф А.И.Гоголев арыйбыт Кулун Атах култуурата Амма сиригэр эмиэ баара. Аммалар онно көстүбүт туойтан оҥоһуктары эмиэ туһаннылар, ыһыах тэриллэрин оҥорор ыҥырыылаах ыалдьыттарга сүбэниир быһыытынан туттартаатылар.
Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа төрүт үгэстэри үйэтитиигэ, сөргүтүүгэ тускуллаах тэрээһиннэр, куонкурустар балачча элбэхтик ыытылыннылар. Үгэс быһыытынан ордук хото саха таҥаһыгар, туойтан оҥоһуктарга, тимири уһаарыыга болҕомто күүһүрэн иһэрин бэлиэтиэххэ сөп. Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киириэҕиттэн, бу хайысхаҕа биирдиилээн энтузиастар, маастардар, холбоһуктар айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ көстөр. Амматтан төрүттээх худуоһунньуктар Н.Н.Рязанскай, У.М.Нохсорова, Н.А.Никифорова-Ойууна быыстапкалара ыһыах аһыллыан эрэ иннинэ бэрт сэргэхтик ыытылынна. Онон олоҥхоҕо уонна олоҥхоһуттарга сыһыаннаах түгэннэргэ тохтоон ааһар сиэрдээх.
Амма — олоҥхолооһун биир сайдыбыт түөлбэтэ
Киин улуустартан аммалар номоххо киирбит Т.В.Захаров-Чээбий, олоҥхону тыйаатыр ускуустубатыгар сыһыарбыт, саха маҥнайгы оператын олоҥхоҕо олоҕуран айыыга сүдү оруоллаах У.Г.Нохсоороп, Саха Сирин олоҥхоһут дьахталларыттан биирдэстэрэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Е.Е.Иванова, олоҥхоһут-суруйааччы В.М.Нохсоороп ааттарынан киэн тутталлар. Олоҥхолооһун биир ураты түөлбэтэ Чээбийинэн сирэйдээн баар буола сылдьыбыта. Амма олоҥхоһуттарын олоҥхолорун сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитиигэ биллиилээх этнограф-фольклорист В.Н.Васильев айымньылаахтык үлэлээбитэ биллэр. Кини омугунан тоҥ нуучча, 1906 с. РНА эспэдиисийэтигэр кытта сылдьан, дойдутугар анаан кэлбитэ. Амма биллэр олоҥхоһуттарын Т.В.Захаров-Чээбий, М.Е.Новиков – Мэлэх Мэхээлэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олоҥхоһута Ф.Т.Егоров уонна Чурапчы биллиилээх олоҥхоһута И.Г.Теплоухов олоҥхолорун сурукка-бичиккэ тиспитэ уонна Э.К.Пекарскай “Образцы якутской народной литературы” сиэрийэтигэр бэчээттэтээри биэрбитэ да, олох отуора алдьанан, бэчээттэммэккэ хаалбыттара. Саха фольклористикатын аксакала Н.В.Емельянов 1994 сыллаахха Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотун “Образцы народной литературы”сиэрийэ салгыытын курдук бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта. Онтон 2018 сыллаахха Чээбий төрөөбүтэ 150 сылыгар ХИФУ ХИНТуоК Үнүстүүтүн тылбаас хаапыдыратын дассыана И.В.Собакина салалтатынан тылбаастаан иккиһин таһаарбыппыт. Быйыл Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ГЧ уонна ХААНП үнүстүүтүн фольклористара В.Н.Васильев суруйбут олоҥхолорун М.Е.Новиков-Мэлэх Мэхээлэ “Дуолан Баай Тойон, Арҕас Баай Хотун”, Ф.Т.Егоров “Дьохсоҕоллой оҕонньор,Сиэмийэхээн эмээхсин” диэннэри билиҥҥи академическай ирдэбиллэринэн бэчээттээн таһаарбыттара кэрэхсэбиллээх. Олоҥхолору бэчээккэ бэлэмнээбит А.Н.Данилова, Н.А.Оросина иккиэн миэхэ аспирантураны ааспыттара, “Саха боотурдарыгар”, Олоҥхо ыһыахтарыгар тахсыбыт олоҥхолорго миигин кытта тэҥҥэ үлэлэспиттэрэ. Билигин бэйэлэрэ туспа буруо таһаарбыттара хайҕаллаах. Ол эрээри, тылбааһа суох олоҥхолору киирии ыстатыйаларын, кэмэнэтээрийдэрин нууччалыы суруйбуттара өйдөммөт. Саха тылын сайыннарыахтаахпыт диэн этэбит да, үнүстүүт учуонайдара бааһынайдаан ылалларын биир бэйэм өйдөөбөппүн. Ол да буоллар, В.Н.Васильев өрөбөлүүссүйэ иннигэр суруйбут олоҥхолоро күн сирин көрбүттэрэ махталлаах.
