Олоҥхо дьиэтэ – улуус духуобунай уонна култуурунай олоҕун киинэ
Аллараа Бэстээхтээҕи Олоҥхо дьиэтин айар кэлэктиибэ Иванова Евдокия Николаевна салалтатынан сөптөөх суолу тутуһан, төрүт үгэстэри үйэтитиигэ үлэ саҥаттан саҥа форматын көрдөөн, биир сыалга-сорукка түмүллэн. айымньылаахтык үлэлии олороро киһи хараҕар тута быраҕыллар.
Олоҥхо дьиэтэ 5 сыл үгүс өрүттээх кэскиллээх үлэни ыытан, таһаарыылаах үлэлээх айар кэлэктиибинэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник билиннэ. Бу сыллар тухары Олоҥхо дьиэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар духуобунай уонна култуурунай олох киининэн буолла.
Кэлэктиип улуус нэһилиэктэригэр бара турар тэрээһини, үлэни-хамнаһы өйүүргэ, тарҕатарга, көмөнү оҥорууга общественность күүһүн түмэргэ туһаайан. улуус култууратын специалистарын кытта биир сыалга-сорукка түмсэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэн, бары биир дьиэ кэргэн курдук эйэлээхтик үлэлииллэрин кэпсииллэр. Үтүө үгэстэри сөргүтэр араас таһымнаах тэрээһиннэргэ киһи кута-сүрэ тохтуур сахалыы оҥоһуулаах Олоҥхо дьиэтигэр үлэһиттэр, сахалыы наҥначчы таҥнан, ыалдьыттары алгыһынан үөрэ-көтө көрсөр уонна саха ыалдьытымсах үгэһинэн алаадьылаах сылаас чэйгэ ыҥырар үгэһи олохтообуттара кэрэхсэбиллээх.
Олоҥхо дьиэтэ улууска Култуура управлениета ыытар үлэтигэр биир боччумнаах салаа быһыытынан буолар. Улуус уопсастыбаннай, култуурунай уонна духуобунай олоҕор көхтөөхтүк кыттан кэллэ. Олоҥхо дьиэтэ улуус уопсастыбаннай тэрилтэлэрин, үөрэх уонна култуура тэрилтэлэрин, улуустааҕы Олоҥхо ассоциациятын филиалын кытта бииргэ үлэлиир.
Ыытар үлэлэрин биир боччумнаах хайысхата – үгэс быһыытынан олоҥхону толорууну олохсутар, сайыннарар, тарҕатар, олоҥхо тыыннаах эйгэтин, олоҥхону истэр култуураны тилиннэрэр сыаллаах былааннаах үлэни ыытыы буолар. Маны таһынан, фольклор бары көрүҥэр нэһилиэнньэ айар кыаҕын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга дьулуһаллар.
Үлэлэрин биир сүрүн хайысхатынан нэһилиэнньэ ортотугар норуот тылынан уус-уран айымньытын бары көрүҥүн тарҕатыы, онно аналлаах фестивалы, семинары, маастар-кылааһы, кэмпириэнсийэни, айар лабораторияны, кууруһу, улууска баар фольклорнай матырыйаалы хомуйар экспедицияны о.д.а. тиһиктээхтик уонна былааннаахтык ыытыы буолар. Ол сиэринэн, Олонхо дьиэтэ Олоҥхо уон сыллаах бырагырааматын олоххо киллэрии соруктарынан көхтөөхтүк үлэлиир, өрөспүүбүлүкэҕэ эпическэй нэһилиэстибэни харыстыырга, үөрэтэргэ уонна тарҕатарга сыһыаннаах научнай-методическай уонна атын уопсастыбаннай суолталаах боппуруостарынан дьарыктанар, бырагыраама тэрээһиннэрин ыытыыга, бырайыактары оҥорууга былааннаахтык кыттар.
Олоҥхону толорооччулары түмэн, кинилэр уопсастыбаҕа ылар балаһыанньалара үрдүүрүгэр сабыдыаллаан уонна айар үлэлэригэр сөптөөх усулуобуйаны хааччыйан кэллэ диэтэхпитинэ, сыыстарбаппыт буолуо. Үс бастыҥ олоҥхону толорооччуларга анаан толору сахалыы таҥас-сап тиктэрбиттэрэ.
