Олоҥхоһут Чочу Сэмэҥҥэ пааматынньык баар буолла
Чочу нэһилиэгэр айылҕаттан айдарыылаах оһуохайдьыт, олоҥхоһут Чочу Сэмэнин аатыгар пааматынньык аһылынна.
Бэс ыйын 23 күнүгэр Үрүҥ Тунах ыһыаҕын кэмигэр чочулар киэн туттар биллиилээх биир дойдулаахтара Семен Иннокентьевич Ивановка анаммыт пааматынньык үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Быйылгы ыһыах Чочуга Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар, Аан Дархан оһуохайдьыт, олоҥхоһут, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах гражданина С.И.Иванов — Чочу Сэмэнэ төрөөбүтэ 90 сылыгар, Иванов Василий Давыдович үйэлээх үбүлүөйүгэр ананна.
Олоҥхоһут мөссүөнүн скульптор Николай Николаевич Степанов чочуйан оҥордо. Пааматынньыгы аһыы «Үрүҥ Уолан» сынньалаҥ киинин иннитигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Маны сэргэ ыһыах кэмигэр нэһилиэк олохтоохторо Чочу Сэмэнэ «Куула хара тыаны кутуругунан булкуйа оонньуур кулан кугас аттаах Киис Бэргэн Бухатыыр» олоҥхотун толордулар.
«Олох суола» , Бүлүү