Этнограф В.Н.Васильев Олоҥхо ыһыаҕын түһүн түһэрбитэ
Олоҥхолору суруйбут В.Н.Васильев фольклорист уонна этнограф быһыытынан өрөбөлүүссүйэ иннигэр балачча биллэрэ, сахалыы да билэрэ. Кини төһө да анал үөрэҕэ суох буоллар, бэйэтин баҕатынан уонна дьулуурунан билии эйгэтигэр биллэрэ, хас да этнографическай эспэдиисийэлэргэ кыттыбыта, оччотооҕу научнай сурунаалларга ыстатыйалара тахсыталыыра, кыттыбыт эспэдиисийэлэрин туһунан отчуоттары суруйара, академик Э.К.Пекарскайы кытта сибээстэһэрэ, түмэллэргэ, этнографияҕа кэлиэксийэлэрэ элбэх. Ол эрээри, кини туһунан киэҥ ааҕааччы бэрт кэмчитик билэр. Кини этнографияҕа суруйуулара, бэлиэтээһиннэрэ, отчуоттара билигин төрүт култуураҕа кэрэхсэбил үөскээбит кэмигэр научнай суолталара олус улахан.Амматтан төрүттээх А.Н.Ефремов ХИФУ историяҕа факультетыгар үөрэнэр сылларыгар В.Н.Васильев научнай үлэлэрин түмэн, наардаан “Научные труды, экспедиционная деятельность и музейные коллекции по Сибири, Северу, и Дальнему Востоку” диэн дьоһуннаах кинигэни таҥан оҥорбут. Кинигэ ситэн-хотон тахсыытыгар Амма дойдунааттара (патриоттара) меценат Р.Е.Федотов спонсор быһыытынан, бэрэпиэссэрдэр Н.Н.Ефремов, А.А.Петров, музыковед В.Г.Григорьева редколлегияҕа кыттыспыттар. Ол түмүгэр Саха Сиригэр өтөрүнэн тахсыбатах академическай таһымнаах кинигэ тахсыбыт. Устуоруйа билимин дуоктора Е.Н.Романова Саха Сирин бастакы этнограф-историктарын В.Н.Васильев, А.А.Попов, Г.В.Ксенофонтов научнай нэһилиэстибэлэрин билим таһымынан үөрэтиигэ ситимнээхтик үлэлээһинин үтүө түмүгэ диэххэ сөп. Амматтан төрүттээх В.Н.Васильев научнай нэһилиэстибэтэ дьоһуннаахтык Олоҥхо ыһыаҕар дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар ситэн-хотон тиийбитэ хойут Амматтан ааттаах-суоллаах эдэр чинчийээччилэр тахсалларыгар олук охсуоҕар саарбахтаабаппын. Кини Амма олоҥхолорун сурукка-бичиккэ тиспитэ улахан суолталаах уонна Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэн ыытыллар кэмигэр кини аата дьоһуннаахтык ааттаммыта биһигини барыбытын үөрдэр. В.Н.Васильев холобура суох научнай үлэтинэн Аммаҕа олоҥхо ыһыаҕын тэриллиитин түстээбит эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Кэнники сылларга Аммаҕа төрүт култуураны сөргүтүүгэ, ыһыахтары тэрийэн ыытыыга, биллиилээх этнограф, фольклорист В.Н.Васильевтан тирэҕирэн айымньылаахтык үлэлээбиттэрин кэрэһэлиибин. Норуодунай суруйааччы Д.Ф.Наумов улуус баһылыга буолуоҕуттан ыһыахтары тэрийэн ыытыыга болҕомтотун туһаайбытын билэбин. Өр сылларга улуус баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит П.И.Емельянова бииргэ үлэлээбит баһылыктарын А.Е.Артемьевы, А.А.Архиповы көҕүлээн, төрүт култуураны сөргүтүүгэ, сайыннарыыга аата-ахса суох тэрээһини тэрийбитэ уонна кинигэлэри, ол иһигэр олоҥхолорун бэчээккэ бэлэмнээн таһаарыыга Орто дойдуттан аттаныар диэри айымньылаахтык үлэлээбитэ.
