«Олоҥхо дойдута» бырагыраама чэрчитинэн
«Азия оҕолорун» кыттыылаахтарыгар олоҥхо ускуустубатын көрдөрдүлэр.
Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар «Азия оҕолоро» оонньуулар кыттыылаахтарыгар «Земля Олонхо» бырагыраама үлэлээтэ. Ыалдьыттарга анаан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ олоҥхоһуттара толороллор.
«Земля Олонхо» бырагыраама Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Амма, Горнай, Чурапчы, Нам, Уус Алдан, Кэбээйи уонна Ньурба улуустарыгар баар Олоҥхо дьиэлэрин 250 кыттааччытын холбоһуга буолар. Биир кэлим ситим 2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан тэриллибитэ.
Саха сиригэр билигин 11 Олоҥхо дьиэтэ баар. Биэс сылга региоҥҥа 45 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр аныгы култуура дыбарыастара Бороҕоҥҥо, Намҥа, Бүлүүгэ.
Поделитесь этой страницей