Дьон-сэргэ ортотугар ааттара-суоллара киэҥник биллэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун олоҥхону толорооччулара – Захаров Аркадий Михайлович, Тихонов Петр Максимович, Григорьев Иван Алексеевич, эдэр толорооччулар – Виталий Никифоров, Анисья Степанова, кэтээн көрдөххө, олоҥхолуур идэни ыһыктыбакка илдьэ сылдьан дьарыктанан, идэтийбит толорооччулар буола үүннүлэр. Араас таһымнаах олоҥхо түһүлгэлэригэр көхтөөхтүк кыттан, ырыаларынан-тойуктарынан түһүлгэни киэргэтэн кэллилэр.
Мээнэ киһи олоҥхоһут буолбат, онон бу улахан миссияны тута сылдьар дьоммутун харыстаан, салгыы илдьэ сылдьалларыгар сүбэ-ама, күүс-көмө буолар, усулуобуйаны бары өттүнэн тэрийэргэ кыһаллар, туруорсар соруктаахпыт. Маннык дьоммут тула олоҥхо эйгэтин үөскэтиигэ, мэҥэлэр курдук, олоҥхоһуттары бары өттүнэн өйүүрбүт, түөлбэ ахсын салгыы тиһиктээх үлэни ыытарбыт эрэйиллэр.
Олоҥхо дьиэтин кэлэктиибэ Олоҥхо күнүн тэрээһиннээхтик ыытар үгэһи олохтообута биһирэнэр. Сыл аайы Олоҥхо күнүгэр аналлаах декада улууска тэрээһиннээхтик ыытыллар. Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Иванова Евдокия Николаевна көҕүлээһининэн, илин эҥэр улуустар олоҥхо эйгэтин тэрийиигэ дуогабар түһэрсэн, бииргэ алтыһан үлэлииллэр, араас тэрээһини сүбэнэн, хардарыта сылдьыһан бииргэ ыыталлар. Бу үтүө үгэс Бүлүү бөлөх улуустарыгар тарҕанан, Степанова Тамара Прокопьевна салалтатынан олоҥхо эйгэтин тэрийиигэ бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэрсибиттэрэ. 2013 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыытыгар Олоҥхо дьиэтин кэлэктиибэ улахан оруоллаах. Евдокия Николаевна Олоҥхо Ыыыаҕын дирекциятын салайааччытынан үлэлээн, үгүс өрүттээх тэрээһиннээх дьаһаллары ыытан, дьонун-сэргэтин махталын ылбыта. 2013 сылы Олоҥхо сылынан биллэрэн, мэҥэлэр элбэх кэскиллээх үлэни ыыппыттара. Олоҥхоһуттарга болҕомто ууруллан, мааныга далбарга сылдьыбыттара. Ыһыах аһыллыыта буолуон иннинээҕи киэһэ улуус баһылыга олоҥхоһуттары анаан-минээн ыҥыран көрсүһүү тэрийбитэ. Сүрдээх үчүгэй бириистэри олохтообуттара. Кыттыбыт дьон бары дуоһуйан, астынан тарҕаспыттара. Улуус нэһилиэктэринэн Олоҥхо ыһыаҕын ыытар үтүө үгэс эмиэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрүттэммитэ. Мэҥэлэр саҕалаабыт үтүө үгэстэрэ билигин атын улуустарга салҕанар.
Хас биирдии түөлбэҕэ төрүт үгэстэри үйэтитэргэ, тарҕатарга өйдөрүн-санааларын ууран үлэлиир, тарбахха баттанар энтузиаст дьонноох буолар. Оннук киһинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар дьаныардаахтык үлэлэһэ сылдьар, өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар уопуттаах салайааччынан биллэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Евдокия Николаевна Иванова буолар. Кини туруоруммут сыалын ситиһэргэ, ылыммыт дьыалатын ыһыктыбакка дириҥ хорутуулаахтык үлэлээн иһэрин, бииргэ алтыһар дьоно-сэргэтэ дириҥ махталынан бэлиэтиибит. Маннык бэриниилээхтик үлэлиир дьоммутугар кылаабынайа баҕа, дьулуур уонна болҕомто наада. Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ умнуллубакка, уһун тыыннанан бара турарын туһугар Олоҥхо дьиэтин кэлэктиибигэр ыытар кэскиллээх үлэтигэр үтүө түмүктэри баҕарабыт. Төрүт үгэскэ тирэнэн, салгыы айа-тута, доруобайдык этэҥҥэ сылдьан, үтүөҕэ-кэрэҕэ ыччаты уһуйа, дьоҥҥут-сэргэҕит туһугар салгыы сырдык сыдьаайдаахтык үлэлии-хамсыы тураргытыгар! Дьоллоохтук олоруҥ, ыытар үлэҕит түмүктээх буола турдун!
Елена Протодьяконова,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин сүрүннүүр специалиһа, 2018 с.
Источник: Aartyk.ru