Юрий Борисов Олоҥхо ыһыаҕар киллэрбит кылаата
Аммалар дойдуларын биллэр дьонун түмэ тардан кытыннарбыттарын хайгыы санаатым. Кинилэртэн Олоҥхо үнүстүүтүн лингвофольклористика салаатын сэбиэдиссэйэ, тыл билимин хандьытаата Юрий Борисов, бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн олоҥхону толоруунан утумнаахтык дьарыктанар. Бэйэтэ төһө да Мэҥэ Хаҥалас буоллар, Ама Эмиһигэр оскуолаҕа үөрммитэ, олоҥхо алыптаах эйгэтигэр уһуйуллубута. “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” бэстибээлгэ оҕо эрдэҕиттэн аммалар ааттарыттан ситиһиилээхтик кыттыбыта. Үнүбэрситиэккэ тылбаас салаатыгар үөрэммитэ. Билим үлэтин учуонай үлэтин олоҥхо истиилигэр бэрэпиэссэр И.Е.Алексеев салалтатынан суруйбута. Олоҥхо эйгэтигэр толорооччу да, учуонай да быһыытынан биллэр. Эдэр-эмэн сааһыгар тыл билимин хандьыдаата буолбута. Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэрин истээт да, киһи-хара буолбут дойдутугар иэһин төлүүрдүү, ылсыһан үлэлээн барбыта. Үнүстүүккэ бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ А.А.Борисова, А.Е.Божедонова, В.Н.Габышев буоланнар, Амма нэһилиэктэринэн сылдьан, норуот тылынан айымньыларын хомуйбуттара, видеоҕа устубуттара, сурукка-бичиккэ таһаарбыттара уонна бэчээккэ бэлэмнээбиттэрэ. Дойдулаах киһи сиэринэн Юрий Петрович хомуллубут матырыйааллары наардаан, научнай быһаарыыларын сиһилии оҥорон, киирии ыстатыйаны суруйан, корректуратын ааҕан, таһыччы таһымнаах бөдөҥ дьоһуннаах хомуурунньугу бэлэмнээн таһаарда. Киирии ыстатыйатыгар фольклор эспэдииссийэтин үлэтин түмүгэр 110 олоҥхоһут Амма сиригэр-уотугар төрөөн-үөскээн ааспытын чуолкайдаабыт, атын да киһи кэрэхсиир түгэннэрин бэлиэтээбит. Уопсайынан, Олоҥхо үнүстүүтүн фольклористара эдэр дьон сиэринэн олус киэҥ хабааннаахтык, тахсыылаахтык үлэлииллэрин биһириибин.
