Чурапчы ааспыт кэминээҕи чаҕылхай олоҥхоһуттарыттан биирдэрэ — Ырыа Ымыычаан
Олоҥхоҕо куруук этиллэр «үс саха үөдүйүөн иннинэ, түөрт саха төрүөн иннинэ» диэн эпитет саха бу дойдуга кэлэн тэнийэн үөскүөн иннинэ диэн буолуохтаах диэн сэрэйиллэрин быһыытынан, олоҥхо үөскээбит түгэх төрдө сахалар бу дойдуга кэлиэхтэрин иннинээҕи историятын кытары ситимнээх быһыылаах диэн этэллэр.
Октябрьскай революция кэнниттэн саха фольклорун олоҥхотун хомуйуунан уонна чинчийиинэн 30-с сыллардаахха тэриллибит тыл уонна култуура үнүстүүтэ үлэлээбитэ. Бу үнүстүүтү тэрийбит уонна иилээбит-саҕалаабыт киһинэн саха советскай литературатын төрүттээбит саха чулуу уола Платон Ойуунускай буолар. Революция кэнниттэн 1927 сыллаахха П.А.Ойуунускай олоҥхо туһунан чинчийиитэ тахсыбыта. Бу саха эпоһын туһунан маҥнайгы улахан үлэтигэр олоҥхо үөскээбит төрдүн, геройдарын, сүрүн уобарастарын, саха историятын, олоҕун-дьаһаҕын кытта сибээһин ырыппыта.
Мин эбэм Пелагея Терютина — Ырыа Ымыычаан аата Чурапчы улууһугар ыллаан-туойан олорон ааспыт норуот талааннаахтарын ортотугар боччумнаах миэстэни ылар. Кини ыллаан-туойан олорон ааспыт олоҕун кэрэһиттэрэ — олоҥхолоро, тойуктара.
Аҕам Михаил Павлович — Ырыа Ымыычаан кыра уола. Дьоҥҥо-норуокка тиийиэ, саха фольклоругар сыаналаах, суолталаах буолуо этэ диир кэриэһин толорон, архыып матырыйаалларын хасыһан, биһиги дьолбутугар бу Лукин Дьөгүөр –Түммүт Дьөгүөр сурукка тиспитэ харалла сытарын буламмын, кинигэ буолан тахсыбыта.
Егор Лукин–Түммүт Дьөгүөр, Хаҥалас улууһун биир тумус туттар киһилэрэ, оччотооҕу кэмҥэ үөрэхтээх киһи быһыытынан норуот инникитин, кэскилин туһунан киэҥ далааһыннаах толкуйдаах буолан, дьонун-сэргэтин, сахатын норуотун иннигэр кэмнэммэт үтүөнү оҥорбут дьонтон биирдэстэрэ, Чурапчы улууһун Хатылы, Алаҕар нэһилиэктэригэр оскуолаҕа учууталлаабыт. Ол үлэлиир кэмнэригэр Чурапчы нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан кырдьаҕастартан ыйыталаһан ыллыыр-туойар, олоҥхолуур дьону ыйдаран, көрсөн, кинилэртэн үгүс норуот ырыаларын, чабырҕахтары, өс хоһооннорун, олоҥхолору суруйан ылбыт. Кини барыта 7 олонхону информаннартан сурукка киллэрбит эбит. Бу маннык профессионал эрэ хомуйуон сөп диэн этэллэр эбит. Ол иһигэр биһиги эбэбит, Терютина Пелагея Михайловна, алта уонча сааһыгар сырыттаҕына, 1940 с. тохсунньу 2 күнүгэр «Сэттэ күннүк сиртэн сибиэркэтэ охсуллар эндиэ араҕас аттаах Нөрүөн Мүлгү» диэн биир үйэлээх олоҥхону 20 лиискэ (биирдиитигэр 500-түү) 10.500 хоһоон строкалаан суруйан ылбыт. «Олоҥхоһут тылыттан суруйдум Орджоникидзе оройуонун 1 Малдьаҕар нэһилиэгин “Бөкчөкөн” колхоһун чилиэнэ Лукин Дьөгүөр Дьөгүөрэбис» диэн бэлиэтээбит уонна ити сыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр Саха сиринээҕи научнай киин архыыбыгар туттарбыт. Бу олоҥхо билигин архыып пуондатыгар харалла сытар. Быһа тардыытын латыын алпаабытыттан таһааран мин эбэм туһунан кинигэбэр киллэрбитим. Маны таһынан эбэм тылыттан ырыалары сурукка киллэрбит рукопистарын архыыптан 1998 сылтан хасыһан булан, электроннай барыйааннарын оҥорон кэлин кинигэ буолан тахсыбыта.
Ырыалара манныктар:
Остуол ырыата (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Инв. № 162). Рукопись түөрт илиискэ суруллубут. Формат 20-30. Суруйбут Лукин Е.Е.
Чабычах ырыата (Ф. 5. Оп. 3. Д. 550. Инв. № 663), 3 с. Формат 20-31. Суруйбут Лукин Е.Е. Бу ырыа икки вариана баар.
Моотуона. Кыыс ырыата (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 74. 1940). Лукин Е.Е. Быттык-быттык Маарыйабын (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 17-18). Суруйбут Лукин Е.Е. 1940. Бу ырыаны иккиһин 1971 с. Пермякова В.Д. суруйан ылбыта баар. 147
Кэрэ-олох кэскиллэниэ, киһи-аймах дьоллонуо (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 14-16, 107-109). Лукин Е.Е. суруйуута. Сталин туһунан ырыа (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 81-83). Лукин Е.Е. суруйуута.
Депутат туһунан ырыа (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 78-80. Инв. № 1070). Лукин Е.Е. суруйуута.
Икки үйэ дьахтара (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Лл. 93-100. Инв. № 1070). Сэбээс туһунан ырыа (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 84-92. Инв. № 167. 24.02.40.). Лукин Е.Е. суруйуута.
Самолет туһунан ырыа (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 112-115. Инв. № 177. 05.09.40.) Лукин Е.Е. суруйуута. Аэроплан туһунан ырыа (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 103-106. Инв. № 170).
Кэлимсэ үөрэххэ киириэҕиҥ (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 62-69). Үүнүү хотуура (Ф. 5. Оп. 3. Д. 556. Л. 101-102. Инв. № 169).
Маны таһынан 4 остуоруйа, 1 үһүйээн, 1 кэпсээн суруллубуттар:
Умнаһыт Бааһынай (Ф. 5. Оп. 3. Ед. хр. 366. Инв № 15, 479); Тэтим Тэгээх (Ф. 5, Оп. 3. Ед. хр. 365. Инв. № 62, 519. Д.№ 51);
Тураах Маарка (Ф. 5. Оп. 3. Ед. хр. 364);
Балтай Балтараах (Ф. 5. Оп. 3. Ед. хр. 803. Инв. № 215); Будьурууҥка (Ф. 5. Оп. 3. Ед. хр. 803. Инв № 215);
Үс уоллаах Үрүҥ ыраахтааҕы (Ф. 5. Оп. 3. Ед. хр. 367. Инв. Балары барытын Түммүт Дьөгүөр сурукка киллэрбит.