Олоҥхо утума салҕанарын кэрэһитэ - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҥхо утума салҕанарын кэрэһитэ

Олоҥхо утума салҕанарын кэрэһитэ

РФ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Никитична Иванованы кытта олоҥхо эйгэтигэр бииргэ алтыһан үлэлээбитим ыраатта. Кини улууспутугар  ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи  Олоҥхо ыһыаҕар тэрийэр бөлөххө киирэн, “Мүлдьү Бөҕө” олоҥхо­ну сиһилии үөрэтэн, ыһыах айым­ньытыгар туруорууга, кини ыһыах аһыллыытын-сабыллыытын сценарийын суру­йууга сценаристар бөлөхтөрүгэр үлэлээбитэ, хоһооннорун тыла сценарийы байыппыта.

Биһиги улууспутун иккис дойду оҥостубут ытык-мааны киһибит Галина Иванова – Айтыына айар аартыга арыллан, “Элэмэс аттаах Эрэли бухатыыр” олоҥхону суру­йан, 2017 сыллаахха кинигэ гынан күн сирин көрдөрдө.

Галина Никитична күн сирин көрбүт сирэ норуот төрүт култууратын, үтүө үгэһин түөрэҕэ түстэммит, Олоҥхо дойдута диэн ааттанар Сунтаар улууһа. Түһүлгэлээх ыһыахтаах, тохтор тойуктаах дьонноох дойдуга үөскээн, уран тылга уһуйуллан, үс кутугар иҥэринэ сылдьыбыта. Олоҥхо биһигэ буол­бут Уус Алдаҥҥа олохсуйан, айар аартыга аһыллан, оҕолорго тэттик хоһоонноруттан, чабырҕахтарыттан, остуоруйаларыттан саҕа­лаан суруйуу чыпчаалыгар тиийэн олонхону суруйдаҕа.

Иккис төрүөтэ удьуорун утумнаабыта буолар. Ол курдук өбүгэ эһэтэ Улуу Чохороон кинээс аймаҕар бэйэлэрин кэмнэригэр олоҥхоһуттар Аппанаас Трофимов, тохтор тойуктаах, оһуохайдьыт Кугас Омукчаан бааллара биллэр. Галина Никитична аҕата Никита Иванов уран тыл ууһа – Сээркээн  сэһэнньит буолан, кыыһа аҕатын утумнаабыт диирбит тоҕоостоох.

Аны өссө биир төрүөтүнэн эдэр сылдьан Сунтаар улууһун чулуу тойуксуттарын Екатерина Захарованы, Николай Тимофеевы, Александра Васильеваны, олоҥхону толорооччулар Прокопий Кириллины, Трофим Павловы кытта бииргэ фольклор бастакы фестивалыгар Бүлүү куоратыгар кыттыбыта. Сергей Зверев “Улуу Москваны уруйдуубут” тойугун тэҥҥэ туран туойсубута буолар.

Педагог быһыытынан национальнай оскуоланы саҥардан са­йыннарыы концепциятын олоххо киллэриигэ сүдү кылаатын киллэрбитэ. Оҕо саадын оҕолоругар фольклору үөрэтиини, олоҥхону билиһиннэриини аан маҥнай саҕалаабыта, ол курдук “Сарыал” оҕо саа­дыгар сэбиэдиссэйдии сылдьан “Ньургун Боотур” олоҥхону оҕолор толорууларыгар туруортарбыта. “Саха фольклора” (1993 с.) тахсыбыта, кини автордарыттан биир­дэстэрэ,  кинигэ методическай пособие буолан туһалыы сылдьар.

Олоҥхону үөрэтиигэ, үйэтитии­гэ үлэлэһэн, Москваҕа бүтүн Рос­сиятааҕы Вернадскай ааҕыыларга “Изучение древо саха – Аал Луук мас” дакылаатынан икки оҕону кытыннаран, лауреат буолалларын ситиспитэ.

Олоҥхо дьиэтин кытта ыкса сибээстээхтик үлэ­лиир. Хас олоҥхо декадатын аайы уһу­йааннарга, ос­куолаҕа анал бырайыагынан “Олоҥхо эйгэтэ”, “Олоҥхоҕо ыалдьыттааһын” диэн олоҥхону билиһиннэ­риигэ, тарҕатыыга үлэ­­лэ­һэр.

Галина Никитична – Ай­тыына “Урааҥ­хай ууту­йан үөскээбит дой­дута” диэн улуус визиткатын олоҥхонон дьүһүйүүтэ төрөөбүт түөлбэни таптыырга, киэн туттууга, пат­риотическай тыыҥҥа иитэр суолталаах буолан, 2017 сыллаахха Дьокуускайга Саха театрыгар улуус күннэрин аһыллыытыгар толоруллан, дьон биһирэбилин ылбыта. Онтон ыла, улуус араас тэрээһиннэригэр араас коллективтар сөбүлээн толороллор. “Элэмэс аттаах Эрэли Бухатыыр” аныгы кэм уратытыгар тохтуох­пун баҕарабын. Манна икки игирэ уолат­тар төрүүллэр, биирин Үөһээ Айыы Тойон ылан иитэрэ, бухатыыр буолан дьонун-сэргэтин көмүскүү түһэрэ, Мэнэрик эмээх­син уобараһа, ап­таах таас уобара­һа саҥа аныгы олоҥхо тыынын биэрэр. Байҕал анныгар баар цивилизация ойууланара эмиэ олоҥхо ис хоһоонун байытар, ааҕааччыны толкуйдатар. Онон Галина Иванова – Айтыына олоҥхото сиппит-хоппут, хомоҕой баай тыл­лаах буолан, ааҕааччыны тардар айымньы.

Олоҥхону аныгы кэмҥэ суруйбут, олоҥхо айааччылары саҥа тахсыахтаах Олоҥхо энциклопедиятыгар туспа салаа арыйан, аныгы кэм олоҥхону айаач­чыларын ааттарын, олоҥхолорун сырдатарга болҕомтону уурарга. Ол, олоҥхо утума салҕанарын кэрэһитэ, сайдарын туоһута.

Марфа Алексеева, “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин салайааччыта

Поделитесь этой страницей