Ю.П.Борисов Олоҥхо ыһыаҕын көрсө урут Өлүөхүмэҕэ, Өймөкөөҥҥө, быйыл дойдутугар нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан олоҥхолоон, тус бэйэтинэн “Ааттаах олоҥхоһут аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан” диэн бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут бырайыагынан олоҥхолуур буолбутун олохтоохтор да, биһиги да бэркэ кэрэхсиибит. ЮНЕСКО биһигиттэн олоҥхолооһун үгэстэрин үйэтитэри ааһан, киэҥник тарҕатары, олоҥхолооһуну сөргүтэри ирдиир. Маныаха эдэр кэскиллээх олоҥхоһут бырайыага уот харахха сөп түбэһэр. Юрий Петрович дойдутун ыһыаҕар киллэрбит дьоһуннаах кылаата кэлин сөптөөхтүк сыаналаныа, кинини утумнааччылар, олоҥхону тарҕатааччылар кэлин да баар буолуохтара диэн эрэл санаа үөскүүр. Улуу олоҥхоһут Чээбийтэн, Москубаҕа тиийэ ыллаабыт-туойбут, олоҥхолообут У.Г.Нохсоороптон, дьахтар олоҥхоһуттартан бастыҥнара Е.Е.Ивановаттан саҕалаан, билиҥҥи кэм олоҥхоһута учуонай Ю.П.Борисов, А.Д.Софронова уһуйбут Оллоон олоҥхоһут оҕолоругар тиийэ Аммаҕа олоҥхолооһун үгэһэ утум-ситим салҕанан иһэр айылгылаах эбит диэн санааҕа кэлэҕин.
Олоҥхоһуттарга аналлаах билим үлэлэрэ
Аммалар бэйэлэрин дойдуларын олоҥхолорун бэчээттээн таһаарыыларын сэргэ аар-саарга аатырбыт олоҥхоһуттарын туһунан анаан-минэээн туспа анал кинигэлэри таһаарбыттарын кэрэхсээтим. Туох-ханнык иннинэ, олоҕун олоҥхоһуттар ыллыыр-туойар ускуустубаларын үөрэтиигэ анаабыт ускуустуба хандьыдаата В.Г.Григорьева биллиилээх норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Устин Нохсоороп айар үлэтин анаан-минээн кэккэ сылларга чинчийдэ, үөрэттэ, үс монографияны суруйан таһааттарбыта. Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэринэн сибээстээн, Новосибирскайга “Наука” кинигэ кыһатыгар “Эпические и песенные традиции саха в творческом наследии У.Г.Нохсорова” диэн өтөрүнэн саха ускуустубатын үөрэтиитигэр тахсыбатах монографияны таһааттарда. Виктория Георгиевна икки тылынан тэҥинэн кэриэтэ билэр буолан, олоҥхо ырыатын-тойугун, матыыптарын, истииллэрин, Устин Гаврильевич олоҥхоҕо киллэрбит кылаатын, олоҥхолооһун түөлбэлэринэн уратылаһыытын олус сиһилии чинчийбит, сырдаппыт. Олоҥхо муусукатын хомуйбут, чинчийбит биллиилээх композитор М.Н.Жирков архыыбын, этномузыковед Э.Е. Алексеев саайтыгар баар аудиоустууларын чинчийбит уонна У.Г.Нохсоороп олоҥхоҥхоһут быһыытынан айар үлэтин уратытын киэҥник арыйан көрдөрбүт. Ол түмүгэр кини чинчийиитигэр олоҕуран, Өлүөнэ өрүс эҥээригэр үөскүү сылдьыбыт олоҥхоһуттар Чээбий, Нохсоороп, Уурастыырап уонна билигин идэтийбит этномузыковедтар эрэ билэр олоҥхоһуттара Алексей Агапов толорор эпическэй тойуктара Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар уратытык иһилиннэ. Виктория Георгиевна тыа сиригэр да олорон, икки тылы тэҥинэн билэр буоллахха, билиҥҥи интернет үйэтигэр дьоһуннаах билим үлэтин суруйуохха, киэҥ эйгэҕэ тиэрдиэххэ сөбүн эдэрдэргэ уонна кэбиниэттэн тахсыбакка олорон үлэлиир учуонайдарга үтүө холобуру көрдөрдө.
