Эрчимэн Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэ... - Сайт Олонхо
Главная / События / Эрчимэн Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэ...

Эрчимэн Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэ…

Олоҥхо быйылгы ыһыаҕар муомалар ситиһиилэрэ элбэх. “Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ” олоҥхо күрэҕэр оҕолорго Эрчимэн Атласов, улахан дьоҥҥо Айталина Николаева ситиһиилээхтик кытыннылар. Эрчимэн сүүстэн тахса оҕоттон «Түөлбэ үгэһин утумнааччы» анал аакка тигистэ. Олоҥхо улахан түһүлгэтигэр кыттарбытыгар күүс – көмө, өйөбүл, сүбэ – ама тиэрдибиттэригэр Ирина Слепцоваҕа, Анна Федороваҕа махтанабыт.


Саха сирин улуустарыттан 100 киһи кыттыылаах Тимофей Васильевич Захаров — Чээбий «Ала Булкун Бухатыыр» олоҥхотун уһун тыыннаах ааҕыы кыттааччыта Надежда Соркомова ааттанан туоһу сурук тутта.
Кылаана Слепцова «Олоҥхо персонажтарын ырыата – тойуга “ куонкуруска Д.Силэпсиэп “Көтөр
Мүлгүн” олоҥхотуттан Симэхсин эмээхсин оруолун толорон кытынна.

«Или – эйэни туойуохха, оһуокайдаан ойуохха» өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуокай күрэҕэр Александра Старкова кытынна. Эдэр толорооччу бэркэ аһыллан оһуокайдаата.
«Алгыстаах тойукпут айхаллыы дуорайар» өрөспүүбүлүкэтээҕи тойук күрэҕэр Надежда Иванова, Кылаана Слепцова кытыннылар.
«Олоҥхо ыһыаҕын маанылаах таҥаһа» күрэххэ Елена Терешкина киэргэнэн – симэнэн тахсан кыттыыны ылла. Эр хоһуун Алексей Ефимов «Эр бэрдэ» күрэххэ кытынна. Күрэхтэһээччилэриттэн хаалсыбакка бэйэтин кыаҕынан бэркэ кытынна.


Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар «Чарующие звуки северного края» түһүлгэлэригэр Алена Корякина икки күн устата дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Манна эбээннии, эбэҥкилии, дьүкээгирдии, чукчалыы, долганныы тылларынан олоҥхо толордулар, һээдьэ этилиннэ, хабарҕа, норуот ырыаларын күрэҕэр 19 улуустан 42 кыттааччы күөн көрүстүлэр. Чыыстайтан сылдьар Анфиса Прокопьева ырыаҕа, һээдьэҕэ кыттан ситиһиилэннэ.
Ити курдук Айыыһыт алҕаабыт Амма сиригэр үс күммүт бэрт сэргэхтик, интэриэһинэйдик ааста.

Айталина Николаева, «Индигир уоттара»

Поделитесь этой страницей