Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута

Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута

XIX үйэ иккис аҥаарыттан XX үйэ бастакы аҥаарыгар тиийэ олорон ааспыт Бороҕон улууһун аар-саарга аатырбыт олоҥхоһута Д.М. Говоров –  Олоҥхоһут Миитэрэй 2023 сылга дьоһун аата ааттанар бэлиэ кэмэ — төрөөбүтэ 175 сыла — буолан ааспыта.

Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Мии­тэрэй Бороҕон улууһун олоҥхоһуттарыттан барыларыттан ордук киэҥник биллибит, эдэр сааһыттан олоҥхоҕо уһуйуллан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһи. Тыыннааҕар үс олоҥхото суруллан, онтон иккитэ бэчээттэнэн, ССРС суруйааччыларын Сойууһугар чилиэнинэн ылыллан (1939 с.), 1934, 1938 сылларга ыытыллыбыт Саха сирин суру­йааччыларын кэмпириэнсийэтигэр ыҥырыллан олоҥхолоон уран тылынан умсугуппут улуу Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута буолар.

Төрдө-ууһа кимий-ханныгый диир буоллахха, 1934 сыллаахха Сэһэн Боло улууспутугар кэлэ сылдьан Миитэрэйтэн төрдүн-ууһун ыйыталаспытыгар Эллэйтэн саҕалаан 14-с көлүөнэҕэ тиийэ ааттаа­быт. Бииргэ бодоруһан үөскээбит үөлээннээхтэрэ этэллэринэн, иккитэ кэргэннэммит. Бастакы кэргэнэ Саһылыкаантан төрүттээх Кэтириис өлбүтүн кэнниттэн огдооботуйан Өлүөхүмэнэн, Бодойбонон, көмүс бириискэлэринэн «дьол көрдөһө» тайҕаҕа түһэн хаал­быт. Дьокуускай куоратынан Өлүөнэ арҕаа өттүнэн Өлүөхүмэҕэ тиийэ, Бүлүү сүнньүлэринээҕи улуустарынан хоту өттүн Дьаа­ҥыга, Булуҥҥа, бэл Бодойбоҕо, Аляскаҕа тиийэ «уон улууһунан долоҕойдоон, киэҥ сирдэринэн мэччийэн» үлэни батыһа сылдьан дьаамсыгынан, сирдьитинэн, балыксытынан, мас кэрдээччинэн, саһаан охсооччунан үлэлээбит. Ол былаһын тухары киэҥник тэнийэн олоҥхолообут. XX-с үйэ саҕаланыытыгар дойдутугар кэлэн Мэҥэ улууһун Маттатыттан төрүттээх Кыычыкыннар кыыстарын Марфа Кычкина диэн дьахтары сүгүннэрэн аҕалбыт.

Олоҥхолуур  үөрүйэҕи батыһа сылдьан кэрэхсээн, биһирээн истибит олоҥхоһуттарыттан иҥэринэллэрэ, оскуола оҥостоллоро. Ол курдук, олоҥхоһут Миитэрэй олоҥхоҕо уһуйуллубут, үөрэппит киһитинэн Бороҕон улууһун XIX-с үйэ аатырбыт олоҥхоһутун Уйбаан Охлопковы – Чочойбоҕу ааттыыр эбит.

Сахаттан бастакы эпосовед биһиги биир дойдулаахпыт И.В. Пухов суруйарынан, Миитэрэй 13 олоҥхону билэр эбит. Биһиэ­хэ ааттара биллэр  тоҕус олоҥхотуттан «Эрбэхтэй Бэргэнин» икки төгүл Г.В. Данилов 1930, 1942 сыллардаахха, И.М.Говоров 1938 с. суруйбуттар, Г.В. Данилов суруйбут «Эрбэхтэй Бэргэнин» П.А. Ойуунус­кай сирийэн ааҕан биһирээбит, кыра көннөрүүлэри киллэртээбит уонна олоҥхо тахсара сөптөөҕүн бэлиэтээбит. Саастарын тухары иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт олоҥхолорун оҕолорун курдук саныыллара баар суол. «Эрбэхтэй Бэргэнин» бэчээккэ бэлэмнээн үлэ­лэһэ сылдьар историческай наука кандидата В.Н. Чемезовтан: «Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эр бэрдэ, элик үтүөтэ Эрбэхтэй Бэргэн диэн уоллаах этим. Ол оҕом ханна тиий­дэҕэ буолла» диэн ыйыталаспыт. Олоҥхо оҕонньор өлбүтүн кэннэ 1942 с. «Творчество якутского народа» хомуурунньукка  толору тиэкиһинэн бэчээттэммитэ. А.Ф. Бояров олоҥхоһут тылыттан туох да эбиитэ, көҕүрэтиитэ, тупсарыыта суох олоҕурбут кэпсээн киэбинэн буолбакка, хоһоонунан суруйбут «Мүлдьү Бөҕөтө» 1938 с. туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта.