Олоҥхо ыһыаҕар Амма номоххо киирбит олоҥхоһута Т.В.Захаров-Чээбий туһунан хайаан да ахтыллыахтаах этэ. Кини “Ала Булкун” олоҥхотун урут Эмис нэһилиэгин көҕүлээһининэн таһааран турабыт. Кини бюһун бөһүөлэккэ киириигэ көстүүлээх сиргэ туруорбуттара. Сүбэлэһэн баран, кыраайы үөрэтээччи Е.Д.Уварова бэлэмнээн таһаарбыт «Улуу олоҥхоһут Чээбий» кинигэтин иккистээн бэчээттэттилэр. Фольклорист С.Д.Мухоплева салалтатынан уонна эрэдээксийэтинэн кинигэ маҥнайгы таһаарыытыгар тупсаҕайдык тахсыбыта. Бу да сырыыга Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах кинигэлэр кэккэлэригэр киирэн ааҕааччы сэҥээрэрин курдук оҥоһуллубут, сонун матырыйааллар киирбиттэр. Олоҥхону толорооччу, олоҥхо биир улахан тарҕатааччыта, сөргүтээччи П.М.Тихонов хос эһэтин Е.В.Соловьев-Молодой “Харыадьымал Мэргэни” Чээбийтэн истэн үөрэммиттин, өссө Чээбий инитин кыыһын кэргэн ылан, уруу-аймах буолбутун суруйар. Ол иһин, Бүөтүр Максыымабыс олоҥхоҕо сыстаҕас эбит. Чээбий олоҥхолуур үгэһин холгумалар, наахаралар, суолалар, алтаннар иҥэриммиттэрэ, ылыммыттара биллэр. Онон Олоҥхо ыһыаҕар илин эҥэрдэргэ киэҥник биллибит Улуу Чээбий аата дьоһуннаахтык иһилиннэ.
Бөтүҥнэр А.Д.Софронова аатын үйэтиттилэр
Аммаҕа эбии үөрэхтээһин учуутала Анисия Даниловна Софронова Бөтүҥҥэ оскуола оҕолорун олоҥхоҕо уһуйууга таһаараалаахтык үлэлээбитэ. Кини тэрийбит “Оллоон” оҕо фольклорнай бөлөҕүн Бөтүҥ орто оскуолатыгар тэрийэн, оҕолору олоҥхоҕо уһуйууга айымньылаахтык үлэлээбитэ. Бэйэтэ төһө да олоҥхоҕо, ырыаҕа-тойукка улахан сыһыана суох буоллар, тэрийээччи, иитээччи, уһуйааччы быһыытынан тэҥнээҕэ суоҕа. “Оллооннор» сылтан сыл аайы ситиһиилэнэн испиттэрэ. Төрөппүттэр, үөрэнээччилэр айымньылаахтык үлэлиир уһуйааччыга тардыһыылара күнтэн күн күүһүрэн испиттэрэ. Билигин үөрэнээччилэрэ, сиэнэ Ася Соловьева, Нинель Борисова кини аатын ааттаталлар, бэркэ олоҥхону толороллор, оҕолору уһуйаллар. Хомойуох иһин, Анисия Даниловна аан дойдуну аймаабыт хамсык ыарыыга ылларан, бэйэтэ да эдэр эрдэҕиттэн быарынан ыалдьар буолан, Орто туруу бараан дойдуттан букатыннаахтык бараахтаабыта.
Бөтүҥнэр Анисия Даниловна аатын умнубаттар, өрө туталлар. Нэһилиэк баһылыга А.Н.Никитин, оскуола дириэктэрэ А.С.Иванова, “Бөтүҥ” түмсүү салайааччыта Т.П.Егорова көҕүлээһиннэринэн, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Анисия Даниловна аатын үйэтиттилэр. Бүддьүөттэн кэлтэгэй кэппиэйкэни ылбакка, оскуола олбуоругар пааматынньыгын ыһыах эрэ иннигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар. Маныаха Анисия Даниловна дьиэ кэргэнэ, аймахтара спонсор быһыытынан кытыннылар. Анал үөрэҕэ суох да буоллар, айылҕаттан айдарыылаах норуот худуоһунньуга Владимир Левин Анисия Даниловна илэ бэйэтинэн турар курдук оҥорбута киһини үөрдэр. Бу олоҥхо уһуйааччыларыгар бастакы мэҥэ өйдөбүнньүк буолар. Итиэннэ А.Д.Софроноваҕа аналлаах “Олоҥхоҕо анаммыт олох” диэн бэртээхэй ахтыы кинигэтин күн сирин көрдөрдүлэр. Т.П.Егорова «Бөтүҥнэр олоҥхо ыһыаҕар айаннара» диэн өбүгэ үгэһин ситимин арыйан көрдөрөр дьоҕус эрээри, дириҥ ис хоһоонноох кинигэни бэрт кылгас кэм иһигэр таҥан оҥорбут. Бука кини курдук Алгыстаах Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларыгар сүүрбүт-көппүт аҕыйаҕа буолуо.
