Хаҥаластар олоҥхоһут кыыспыт - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Хаҥаластар олоҥхоһут кыыспыт

Хаҥаластар олоҥхоһут кыыспыт

Хаҥаластааҕы Арчы дьиэтигэр талааннаах дьон үлэлииллэрин билэбит. Элбэх тэрээһиннэри ыыталлар, төрүт култуурабытын тарҕаталлар, бэйэлэрэ кытары холобур көрдөрөн күрэхтэргэ кытталлар.

Бүгүн оннук дьонтон биирдэстэрэ эдэр исписэлиис Прасковья Лебедевалыын дьоһун тэрээһиҥҥэ сылдьан кэлбитинэн, ону сэргэ бэйэтин туһунан эмиэ сэһэргии түһэригэр көрдөстүм:

— Мин Хаҥалас 2-с Дьөппөнүттэн төрүттээхпин. Быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар I Тыыллыма нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи онус төгүлүн ыытыллыбыт «Куйуур олоҥхото» күрэххэ I Үрдэлгэ тахсыбыт олоҥхоһут аатын сүктүм уонна Галина Семеновна Попова — Санаайа анал бирииһин туттум.

Бэйэм олоҥхону толорбутум быйыл тохсус сылым. Марк Жирков аатынан музыкальнай училищеҕа фольклор салаатыгар үөрэнэ сырыттахпына, бастакы уһуйааччым Варвара Валерьевна Обоюкова олоҥхоҕо сыһыарбыта. Онтон кэнники Арктикатааҕа култуура уонна искусство институтугар Зоя Андреевна Стрекаловскайаҕа дьарыктаммытым. Толорор олоҥхом Нам улууһун биллиилээх олоҥхоһута Прокопий Ядрихинский — Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхото буолар.  Өбүгэлэрбэр аҕам ийэтэ, мин эбээм Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан төрүттээх, дьон кэпсииринэн сүрдээх мааны куоластаах, кылыгырас кылыһахтаах үһү. Онон тойуксуттар баар буолуохтарын сөп.

Олоҥхо тылын үөрэтэрбэр олоҥхо формулаларын туһанабын, ону тэҥэ, тылын умнаары гыннахпына, сюжетыттан көрөн кыра тута хоһуйуу, тылы солбуйуу ньымаларынан толоробун. Олоҥхону толоруу бэйэтэ айан курдук буолар, толорооччу киһи хайаан да ураты турукка киирэн, иэйэн толордоҕуна барыта табыллар дии саныыбын. Олоҥхо саха тылын, култууратын сүдү баайа буоларын быһыытынан син биир элбэх бириэмэни, болҕомтону, сыралаах үлэни ирдиир.

Мин бу төрүт айымньы түһүлгэлэригэр олоҥхону толорон саҕалыахпыттан кыттабын. Аан маҥнай Ньурба улууһугар оҕолорго буолбут күрэххэ кыттыбытым, ол кэннэ эдэр сааспар үктэниэхпиттэн ыччаттар түһүлгэлэригэр күрэстэһэбин. Билигин «Ыччат олоҥхоһут» общественнай түмсүүгэ баарбын.

Быйылгы күрэххэ алта улуустан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 14 эдэр олоҥхону толорооччу кытынна. Ыччаттар бары да ураты талааннаах, баай тыллаах, кэрэ куоластаах  дьон буолаллар.

«Куйуур олоҥхото» бырайыак ааптара Галина Попова-Санаайа, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора, тыл билимин хандьыдаата, быйыл үбүлүөйдээх 75 сааһыгар анаммыт тэрээһин хаһааҥҥытааҕар да үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Түгэнинэн туһанан тэрийээччилэргэ дириҥ махталбын, ытыктабылбын тириэрдэбин. Инникитин олоҥхобут тойуга үйэлэргэ дуорайдын!

Людмила Аммосова, Хаҥалас.

Поделитесь этой страницей