Амма аатырбыт олоҥхоһута Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Амма аатырбыт олоҥхоһута Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий

Амма аатырбыт олоҥхоһута Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий

Олоҥхо норуот тылынан айымньытын быьыытынан аан дойдуга аатырда. Юнеско  2006 сыл сэтинньи 25 күнүнээҥҥи быһаарыытынан, киһи аймах духуобунай култууратын сэдиэбирин быһыытынан ааттаммыта. Бу биһиги устар ууну сомоҕолуур уран тыллаахтарбыт, кырыымпалыы кылыгырас кылыһахтаахтарбыт, сүргэни көтөҕөр, санааны күүрдэр, нохтолоох тойон сүрэҕи долгутар улуу олоҥхоһуттарбыт талба талааннарын, өркөн өйдөрүн, айар имэҥнэрин билинии чаҕылхай туоһута буолар.

Биһиги Аммабыт биир биллэр, аатырбыт олоҥхоһутунан буолар Т. В. Захаров – Чээбий. Кини төрөөбүт нэһилиэгэ Эмис былыр-былыргыттан аатырыыта-сураҕырыыта Чээбийтэн ситимнээх, силистээх-мутуктаах. Чээбий улууканнаах олоҥхоһут буолан «Эмис Түмэппийэ дуо?» дэттэрбит киһи.

Т. В. Захаров – Чээбий 1868 сыллаахха Боотуруусскай улууска (билиҥҥинэн Амма) Эмис нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Нооноон Баһылай, ийэтэ – Парасковья. Кинилэр үйэлээх саастарыгар Массаагы диэн алааска бур-буруо таһаарынан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттар.

Элбэх оҕо төрөөн өлбүт буолан, уолларын Түмэппийи былыттаах халлааҥҥа быктарбакка, күннээх халлааҥҥа көрдөрбөккө, абааһыттан, иччиттэн харыстаан бүөбэйдээбиттэр. Уол төрөөтөҕүн сыл буоспа ыарыы туран, кыл-мүччү былаҕайга былдьата сыспыттар. Онтон сотору буолаат, иккис уол төрөөн, сааһырбыт ыал үөрүүлэрэ өссө үрдээбит. Ол уолларын Никииппэр диэн ааттаабыттар. Икки эмдэй-сэмдэй уол күн тура улаатан киһи-хара буолбуттар. Дьадаҥы олохтоох ыал оҕолорун сиэринэн үлэҕэ-хамнаска оҕо эрдэхтэриттэн эриллибиттэр.

Түмэппий 1898 сыллаахха  Мэҥэ Хаҥалас Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн сылдьар Евдокия диэн кыыьы кэргэн ылбыта. Икки кыыс оҕоломмуттара. Улаханнара Татьяна икки кэргэҥҥэ биэстэ оҕоломмутуттан билигин соҕотох кыыс Лонгинова Февронья Николаевна ордон, Мэҥэ Хаҥалас Хочотугар олорор, аҕыс оҕолоох. Татьяна бэйэтэ Сталин аатынан холкуоска өр кэмҥэ ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Кыра кыыстара Анна эдэр сааһыгар, кэргэн тахсыбакка сылдьан, өлбүт.

Быраата Никииппэр икки кыыс оҕолооҕо, иккиэн Мария диэн ааттаахтара, уоллара Илья диэн ааттааҕа. Никииппэр кэргэнинээн эрдэ өлөннөр оҕолор тулаайах хаалбыттар. Кыра Марияны уонна Ильяны Түмэппийдээх, улахан Марияны тастыҥ дьон иитэ ылбыттар. Кыра Мария Неустроев Петр диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, биир кыыс оҕолоноот, иккиэн ыалдьан өлбүттэр. Соҕотох хаалбыт Соня кыыһы эдьиийэ Татьяна иитэн киһи гыммыт, Софья Петровна Нестерова билигин Амма Солобуодатыгар олорор, кэргэннээх, оҕолордоох.