Саха олоҥхотун дириҥник ырыппыт И.В. Пухов олоҥхоһут Миитэрэй  «Мүлдьү Бөҕөтүн» сиһилии үөрэппитэ, олоҥхо сүрүн уоба­растарын киэҥник чинчийбитэ, наука эйгэтигэр таһаарбыта. Иннокентий Васильевич «Идеи и образцы олонхо «Мюльджю Сильный» диэн кандидатскай диссертация­тын ситиһиилээхтик көмүскээн, филологическай наука кандидата буолбута. Кэлин кандидатскай диссертациятын ситэрэн «Якутский героический эпос – олонхо. Основные образы» диэн монографията саха фольклористикатыгар суолу аспыт кинигэнэн буолар. Востоковед Е.С. Сидоров нууччалыы тылбааһынан  «Непобедимый Мюльджю Беге» икки кинигэнэн 2003 сыллаахха  бэчээттэммитэ. Ил Түмэн дьокутаа­та А.Н. Жирков биир дойдулааҕын олоҥхотун латинскай графикаттан сахалыы  алфавикка көһөрөн, Е.С. Сидоров тылбааһын кытта хол­боон 2010 с. икки кинигэнэн бэчээккэ таһааттарбыта.

Миитэрэй олоҥхоһутун та­һы­нан норуот былыргытын Эллэйтэн, Омоҕойтон саҕалаан, улуустар, нэһилиэктэр аҕа, ийэ уустарын төрүттэригэр тиийэ, туох эмэ бэлиэ түгэннэри хаалларбыт дьон туһунан араас сэһэннэри, үһүйээннэри, алгыстары, андаҕардары билэриттэн үөрэтиллибэккэ, суруллубакка хаалбыта элбэх буолуохтаах. Оһуохайдьыт быһыытынан улаханнык биллибэтэх киһи эрээри, 1940 с. Е.И. Говоровка этэн суруттарбыт «Мухтуйа үҥкүүтэ» архыыптан көстөн «Песни круговых танцев Саха» диэн кинигэҕэ, эмиэ ити сыл суруллубут «Кыргыс­ка киирэр алгыһа» «Саха фольклора» хомуурунньукка бэчээттэммиттэрэ. Олоҥхоһут Миитэрэй ойууннаабытын туһунан усках кэпсээннэр бааллар. Билигин Бэйдиҥэҕэ олорор 87 саастаах Иван Афанасьевич Охлопков эдэр сылдьан биир кырдьаҕастан Чыккаа ойууну уһуйбутун туһунан истибит. Саҥа саҕалаан эрэр эдэр ойуун олоҥхоһуттан араас ыарыыларга тиэрдэр суоллары сүбэлэппит, сөптөөх тойуктары, алгыстары үөрэттэрбит буолуохтаах. Хойукка диэри олорбут Чыккаа ойуун туһунан айыырҕаабыта буолан кэпсээ­бэккэлэр умнуллубут эбит. Кини кыырарын көрбүт, билэр дьон куттаммыта буолан сэһэргээбэттэр эбит, онон Чыккаа ойуун умнуллан аата эрэ ахтыллар.

Ааспыт үйэ 30-50-с сылларыгар күнүстэри тымтыктана сылдьан национализмҥа күтүрүүр репрессиялар ыар кэмнэригэр олоҥхо, оһуохай аҕырамнаан сылдьыбыт кэмнэрэ этилэр. «Норуот өстөөҕө, националист, дьоппуон үспүйүөнэ, тороскуус, куорҕаллааччы Ойуу­нус­кай» тэрийиитинэн олоҥхолоо­бут, киниттэн бириэмийэ ылбыт, алтыспыт олоҥхоһуттарга куттал суоһаан ыллаабат-туойбат, оһуохайдаабат, олоҥхолообот, Ойуунус­кай аатын да ааттаабат кэмнэрэ сабардаан тураллара. Ити кэмнэри олоҥхоһут Миитэрэйгэ уонна кини олоҥхотугар сыһыары тутан эттэххэ, «Ардьамаан Дьардьамаан уобараһынан аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары, Бүгүстээн Харанан улуу нуучча норуотун ойуулаан көрдөрбүт» норуоттар доҕордоһууларыгар күлүгү түһэрэр диэн баайсан Н. Кривошапкин диэн суруйааччы Обком аатыгар үҥсүү түһэрбит. Сэрии иннинэ Обком үҥсүүгэ кыһаллыбатах буоллаҕына, 50-с сылларга үҥсүүгэ суолта бэриллибит.

Аны иккис түгэн. П.А. Ойуунус­кай аатынан музейга И.В. Пухов архыыбыгар учуонай Обком пропагандаҕа отделыгар П.П. Неус­троевка суругун кытта билсибитим. Ити курдук, ааттаах-суоллаах олоҥхоһуппут сүдү айымньыта эккирэтиһиилээх ыарахан кэмнэргэ араас токурутуулаах өйдөбүллэри соҥнооһуннарын утарсан, И.В. Пухов саха бухатыырыныы турууласпыта.

Ханнык баҕарар айым­ньы сурукка-бичиккэ түһэриллэн бэчээттэнэн таҕыстаҕына иччитин үйэтин уһатар, кэлэр көлүөнэҕэ аатын ааттатар.  Д.М. Говоров олоҥхолоро сындааһыннаах үлэ түмүгэр сурукка тиһиллэн умнууга хаалбакка, XXI-с үйэҕэ тиийэн кэлэн өлбөт-сүппэт үйэлээбиттэригэр суруйбут дьоҥҥо махтаныах кэриҥнээхпит. Онон түмүктээн эттэххэ, Д.М. Говоров олоҥхото суруллан, үөрэтиллэн наука киэҥ эйгэтигэр тахсан,  документальнай киинэ уһуллан, театральнай искусство көрүҥүнэн дьүһүйүллэн, үтүө аата үйэлэри уҥуордуу туруоҕа.

Мария Сивцева, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,

Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Поделитесь этой страницей