Олоҥхо ыһыаҕа үйэтийэр тускула
Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах кинигэлэртэн биирдэстэрэ, РФ уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, устуоруйа билимин хандьыдаата Е.С.Шишигин Орто туруу бараан дойдутуттан букатыннаахтык барыан иннигэр, бэчээккэ бэлэмнээбит “Аммаҕа сэрии кэмигэр ыһыах” диэн ааттаах фотоальбомун кэрэхсээн көрдүм. Биллэрин курдук, 1944 с. баартыйа Уобаластааҕы кэмитиэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ сэбиэскэй норуот кыайыытынан түмүктэнэр сибикитэ биллибитин кэннэ уонна алдьархайдаах сут-кураан дьыллары туораан, саҥа өрө тыыныы саҕаламмыт кэмигэр дьон өйүн-санаатын көтөҕөр сыаллаах ыһыахтары тэрийэн ыытар дьаһала тахсыбыта. Маныаха биллиилээх бэйиэттэр Күннүк Уурастыырап, Сэргэй Васильев, Илья Винокуров-Чаҕылҕан ыһыах туһунан ыстатыйалара тахсыбыттара. Сэрии сылларыгар ыһыахтаабатах тыа сирин дьоно сир-дойду аайы ыһыах тэрийбиттэрин туһунан суруйуулар элбэхтэр. Аммаҕа ыытыллыбыт ыһыахха баартыйа инструктора, Саха Сиригэр сыылкаҕа сылдьыбыт. Емельян Ярославскай кэргэнэ К.И.Кирсанова сылдьыбыт. Хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ Арассыыйа аныгы устуоруйатын пуондатыгар харалла сытар. Фотоальбом хаартыскалара Аммаҕа ыһыах түгэннэрин балачча киэҥник сырдаталлар.
Аны аммалар ыһыахтарын киинэҕэ устубуттар эбит. Ону быйыл И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуалын нэһилиэстибэтин национальнай киинин үлэһиттэрэ А.В.Пшенникова, М.В.Эверстова Москва к. Красногорскайдааҕы кинофотоархив пуондататыттан булан көрдөрүүгэ таһаардылар, Олоҥхо ыһыаҕар анаан көрдөрдүлэр. Аммалар бэркэ билэр дьоннорун, норуот ырыаһыта Е.Е.Иванованы, кыһыл бартыһаан Софрон Ефремович Кутургуины, оччолорго Аммаҕа райком сэкэритээринэн үлэлээбит А.П.Данилованы илэ бэйэлэрин көрөн астыннылар. К.И.Кирсанова фотоальбомуттан уонна киинэ кадрдарыттан киһи элбэҕи билиэн сөп эбит. Маныаха Амма кыраайы үөрэтээччилэрэ чинчийэр-көрдүүр үлэни ыытыахтарын наада.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын аныгы тиэхиньиичэскэй ньымаларынан устан үйэтиттэхтэрэ. Ону үйэ аҥаарынан көрөр киһи кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо ураты кэпсээн, биһиги култуурабыт ураты көстүүтэ буолуоҕа. Онтон бэчээккэ тахсыбыт олоҥхолор, анаарыылар, чинчийиилэр норуот тылынан айымньыларын холобурдарын, кинилэр ис хоһооннорун, үгэстэрин, олоҥхону, фольклор айымньыларын толорууларын аныгы тиэхиньиичэскэй ньымаларын устан үйэтиппиттэрэ чахчы, олоҥхоһуттар тустарынан ситимнээх өйдөбүлү ылыахтарыгар саарбахтаабаппын. Онон Амма ыһыаҕа үйэлэргэ умнуллубат оҥкула оҥоһулунна.
Василий Илларионов, ХИФУ бэрэпиэссэрэ
Хаартыскалар ааптар тус архыыбыттан