Чээбий эдэр сааһыгар көмүстээх Тайҕаҕа – бодойбоҕо тиийэн хамнаска үлэлээбит. Түмэппий баай атыыһыт Поповка үлэһитинэн, олоҥхоһутунан сылдьыбыт. Ыҥырыыга сылдьан олоҥхолоон биэрдэҕинэ, дойдуларын-дьоннорун ахтыбыт саха ыччаттар махтанан харчы бэрсэллэрэ үһү. 

 1921 сыллаахха тэриллибит нэһилиэк өрөпкүөмүн бэрэссэдээтэлинэн Захаров Егор Иннокентьевич, чилиэннэринэн Новиков Василий Федорович уонна дойдутугар эргиллибит Захаров Тимофей Васильевич талыллыбыттар.

Нэһилиэк бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, табаарыстыбата сатамматаҕар, үөрэх суоҕа буруйдааҕын өйдөөн, хараҥаны халбарытарга, ыччаты үөрэхтииргэ күүрээннэхтик турунан, улуус салалтатыгар туруорсан, 1923 сыллаахха нэһилиэгэр аан бастаан оскуола астарбыт. Оскуолаҕа бастакы учууталынан, суол тэлээччинэн Чемокин Тимофей Васильевич үлэлээбит. Сэбиэт Түмэппий 1924-1925 сылларга оскуола наадатыгар этинэн-арыынан сиэртибэ хомуйбута. Кини сыралаах үлэтин сыаналаан, В. М. Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын 75 сылыгар анаан нэһилиэк таһааттарбыт кинигэтин «Чээбий олоҥхоһут төрүттээбит оскуолата» диэн ааттаабыттара.

Тимофей Васильевич нэһилиэккэ бастакы тыа хаһаайыстыбаннай артыалын – Куду холкуоһу тэрийсибит. Бастакынан чилиэҥҥэ киирбит. Ол курдук куруутун инники кирбиигэ, нэһилиэк сайдарын туһугар сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, бэйэни харыстаммат үлэттэн сэллигэ өрүһүлтэтэ суох өрө туран, 1931 сыллаахха кулун тутар ыйга 63 сааһыгар өлбүтэ.

Тимофей Васильевич Захаров – Чээбий олоҥхоһут быһыытынан киэҥник сураҕырбыт, аатырбыт киһи. Кини бэйэтин кэмин үөлээннээхтэрэ: олоҥхоһуттар, улахан суруйааччылар Чээбийи бэрт үрдүктүк өрө тутан ааттыыллара. Ол курдук аатырбыт олоҥхоһуту кытта эт саастыы И. И. Бурнашев – Тоҥ Суорун, олоҥхолуурун истэн баран кэпсээбит Өрүс уҥуор атынан ааһан иһэн, аргыстарбыттан хаалан, биирдэ ыалга олоҥхолуу олордоҕуна, сайын олбуор таһыттан истэммин бэркэ сөхпүтүм. Киһи тэҥэ суох киһитэ эбит этэ, — диэн сөҕөн-махтайан Г. У. Эргискэ кэпсээбитэ баар.

А. Е. Кулаковскай Амма аатырбыт олоҥхоһуттарын Ырыа Маппыйы уонна Чээбийи Соморсуҥҥа ыҥыртаран иккиэннэрин анаан-минээн ыллаппыт, олоҥхолоппут диэн кэпсээн баар. Кырдьык алексей Елисеевич ханна да сырыттын норуот ураты талааннаахтарын кытта көрсөр, ырыаларын-тойуктарын истэр, бэйэтэ да ыллаан-туойан барар үтүө үгэстээх эбит. Ол сиэринэн Амма аакка киирбит олоҥхоһуттарын ыҥыртаран анаан истибит диэн сэрэйиэххэ сөп.

П. А. Ойуунускай Аммаҕа командировкаҕа сылдьан Чээбийи эмиэ көрсүбүтэ биллэр. Чээбий куоракка киирдэҕинэ, Ойуунускайдаах Аммосовы көрсөр үгэстээх эбит. Чугас аймаҕа П. В. Захаров ахтарынан, биирдэ Аммосов Чээбийтэн төһө сүөһүлээх-астаах буоларын ыйыппыт. Онуоха биирдэстэрэ: үйэлээх сааһыгар сүүс сүөһүнү толоро сатаабытын, онто куруук 99 сүөһүнэн тиийбэтин кэпсээбит Оччоҕо үйэлээх сааскар биир буос ынахтаах батараак эбиккин, — диэн Аммосов түмүктээн кэбиспит. Бу түгэнтэн көстөрүнэн, Чээбий бэрт күлүүлээх-оонньуулаах, сытыы өйдөөх киһи эбит.

Народнай поэт Владимир Михайлович ахтыытыттан бэрт кылгас лоскуйу холобурдуур табыгастаах «Түмэппий олоҥхолоон этэ-тыына, тутта-хапта олороро даҕаны киһиттэн атын буолааччы. Кини өрүү биир тэҥ куолаһынан хаһан да этиэ суоҕа. Куолаһа намтаан түһэн иһэн өрүһүнэн, хат улаатан, күөдьүйэн, сатараан кэлээччи. Саҥата аччыыр кэмигэр бэйэтэ эмиэ куччаабыкка, симэлийбиккэ дылы буолан, олорор сиригэр дьөлө кирийэн түһээччи. Оттон саҥата улаатан, куолаһа доллоһуйан ылыытыгар бэйэтэ… тахсааччы. Кини олоҥхото сарсыарданан өссө ордук сайдыбыкка, сэтэрбиккэ дылы буолааччы. Дьэ оччоҕо кини киһи этэр тыла иччилэнэн, туойар тойуга чугдаарыйан, ис иһиттэн имэҥирэн-илбиһирэн барар идэлээх». Мантан да көстөрүнэн, Чээбий олоҥхолуур идэни чахчы-бааччы баһылаабыт, этэр тыл имэҥин иҥэриммит айылҕаттан айдарыылаах олоҥхоһут эбит.

Тимофей Васильевич көмүстээх Тайҕаҕа үлэлии сылдьан «Эмис Түмэппийэ дуо?» дэтиэр диэри олоҥхолоон, олоҥхоһут быһыытынан талба талаана арыллыбыт. Кини Тайҕаттан дойдутугар аатырбыт-сураҕырбыт олоҥхоһут буолан төҥнүбүтэ.

Чээбий маннык олоҥхолоох эбит:  «Тойон Дьаҕарыма», «Үрүҥ Уолан», «Бэриэт Бэргэн», «Күн Эрилик», «Алантаайы-Кулантаайы», «Сылгы уонна Дыырай», «Ала Булкун», «Көмүс Чүүччүлээн», «Отох улаан аттаах Уол Туйгун», «Үрүҥ Үөдүйээн», «Уһук Туйгун бухатыыр», «Үөмэс харах аттаах Харыадала Бэргэн», «Кылааннаах уһуктаах Кыыс Ньургун», «Күн Эрэли» – барыта 14 олоҥхо.

Күннүк Уурастыырап Чээбийтэн эт хаанынан истибит олоҥхолорун ааттабыта баар: «Нуоҕалдьын аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр», «Күүстээх-уохтаах Күн Эрилик», «Мээрилдьин Сиэр Кулун аттаах бэрт киһи Бэриэт Бэргэн», «Өлбөт-сүппэт Үрүҥ Уолан бухатыыр», «Сылгы уола Дыырай бухатыыр», «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун бухатыыр» уонна «Көмүс Чүүччүлээн бухатыыр».

Чээбий олоҥхо идэтигэр биир дойдулааҕа М. Е. Новиков – Мэлэх Мэхээлэттэн уһуйуллубута биллэр. Кини кэлин, кырдьан баран, сурахха киирбит Чээбийи олоҥхолуур идэҕэ уһуйбутунан күөн туттара.

Чээбий олоҥхоһут быһыытынан биир ураты талааннааҕа. Ол курдук, баар дьону олоҥхотугар кытыаран күлүү-элэк гынан олоҥхолуур үгэстээҕэ.

Чээбий «Ала Булкун» олоҥхото

1905 сыллаахха Эмис нэһилиэгиттэн силистээх-мутуктаах Т. В. Захаров – Чээбий Амма Солобуодатын бааһынайын үөрэхтээх уолугар Виктор Николаевич Васильевка «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас аттаах Ала Булкун бухатыыр» (Ала Булкун) олоҥхону суруйтаран сүппэт-өспөт дьылҕаламмыта. «Суруллубут суоруллубат» дииллэринии, үйэттэн ордук бу айымньы суолтата сүтэ, тылын -өһүн күүһэ өһүллэ илик.

Э. К. Пекарскай «Ала Булкун» олоҥхону бэйэтин «Образцы народной литературы якутов» диэн сериятыгар бэчээккэ киллэрээри бэлэмнээбитэ даҕаны, өрөбөлүүссүйэ дьалхаана аймаан кыаллыбатаҕа.

Төрүт култуураҕа кэрэхсэбил үөскээбитин кэннэ, филологическай наука доктора Н. В. Емельянов көҕүлээһининэн, Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун бэчээттээн таһаарыы боппуруоһа көтөҕүллүбүтэ. «Россахаалмаз» вице-президенэ П. Д. Кириллин саха фольклористарын этиитин ылынан спонсордаан, 1994 сыллаахха Т. В. Захаров – Чээбий Ала Булкун олоҥхото күн сирин көрбүтэ. Онтон Г. В. Баишев – Алтан Сарын олоҥхону толору тылбаастаабытын СГУ доцена В. Н. Протодьяконов Алтан Сарын «Тоҕус этиҥ тойуга» диэн кинигэтигэр толору киллэрбитэ. Ол аата Чээбий олоҥхото сахалыы да, нууччалыы да тылларынан бэчээттэнэн тахсан ааҕааччыларга тиийбитэ.

Олоҥхоһут – чахчы идэтийбит, саха уус-уран тылын талбатын баһылаабыт, дьону кэрэхсэтэр кэрэ куоластаах уонна ону сатаан туһанар киһи. Ырыаһыт эрэ барыта олоҥхоһут буолбат. Олоҥхоһут норуот айымньытын поэтическай жанрдарын – ырыаны, тойугу, чабырҕаҕы, үҥкүү тылын – дэгиттэр толорор кыахтаах.

Олоҥхону соҕотох киһи толорор, онон кини айылҕаттан айдарыылаах артыыс буолуохтаах. Хас биирдии персонаһы тус-туһунан матыыптаан толорорун сэргэ, дьоҥҥо тиийимтиэ гына туттан-хаптан, куолаһын эгэлгэ дэгэттээн, тылын наардаан истээччилэр болҕомтолорун тардыахтаах.

Ааспыт үйэлэр араҕастарыгар ыллаан-туойаан, этэн-тыынан ааспыт чулууттан чулуу, бастыҥтан бастыҥ, уос номоҕор сылдьар улуу олоҥхоһут Т. В. Захаров – Чээбий саха олоҥхотун өлбөт-сүппэт үйэлээбитэ, төннүбэт төлкөлөөбүтэ.

Түмүктээн эттэххэ, Чээбий туох да үлүннэриитэ суох Амма бастыҥ олоҥхоһута, ону ааһан, бүтүн Саха сиригэр аар-саарга аатырбыт улуу олоҥхоһут этэ, ол барыта кини устар олоҕор ыллаабыт-туойбут олоҥхолоругар,  «Ала Булкун» олоҥхотугар дьэҥкэтик көстөр.

Осипова Алена Андреевна,

Чакыр орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала

Амма

Туһаныллыбыт литература

1.     «Аммабын Чээбийдии туойдахпына…»/ Амма улууһун муниципальнай тэриллии дьаһалтата П. И. Караканов. Дь.: Бичик, 2003

2.     Уварова Е. Д. «Улуу олоҥхоһут Чээбий». Дь.: Бичик, 2014

3.     Сивцева М. З., Данилова З. И., Жирков А. Н. «Олоҥхо биһигэ». Дь.: Бичик, 2004

4.     Илларионов В. В. «Олоҥхо алыптаах эйгэтэ». Дь.: Бичик, 2006

5.     Харитонов И. М. «Кулдус Бөҕө». Дь.: Бичик, 2009

Поделитесь этой страницей